Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Киһи соҕотох сүрэхтээх… - Петр Захаров страница 6
Cүрэх ыарыыларын эмтээһин эволюцията
Түҥ былыргыттан, өссө ацтектар кэмнэрин саҕаттан, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар уolloxochif – «сүрэх сибэккитэ» от сэбирдэхтэрин туһаналлара. Европа олохтоохторугар, Америка арыллыбытын кэннэ, түөс иһигэр үөдүйэр ыарыыларга хинин уонна ипекакуана эмтэри аныыллара. Кэлин бу эмтэр, сүнньүнэн, малярия уонна куртах ыарыыларыгар туттуллубуттара. Америкаттан төрүттээх мате чэй, батат, какао, о.д.а. бородуукталар түөс ыарыыларыгар туттуллар буолбуттара.
Чеснок «сүрэххэ» аналлаах тума быһыытынан биллэр. Сүрэх-тымыр ыарыыларыгар олус киэҥник араас норуоттар хас эмэ үйэлэр усталарыгар туттубуттара. Отут биэс үйэ анараа өттүгэр суруллубут папируска (Эберс) чеснок сүрэх ыарыыларын тэҥэ араас искэннэри, быһа ытыттарыылары эмтээһиҥҥэ уонна илиистиги түһэриигэ туттуллара ыйыллар. Гректэр (Гиппократ) уонна римляннар (Улахан Плиний) чесногунан эмтэнэн үтүөрүүнү олус өрө туталлар этэ. Аюрведическэй медицина аҕата Чарака (биһиги э.и. 3000 с. анараа өттүгэр) чеснок хаан эргиирин тупсарар уонна сүрэх үтүө туруктаах буоларыгар көмөлөһөр диирэ.
Сүрэх «дийиэтэтэ» диэн тугу этэбитий? Түҥ былыргы кэмнэртэн дийиэтэни уларытыы киһи эмтэнэригэр да, араас ыарыылар үөдүйүүлэрин уҕарытыыга да туһалааҕын туһунан этэллэрэ. Ол эрээри XX үйэ ортотун диэки эрэ сүрэх-тымыр ыарыыларыгар сөп түбэһэр дийиэтэлэр оҥоһуллубуттара. 1944 сылаахха Kempner рис, фрукта арааһа уонна сок састааптаах сууккаҕа 2000 калорий эниэргийэни биэрэр дийиэтэни оҥорбута. Бу дийиэтэ натрийы 150 мл, белогу – 20 г, сыаны – 5 г диэри хааччахтыыр. Натрий ас састаабыгар олох кыра буолан, бу дийиэтэ хаан баттааһынын бэркэ түһэрэр. Ол эрээри маннык дийиэтэни, ас амтана соччото суох буолан, тутуһар олус уустук. Онон бу ньыма соччо көдьүүһэ суох буолбута. Билигин сүрэх ыарыытыттан көрөн ананар дийиэтэ арааһа балачча элбэх.
Сүрэх тымырдарын ыарыытын 12 эмтээһин
Түөс иһигэр баар ыарыылары өссө Ассирияҕа, Вавилоҥҥа, хойутуу Египеккэ эмтииллэр этэ. Оччолорго ыарыһахтары харамайдар эттиктэриттэн оҥоһуллубут эминэн13 эмтииллэрэ – мүөтүнэн, сыанан, хаанынан, о.д.а. Ону таһынан араас оттору туһаналлара. Сүнньүнэн, маас оҥорон, ыарыһах түөһүн ньалҕаарыччы сотоллоро, алыптаммыт (ритуальнай) дьайыыларынан доҕуһуоллууллара.
Былыргы Грецияҕа ыарыһаҕы массаастыыллара, кыһыл арыгыны иһэрдэллэрэ, дьаныһан сиэкиһинэн дьарыктаныыны сүбэлииллэрэ. Араб дойдуларыгар медицина сайдыбытын кэннэ, 1000 с. диэки, арыгыны туһаныы кутталлааҕын быһаарбыттара эрээри, арыгы ыарыыны мүлүрүтэр ньыма быһыытынан син биир туттуллара. Гректэр уонна римляннар стенокардия туһунан билэллэр этэ. Ыарахан туруктаах инфарктаабыт киһини оччолорго ас киирэр суола14 ангиналаабыт дииллэрэ. Маннык ыарыылаах киһини
12
Ишемическая болезнь сердца
13
Лекарство животного происхождения
14
Пищевод