Таптал баар буолан. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Таптал баар буолан - Татьяна Находкина страница 5
Тыл тылтан төрөөн кыыһырсыах дьон, учууталлар киирбиттэриттэн тыл бырахсалларын тохтоттулар.
– Нина Иннокентьевна, Тимофей Сметанин үбүлүөйүгэр анаан ыытыллар кэтэхтэн республиканскай олимпиадаҕа тугунан кыттаҕын? – Роза Алексеевна ыйытар.
– Өйтөн суруйууга, айар дьоҕурга уонна тылбааска кыттабыт. Сарсын бэлэмнээн ыытыам, – Нина Иннокентьевна тоҥуйдук эппиэттээт, тахсан барбытын учууталлар соһуйбуттуу батыһа көрөн хааллылар.
Нина Иннокентьевна кылааска киирбитигэр оҕолор тугу эрэ быһаарсан күйгүөрэ туран чуумпуран хааллылар. Сэрэйбит сэрэх, ол иһин математика учуутала олус кыыһыран тахсыбыта. Онон “этиҥнээх ардах түһүөхтээҕин” сэрэйбиттэрэ. Кылаастарын салайааччыта сылайбыт көрүҥнээх, саҥата суох олоппоһун тыастаахтык көннөрө анньан баран олорунан кэбистэ.
– Оскуоланы бүтэрэргит бу кэллэ. Оруобуна биир ыйынан бүтэһик чуорааҥҥыт буолар, онтон тута экзамеҥҥыт саҕаланар. Эһиги буоллаҕына, күн бүгүнүгэр диэри үөрэҕи аанньа ахтыбаккыт, суругунан үлэҕэ күргүөмүнэн куһаҕан сыананы ылаҕыт, Борискыт олох да кылаастан тахсан барбыт. Эһиги табаарыскытын, буойуоххутун билиминэ, өйөөбүккүт. Уопсайынан, Борис үөрэҕин түмүктээбэтигэр тиийдэ.
– Тоҕо түмүктүө суоҕай?! Учууталлар бары, ордук Елена Семеновна, наар Бористан иҥнэн тахсаллар. Кэргэн эрэ ыларгын саныы олороҕун диэн иһэллэр, – оҕолор бэрээдэгэ суох саҥаран аймана түстүлэр. – Бэйэтэ эрдэттэн кыыһыран киирбит этэ. Уруогу быһа бииртэн бииргэ иҥнэн испитэ. Куруутун биир кэлим экзаменынан куттуур, көрүөхпүт диэн иһэр.
– Үөрэххитигэр кыһаммаккыт иһин кыһыйан саҥарар. Бориһы мөҕөрө сөп, икки ыйы тулуйа түстүн ээ, бастаан илиитигэр аттестат ылан, үөрэххэ киирдин. Үөрэҕин кыайбат эрээри эбии үөрэххэ сылдьыбат, улахан киһи курдук тутта-хапта сылдьара төһө сөптөөҕүй? Ону мин да сөбүлээбэппин, – Нина Иннокентьевна педагог этикатын тутуһан, оҕолор учууталларын буруйдуур тылларын тохтоторго быһаарынар.
Арай Мила эрэ кэпсэтиигэ кыттыспакка, умса туттан, физика учебнигын көрбүтэ буола олордо. Кини Борис туһунан кэпсэтиини олох сөбүлээбэт, бэрт түргэнник оскуоланы бүтэрэн мантан бара эрэ охсуон баҕарар. Бастакы туҥуй тапталым маннык эрэ түмүктэниэ диэн күүппэтэх буолан, олус дууһата туоххаһыйда, сүрэҕэ ытаата. Баҕар, кини анала, дьылҕата, этэллэрин курдук, ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуйуллар Сэргэлээххэ буолуо. Бу соторутааҕыта “Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!” диэн кинигэни аахпыта. Урут да Сэргэлээх туһунан истэрэ. Оттон билигин үөрэх уонна таптал уйата диир Сэргэлээхтэригэр тиийиэн, студенческай олоҕу билиэн-көрүөн, оскуолатааҕы тапталын Бориһы түргэнник умна охсуон баҕарар.
– Оо, эмиэ курус санааҕар куустаран олороҕун дуу? – диэн саҥаттан өрө көрө түстэ. Нарыйа кэккэлэһэ олорон дьүөгэтин санныттан кууста. – Киэһэ дискотекаҕа кэлэр инигин? Биһиги Мариналыын сылдьыах буолбуппут. Эн тоҕо