Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи соҕотох сүрэхтээх… - Петр Захаров страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи соҕотох сүрэхтээх… - Петр Захаров

Скачать книгу

туһаныллаллар. XXI үйэ саҕаланыаҕыттан атеросклероһу эмтээһиҥҥэ саҥа ньымалар, ону тэҥэ сүрэх-тымыр ыарыыларын үөдүтэр метаболическай синдромнары чинчийиилэр элбээтилэр (дислипидемия, абдоминальнай уойуу, хааҥҥа глюкоза мунньуллуутун таһыма кэһиллиитэ уонна артериальнай гипертензия). Аныгы үйэҕэ метаболическай синдром тарҕаныыта, сахарнай диабеттыын ханыылаһан, ордук орто саастаах дьоҥҥо сүрэх-тымыр ыарыыларын үөскэтэр диэн быһаарылынна.

      Хирургическай практика саҕаланыыта уонна билиҥҥи ньымалар

      Былыр сүрэҕи эпэрээссийэлиир түгэннэрэ эмиэ бааллара. Аһаҕас сүрэххэ маҥнайгы эпэрээссийэлэр өссө биһиги э.и. 400 сыллаахха оҥоһуллубуттара биллэр. Ол эрээри бастакы эпэрээссийэни ситиһиилээхтик XIX үйэ ортотугар оҥорбуттара. Эпэрээссийэ кэмигэр былыргы Греция быраастара аорта уонна тыҥа артериятын кылаапаннара хайдах үлэлииллэрин болҕойон көрөллөрө. Билии мөлтөх уонна технология суох буолан, сүрэх эпэрээссийэтэ уһун үйэлэргэ кыайан сайдыбатаҕа. Арай XIX үйэ ортотугар анестетиктары уонна уопсай анестезияны туһаныы саҕаланыыта сайдар туруктаммыта. Сүрэххэ бастакы үрдүк таһымнаах эпэрээссийэни 1896 сыллаахха Франкфурт куоракка Ludwig Rehn оҥорбута, кини немец саллаатын сүрэҕин, бааһырбытын, хам тигэн абырахтаабыта. Өссө XVI үйэ саҕана сүрэхтэригэр бааһырбыт саллааттары наркоһа суох сэрии хонуутун ортотугар эпэрээссийэлээбит түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суохтар.

      Хааны эргитэр аппараат үөдүйүүтэ.

      XX үйэ саҕаланыыта эпэрээссийэ ньымата олус судургу этэ. Ол кэмҥэ эпэрээссийэ тэбэ турар сүрэххэ оҥоһуллар буолан уустуга. Хааны эргитэр искусственнай аппараат айыллыаҕыттан ыла сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэр сайдан, таһымнара лаппа үрдээбитэ. Хааны табыгастаахтык искусственнай аппараакка холбоон эргитэр, тромб үөскүүрүн утарар, сүрэх носуос курдук хааны хачайдыыр (эргитэр) үлэтин солбуйар уонна эти-сиини кислородунан хааччыйар ньымалары – барытын эргиччи билэн олоххо киллэрии тирээбитэ. Бу XX үйэ чинчийиилэрин биир сүдү суолталаах соруга этэ.

      Медицинскэй факультет студена Jay McLean (Джеем МакЛин) 1916 сыллаахха, чинчийиилэрин түмүгүнэн, гепарин тымырга хаан бөлүөхсэрин тохтотор, тромб үөскүүрүн утарар диэн медицинскэй холбоһукка иһитиннэрбитэ.

      Искусственнай хаан эргиирин хайысхата сайдыытыгар уһулуччу өҥөнү Джон Гиббон киллэрбитэ. Эдэр быраас 1930 сыллаахха Массачусетс (Пенсильвания) кылаабынай госпиталын лабораторияларыгар оҥорбут чинчийиилэрин түмүгэр 1937 сыллаахха киһи этин-сиинин үлэтин искусственнай хааны эргитэр уонна тыыннарар аппарааттар көмөлөрүнэн хааччыйыахха сөбүн дакаастаабыта. Сэрии кэнниттэн электроннай-вычислительнай массыыналары (ЭBM) оҥорор корпорация инженердэрин көмөлөһүннэрэн чинчийиитин салҕаабыта. Хас да эпэрээссийэни ыттарга ситиһиилээхтик оҥорон баран, 1953 сыллаахха киһини эпэрээссийэлээбитэ. Ол эрээри хас да киһи өлөн, 1955 сыллаахха өлүү төрүөттэрэ биллиэр диэри эпэрээссийэттэн аккаастаммыта. 1970 сыллаахха элбэх

Скачать книгу