Киһи соҕотох сүрэхтээх…. Петр Захаров

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Киһи соҕотох сүрэхтээх… - Петр Захаров страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Киһи соҕотох сүрэхтээх… - Петр Захаров

Скачать книгу

уларытар23 ферменнэри бохсор препараттар24 туттуллаллар. 2007 сыл саҕаланыыта New England journal of Medicine сурунаалга сакалаат гипертоническай ыарыылаахха чэйдээҕэр ордук туһалаах диэн суруллубута.

Хаан баттааһынын түһэрэр терапия маҥнайгы хардыылара.

Артериальнай гипертензияны эмтээһин туһунан сүбэлэри түмэн, аан бастаан 1977 сыллаахха суруйбуттара. Оччолорго диастолическай артериальнай дабылыанньаны түһэрии эрэ туһунан толкуйдууллара, оттон систолическай дабылыанньа үрдээһинин туһунан классификация суоҕа. Ол кэмнэргэ отучча гипотензивнэй препараттар бааллара, билигин оннук препараттар сүүстэн тахса араас көрүҥнэрэ биллэр. 1990-с сылларга сүрэх-тымыр ыарыһахтарга бу препараттар дьайыыларын уонна төһө көдьүүстээхтэрин түһүнан аан дойду элбэх клиникаларыгар чинчийиилэр оҥоһуллубуттара. Билигин артериальнай дабылыанньаны монотерапиянан (биир препаратынан) эмтээһин соччо-бачча кыаллыбата дакаастанан турар, үксүгэр икки-үс араас дьайыылаах препараттарынан эмтиир ордук көдьүүстээҕэ биллэр.

Атеросклероз, сыа иҥэриниитин кэһиллиитэ (дислипидемия) уонна сүрэх тымырдарын ыарыылара.

Стенокардия туохтан үөскүүрэ икки үйэ ааспытын кэннэ арыый өйдөнүллэр буола үөрэтилиннэ. Уильям Геберден 1972 сыллаахха стенокардия биллиитин (бэлиэлэрин)25 олус чуолкайдык суруйбута. Ол кэннэ бу үйэлэр тухары стенокардия үөскүүрүгэр атеросклероз, тымыр бопторуута26, онтон да атын уларыйыылар кыайан дакаастамматахтара. 1799 сыллаахха Caleb Hillier Parri ишемическэй ыарыы сүрүн биричиинэтэ сүрэх тымырдарыгар диэн сабаҕалаабыта. Кини инфарктаан өлбүт дьон сүрэхтэрин тымырдарыгар тааһырбыт бляшкалары булбута, ол эрээри бу сонообут тымырдар сүрэх хамсыырын мэһэйдээн, түөс иһигэр олус күүстээх ыарыыны үөскэтэллэр диэн сыыһа түмүгү оҥорбута. Балайда кэм ааспытын кэннэ атеросклероз – артерия эркинин халыҥааһыныттан тымыр кыарааһына диэн быһаарыллыбыта. 1904 сыллаахха атеросклероз диэн тиэрмини аан маҥнай Charles Marchand киллэрбитэ. 1852 сыллаахха Richard Quain «Сүрэх сыаламмыт ыарыылара»27 үлэтигэр сүрэх баар сирин диэки сыа бөлөхсүйэрин туһунан суруйбута. Сүрэх уойуута стенокардияны, аҕылааһыны, өйү сүтэриини, оннооҕор соһумардык өлүүнү үөдүтүөн сөп диэн суруйбута. 1915 сыллаахха, сэр Clifford Allbutt стенокардия аорта ыарыытыттан үөскүүр уонна сүрэх тымыра манна туох да суолтата суох диэн сыыһа сабаҕалааһыны суруйбута. 1928 сыллаахха, стенокардия туһунан бастакы суруйуу 130 сыл ааспытын кэннэ, стенокардия туһунан маҥнайгы ахтыылар үөдүйбүттэрэ. C.S. Keefer уонна W.H. Resnik «Миокард аноксиятыгар үөскүүр синдром» диэн кинигэлэригэр стенокардия үөдүйүүтэ сүрэх быччыҥнара кислородунан мөлтөхтүк хааччыллалларыттан (оксигенацияланарыттан) тутулуктаах диэн суруйбуттара. Билигин бу үлэ стенокардияны ырытыыга классическай айымньынан ааҕыллар. Ол гынан баран, хааҥҥа холестерин үрдээһинэ (гиперхолестеринемия) уонна сүрэх тымырдарын ыарыылара быһаччы ситимнээхтэрэ 1950 сыллаахха

Скачать книгу

23

Ангиотензинпревращающие

24

Ингибиторы

25

Симптомы

26

Спазм

27

Жировые заболевания сердца