Таптал баар буолан. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптал баар буолан - Татьяна Находкина страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таптал баар буолан - Татьяна Находкина

Скачать книгу

тараҥнаппыт эр киһитэ… Ийэтэ эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан суох буолуоҕуттан ордук тулаайахсыйда. Ийэтэ тыыннааҕар төрөппүттэрин дьиэтиттэн арахпат этэ. Талбытынан аһаан-сиэн кэлэрэ. Аҕата эрэйдээх билигин дьиэтигэр соҕотоҕун олорор. Эмээхсин өллөҕүн утаа ыҥыра сылдьыбыттарын оҕонньор сөбүлээбэтэҕэ. “Кыанарым тухары бэйэм олоруом. Уһаайбабын өтөхсүтүөхпүн баҕарбаппын”, – диэбитэ да, дьиҥинэн ис санаата атын, дьиэбин кинилэр ылыахтара диэн көҥөнөн сордонор.

      Оттон Коля бэйэтэ эмиэ аҕатынаан бииргэ олоруон баҕарбат аатырар. “Наһаа бириинчик. Сүгүн олордуо суоҕа. Ийэм тулуйбутун иһин атын киһи мээнэ тулуйбат оҕонньоро” диэн тыллаах. Коля бэйэтэ эмиэ үүт-үкчү аҕатын курдук характердаах. Ийэлэрэ оҕонньордоох уолун олус бүөбэйдээн, кинилэр баҕаларын эрэ толорор туһугар олох олороохтообут. Оҕонньор кэриэс сурук суруйан нотариуска биэрбит сурахтааҕа. Дьиэтин-уотун, туох баар баайын-дуолун кийиитигэр Анна Алексеевнаҕа анаабыт. Ону истэн баран Коля бэркэ сэргии истибитэ. “Ол хас дьиэлэнэллэр?” диэн Нина тыл быктарбытыгар: “Сахаянушкаҕа биир дьиэни тутар инибин”, – диэбитэ. Уопсайынан, дьонун, оҕолорун туһунан кэпсэтэри олох сөбүлээбэт. Бэйэтэ биирдэ эмит кэпсээтэҕинэ, онно кыттыстаххына, кэлин тиһэҕэр буруйдаах эн буолаҕын.

      Нина Аркадьевна санаатыгар аралдьыйан балыыһатыгар кэлбитин билбэккэ хаалла. Халаатын саҥа кэтэн тимэхтэнэ турдаҕына, Мария Константиновна киирэн кэллэ.

      – Нина Аркадьевна, билигин аҕай эрийдилэр. Аҕаҕыт улаханнык ыалдьыбыт. Таһырдьа охтон хаалбыт үһү. Бара сырыт. Оҕолорго Анастасия сылдьыаҕа, – Мария Константиновна “һуу-һаа” буолбакка, бэрт холкутук саҥарар. – Арааһа, Уйбаан Вератын кэнниттэн уһаамаары гынна, 43 сыл бииргэ олох олорбут киһитин суохтаатаҕа.

      Нина Аркадьевна наадалаах буолуо диэбит система туруорар, укуол эмтэрин суумкатыгар уктан сып-сап туттан түргэн хаамыынан тахсан барда. Үрдүк кирилиэстээх терраса күөх кыраасканан кыһамньылаахтык сотуллубут аанын тэлэччи аһан дьиэҕэ киирдилэр. Оҕонньор саалаҕа дьыбааҥҥа сытар, тыын былдьаһан эп-эппэҥнэс. Сүрэҕэ сип-сибилигин уһулу тэбэн тахсыах курдук тип-тиҥиргэс. Нина сиэстэрэтинээн түргэн соҕустук система туруорбутунан бараллар.

      – Уоскуйа сатаа, үчүгэй буолуоҕуҥ. Арыый буоллаххына, улуус киинигэр киллэриэхпит. Билигин “Суһал көмөнү” ыҥырыам, – Нина төһө кыалларынан оҕонньору уоскута сатаата. – Инфаркт, инсульт суох, давлениеҥ олус тахсыбыт, 190 буолбут. Билигин сыыйа түһүөҕэ.

      Уйбаан суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, дьон абааһы көрөр, хаһан өлөрбүн кэтиир киһилэрэ буолуом диэн куттанара. Ол иһин эмээхсинин курдук хаама сылдьан тута охтон түһээт сүрэҕинэн өлөр баҕалааҕа. Ким ыҥырбыта эбитэ буолла, Анна Алексеевна хайыы-үйэҕэ кэлэн, дьиэлээх киһилии барытын дьаһайан, оҕонньор таҥаһын-сабын уларытан, балыыһаҕа тугу илдьиэхтээҕин булан бэлэмнээбит. Ол тухары Ниналыын кэпсэппэт, отур-ботур оҕонньордуун эрэ кэпсэтэр. Улуус балыыһатыгар сиэстэрэ кыыстыын Анна Алексеевна барсар буолла. “Суһал көмө” кэлиитигэр

Скачать книгу