Таптал баар буолан. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Таптал баар буолан - Татьяна Находкина страница 10
Эбээтэ утуйа сытарынан туһанан хоско киирэн, суруктары көрдүүргэ быһаарынна. Шифоньеры барытын тоҕо сүргэйэн хомуйан киирэн барда. Саамай үөһээ бэргэһэ уурар полкаттан целлофан бакыакка кичэллээхтик угуллубут суруктары олус түргэнник булан бэйэтэ да соһуйда. Алта кэмбиэр. Бастакы сурук быһыылаах диэн саамай саһарбыт кэмбиэртэн саҕалаата. … Бүтэһик суругу ааҕан баран, кыыс туох эрэ кирдээххэ умньаммыт курдук сананна. Бу кирдээх суруктары ийэтэ кэлиэн иннинэ суох гынарга быһаарынна. Таһырдьа тахсан мас көтөҕөн киллэрэн, оһоҕун оттоору оҥоһунна. Эбээтэ айаккалаан-дьойокколоон туран олоппос аҕалан оһоххо көхсүнэн иттэ олордо.
– Тоҕо оһоххун эрдэ отуннуҥ? Биэс буолла дуо? – эмээхсин сөтөллөн хахсыйарын быыһыгар ыйытар.
– Бэйэм. Күөс күөстэнэр кэмэ чугаһаата буолбатах дуо? “Клон” оруобуна сэттэҕэ буолар. Ол саҕана аһыа этибит. Оттон эн тоҕо турдуҥ? Сыта түһүөххүн, – Марина эбээтигэр мэһэйдэтэн, оһоҕо умайан күүдэпчилэнэрин кытта туран, хоһугар киирэн хаалла. Суруктары халаатын сиэбиттэн ылан сыттыгын анныгар аста. Аҕалара буолуохсут ийэлэрин сырдык тапталын 18 сыл устата албынныы-түөкэйдии сылдьар эбит, ийэтэ тапталыттан икки хараҕын үүтэ бүөлэнэн эр киһи албын тапталын баччааҥҥа диэри сырдык ыра санаа оҥостон илдьэ сырыттаҕа. Ол киһибит иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыт, кинилэртэн уолаттардааҕын, олоҕор табыллыбатаҕын суланан суруйар. Бастакы кэргэниттэн сокуонунан арахсыбакка сылдьан, иккиһин кэргэннэммит. Аны кэлин ийэбин “кэл” диэн ыҥырар идэлэммит. Өссө икки оҕолоохпут буолбат дуо диэн соҥноммут. Тохтуо ээ, иитиэхтээҕэр хараҕар да көрбөккө сылдьан аҕа эҥин буолан күндүмсүйбэтин. Ийэтэ барахсан барытын сүрэҕинэн-быарынан ылынан, күн ахсын саҥатыттан-иҥэтиттэн матан, иинэн-хатан иһээхтиир. “Таптал хараҕа суох” дииллэрэ кырдьык буолан тахсар. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, агроном үөрэхтээх, Андрей Владимирович ийэлэрин оскуолаҕа бииргэ үөрэммит сылларыттан күн бүгүнүгэр диэри сөбүлүүр дииллэр. Олус сымнаҕас, үлэһит, киһи киэнэ кэрэмэһэ. “Андрейга кэргэн таҕыс. Сотору оҕолоруҥ улаатан барыахтара-кэлиэхтэрэ. Мин бу сиргэ букатын кэлбэтэҕим. Утарыта көрсөн олорон чэйдиир да киһиҥ суох буолуо, соҕотохсуйуоҥ. Холбосторгут, баҕар, оҕолонуоххут даҕаны”, – диэн эбээлэрэ бу кыһыны быһа ньаҥсыйда. Марина ону өһүргэнэ истэрэ, билигин суруктары ааҕан баран, ийэтэ дьахтар быһыытынан дьоло суоҕун оҕолуу дууһатынан өйдөөтө. Ийэтэ эрэйдээх кинини таптыыр киһилиин өйөһөн-убаһан хойутаан да буоллар дьоллоохтук олороро тоҕо табыллыбатый? Дьиҥинэн, кини