Таптал баар буолан. Татьяна Находкина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Таптал баар буолан - Татьяна Находкина страница 6

Жанр:
Серия:
Издательство:
Таптал баар буолан - Татьяна Находкина

Скачать книгу

быһыытынан оҕолоро үөрэнэллэригэр көмөлөһөн буруйгут чэпчиир ини. Мантан барыҥ диир быраабым суох, тылым да тахсыбат”, – диэбитэ ачыкытын үрдүнэн көрө-көрө. “Оччоҕо хайдах буолабын?” – диэбитигэр, “ыал олоҕун аймаабытыҥ бэйэҥ суобаскар хаалар. Аны хайыаххыный, алдьаммыт иһити самсаан саҥатыгар түһэрбэттэр”, – диэн хардарбыта. Истэргэ ыарахан этэ.

      Аҕалара хоһуттан тыаһа-ууһа суох тахсан остуолга олорбутугар тэриэлкэни толору борщтаах миини кутан иннигэр уурда.

      – Туох сонуннанныҥ? – Нина саҥата суох олоруохтааҕар ыйыппыта буолла.

      – Суох. Арай үлэбиттэн кэлэн иһэн кыргыттарбын көрдүм. Нарыйа утары иһэрбин көрөөт, суол нөҥүө туораата, оттон Машам соторутааҥҥыга диэри “паапа, харчылааххын дуо? Ону ылабын-маны ылабын, итиннэ биэрэрдээхпин” диир бэйэтэ кыргыттарын кытта кэпсэппитэ буолан, олох мин диэки хайыһан көрбөккө ааста. Чэ, баҕар, Нарыйа буоллун даҕаны, уруккуттан итинник, Машенькаттан соһуйдум, – Николай хап-хара хойуу хааһын сөбүлээбэтэҕинэ буоларыныы түрдэһиннэрэн, миинин иһэрин быыһыгар кэпсээтэ.

      – Машаҥ улааттаҕа дии, хайыы-үйэҕэ төрдүс кылааһы бүтэрэн эрэр. Эдьиийэ Нарыйа утары туруоран эрдэҕэ, – Нина саҥаран баран иһигэр кэмсинэ санаата, дьиҥинэн, кини баҕас кыттыһыа суохтааҕа, саҥарбакка истэн кэбистэҕинэ да тугуй?

      – Ол эн кыһалҕаҥ буолбатах, – Николай сэрэйбитин курдук сөбүлээбэтэҕин биллэрэн тэриэлкэтин антах аста уонна туран төрөппүттэрин көрө-көрө үөрэн-көтөн даллараҥныыр кыыһын көтөҕөн саалаҕа ааста. Телевизоры холбуур тыаһа иһилиннэ. Дьэ ити баар, төһө эмэ ыал буолалларыгар “бэйэм буруйдаахпын, дьоммунан, оҕолорбунан хаһан да сирэй-харах анньыам суоҕа” диэн элэ-была тылын этэн баран, кэлин наар кини буруйдаах курдук буолла. Маннык киҥ-татыа олохтоннохторуна, төһө уһуннук ыал буолан чэчирииллэр. Кэлин Сахаянушкалара эрэ холботолуур курдук. Эбиитин өссө арыгыны амтаһыйар буолла. Билиҥҥитэ дьонтон кистээн иһэр, сороҕор түүнү быһа сыппайар. Нэдиэлэҕэ хайаан да биирдэ-иккитэ холуочуйуор диэри иһэр, кэлин өссө ылларан иһиэ турдаҕа. Ону кини Коля аҕатыттан, атын дьонтон кистиир. Мааны ыал соҕотох уолларын олоҕун алдьаппыт кини аатырыа. Уолларын таптыыллара бэрдиттэн, бэл оҕолорун хаалларан, иккиһин дьиэ кэргэн тэриммитигэр саҥарбатахтара. Онтон барыта биллибитин кэннэ Анна Алексеевна киниэхэ кэлэ сылдьан эппитэ: “Киһигин хара маҥнайгыттан кытаанахтык тут. Үс оҕолоох сааһырбыт киһи диэтэххэ өйө-санаата ситэ илик эдэр киһи курдук уолҕамчы, атааҕа бэрт. Төрөппүттэригэр соҕотох маанылаах оҕо буолан, күннээххэ дьиэтиттэн быкпатах, тыаллаахха таһырдьа тахсыбатах киһи. Миэхэ улахан оҕом курдук сылдьыбыта. Эйигин таптаатым диэн барда, онон баҕар уларыйыаҕа. Эр киһини дьахтар эрэ тапталынан дьиэҕэр туппат эбиккин. Миэхэ олорбутун курдук бэлэм олоҕу эйигиттэн эрэйбэтэҕинэ үчүгэйдик олоруоххут. Оттон урукку олоҕун суохтаатаҕына, бырастыы гын, киһи аатыттан ааһыаҕа, – диэбитэ. Итинэн тугу эппитэ буолла? Ити Анна Алексеевналыын

Скачать книгу