Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи соҕотох сүрэхтээх… - Петр Захаров страница 4
Сүрэх былыргы итэҕэлгэ уонна сиэргэ-туомҥа
– Эн хоруол буоллаххына, коронаҥ ханна баарый?
– Кини – мин сүрэхпэр, таспыттан көстүбэт.
Лукреция сүрэҕэ. Былыргы номохторго уонна үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, римляннарга Лукреция – биллиилээх патрицийдартан төрүттээх байылыат олохтоох кырасаабысса. Кини кэргэнэ Коллатин – Луций Тарквиний Суперба диэн Рим ыраахтааҕытын тастыҥ быраата. Лукреция дьон ортотугар кынчаалынан сүрэххэ анньынан өлбүтэ. Бу түбэлтэ Рим монархията эстэр төрүөтүнэн буолбута. Тарквиний тронуттан тэбиллибитэ, Римтэн үүрүллүбүтэ. Бу устуоруйа ис хоһооно маннык.
Ардея анныгар эйэлэһии кэмигэр ыраахтааҕы уола Секст уонна кини биир санаалаахтарын, доҕотторун икки ардыларыгар кинилэр сэриилэһэр кэмнэригэр ойохторо тугунан дьарыктаналларын туһунан мөккүөр үөскүүр. Коллатин, Лукреция эрэ, кинилэр ойохторо төһө эрэллээхтэрин билэр туһуттан Сексты суһаллык Римҥэ бар диэбит. Лукреция олус кыраһыабай уонна үлэһит. Таҥас тигэрэ, баайара. Секст киниттэн өйүн сүтэриэр диэри тутулуктаммыт, кинини баһылыан баҕарбыт. Хас да хонон баран, Коллатин суох кэмигэр, бары утуйа сыттахтарына, кини Лукреция утуйар хоһугар киирэн, «өлөрүөм» диэн куттаан туран күүһүлээбит. Аныгыскы күнүгэр Лукреция дьиэтигэр аҕатын уонна хас да чугас дьонун ыҥырбыт, туох буолбутун кэпсээбит (олор истэригэр Луций Юний Брут баар) уонна кынчаалы ылан сүрэҕэр батары анньыммыт. Брут иэстэһиэм диэн андаҕайбыт уонна Римҥэ ыраахтааҕы былааһын сууһарбыт, өрөспүүбүлүкэни олохтообут. Бу быһыы хас да үйэлэр усталарыгар римляннарга бэриниилээх уонна үлэһит буолууну туоһулуур бэлиэнэн буолбут. Оттон Лукреция уһуйуллан дьүһүйүллүбүт быһыыта-таһаата 1594 сыллаахха Шекспир «Лукреция» диэн поэматыгар хоһуйуллубута, ону тэҥэ биллиилээх худуоһунньуктар Тициан «Лукреция бэйэтигэр тиийиниитэ» уонна Рембранд ван Рейн «Лукреция» диэн айымньыларыгар үйэтитиллибитэ. 83,5х180 см кээмэйдээх улахан хартыынаҕа Сандро Боттичелли (1445–1510) Лукрецияны чаҕылхайдык дьүһүйэн ойуулаабыта.
Настаджо дельи Онести туһунан, түөс иһиттэн быһа тардыллан ылыллыбыт уонна ыттарга сиэтиллибит сүрэх туһунан бэрт кэрэхсэбиллээх номох баар. «Декамерон» диэн Джованни Боккаччо (1313–1375) айымньытыгар «хара өлүү» кэмигэр 1348 сыллаахха үс уол уонна үс кыыс Флоренция таһыгар баар сиргэ
9
Кисть