Таптал баар буолан. Татьяна Находкина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Таптал баар буолан - Татьяна Находкина страница 11
– Чэ эбээ, бүтүөххэ. Эйиигин собуоттуохха эрэ кэрэх, аны туох да тохтоппот, – кыыс эбээтин быһа түһэр. – Бу суруктары ийэм кэлиэн иннинэ уоттуохпун баҕарбытым, аны хайыыбын?
– Кэбиис, уоттаама… Киһи дууһатын уоттаабыт курдук буолуоҥ. Ол иһин дьаһалымсыйан оһох оттубут эбиккин дии… – эмээхсин аны кырдьык уоттуо диэн куттанан, суруктары сиэниттэн ыла охсоору орон диэки харбыалаһан истэҕинэ, кыыс өрүсүһэн сыттыгын анныттан ылан кум-хам тутан халаатын сиэбигэр анньыталаата. Эмээхсин кураанах салгыны эрэ харбыалаһан хаалла.
– Көр, эбээ, 20-чэ сыл устата баара-суоҕа алта сурук, олус да бу суруктарынан олорботор. Оттон биһиги, алҕас күн сиригэр баар буолбут оҕолор, дьылҕабытыгар ким кыһанарый? Аҕабыт буолуохсут биһиги баарбытыгар-суохпутугар олох наадыйбат, бу суруктарга ахтан да ааспатах. Оттон ийэбит бу киһийдэх хаһан ыҥырарын кэлтэй кэтээн олоҕун бараан эрэр. Бирээмэ кинилэр тапталларын туһунан поэма суруйуохха сөп, – кыыс кыһыйан-абаран кытаанахтык саҥарталаан баран, хоһун аанын тэлэччи аһан саалаҕа биирдэ баар буолаат, соһуйан, бэл кэннинэн чугуруҥнаата. Ийэтэ тас таҥаһын устубакка, сирэйэ кубарыйыаҕынан кубарыйан баран саала ортотугар турар, дьонун саҥатын истибит быһыылаах. Кэнниттэн эбээтэ эмиэ мөҕүттэ-мөҕүттэ тахсан иһэн кыыһын көрөн тэпсэҥнээмэхтээн ылла. Марина киһи эрэ буоллар, ийэтиттэн салла санаата, халаатын сиэбиттэн суруктары ылан остуолга уурталаата.
– Быһаарыммытыҥ курдук оҥор, умат, – бэйэтэ да аҕыйах саҥалаах ийэтэ быһыта баттаан саҥараат, хоһугар киирэн аанын лип гына сабан кэбистэ.
– Хайыыбыт? – Марина көмө эрэйэрдии эбээтин диэки хайыста.
– Умат, уматаары бэркэ өрөһөлөммүтүҥ дии уонна ол өйө-төйө суох киһи суруйбут суруктара биһиэхэ сүүрбэччэ сылы быһа кэриэс буола сырыттаҕай, – эмээхсин кыыһыгар иһитиннэрээри соруйан улаханнык саҥара-саҥара күөс бэлэмнээри иһити-хомуоһу тыаһаппытынан барда.
Ити кэмҥэ Елена сыттыгын түөһүгэр ыга кууһан дьиэтин өһүөтүн одуулаһа сытта. Кини дьоно кэпсэтэллэрин барытын истибитэ. Кырдьык, кыыһа эппитинии кини сүүрбэччэ сыл “таптал кулута” буолла. Григорийы кытта куоракка педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибитэ. Уол университекка тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар зоотехник идэтигэр үөрэнэрэ. Таптыыр курдуга. “Кэргэн таҕыс” диэн хаайара. Елена оҕо эрдэҕиттэн кытаанах иитиилээҕэ. “Кэргэнэ суох оҕолонуу – саат-суут, бэйэҥ да ааккын-суолгун, аймах да аатын-суолун үйэлэргэ киртитии буолар. Биһиги аймахха кыыһынан оҕоломмут суох”, – диэн ийэтин мээритэ кыыс өйүгэр-санаатыгар кытаанахтык иҥэн хаалбыта уоллаах кыыс сыһыаннарыгар улахан мэһэйдэри үөскэппитэ. Елена уолу олох чугаһаппатаҕа. Оттон Григорий сымала курдук сыстан баран арахпатаҕа. “Төрөппүттэрим сөбүлээтэхтэринэ эрэ холбоһуохпут” диэбитигэр, “хайаан да сөбүлэҥнэрин ылан тэйиэм” диэн ааттаан саас биир субуотаҕа батыһан тахсыбыта. Дьоно соһуйбуттара ахан. Ыйыталаһан уол төрдүн-ууһун