Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева страница 6
Өссө биир дьиибэтэ диэн, утуйа сытан түүн ортото эмискэ ойон туран, улахан баҕайытык саҥа таһааран хаһан да урут истибэтэх сахалыы ырыаларын ыллыыр буолбута. Туораттан көрдөххө, уутун быыһыгар ыллыыр курдук. Биирдэ Розалина Файрушина «Эн сэрэй» диэн ырыатын саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ыллаан турардаах. Дьиҥинэн, ол ырыаны үөрэппэтэҕэ даҕаны, ыллаабатаҕа даҕаны. Оннук түүн эмискэ ыллаан кэлэрин иһин хонукпутугар оонньуур хоско орон бэлэмнээн утутар буолбуттара. Мин оҕобун аны төбөтүнэн булкуллубут диэхтэрэ диэн биир куттал. Утуйа сылдьар эрээри, оронуттан ойон туран, сыанаҕа курдук доргуччу ыллаан барар этэ. Мин уһугуннара сатыырым даҕаны, олох уһуктан биэрээччитэ суоҕа. Ыллаан бүтэн баран, бэйэтин өйүгэр кэлбэккэ да, утуйара.
Биһиги балыыһаҕа сытар кэммитигэр Тууйабыт Сочиттан сборданан кэлэн Дьокуускайга ааспыта. «Азия оҕолоро» спорт оонньууларыгар көрдөрүүлээх нүөмэргэ кыттыахтаах этэ. Хата тириэньэрдэрэ биһиги балаһыанньабытын өйдөөн, Тууйаны толору пансиоҥҥа киллэрэн, күрэхтэһии кыттааччыларыгар анаммыт уопсайга олордубуттара.
Арай биир күн оҕом эрийэн дэлби ытаата. Харчылаах көһүлүөгүн уоран ылбыттар этэ. Кыыспар хоскор үчүгэйдик көр, сүппүт буоллаҕына дьоммунан харчы ыытыам диэн уоскута сатаатым. Ол кэпсэтиибитин Күннэй истэн олорон, эмискэ эттэ: «Сарсын аҕалан биэриэхтэрэ, долгуйбатын». Кырдьык, сарсыныгар Тууйа «Туймаада» стадиоҥҥа репетициялана сырыттаҕына кини таҥаһын уурбут ыскамыайкатыгар көһүлүөгүн аҕалан уурбуттар этэ. Иһигэр харчыта барыта баар. Ким аҕалан уурбута биллибэтэҕэ. Эмиэ дьикти түбэлтэ…
Ол курдук балыыһабытыгар ыйтан ордук сыттыбыт. Араас бэрэбиэркэни барытын ааспытын үрдүнэн, син биир туох да быһаарыллыбата. Бу – биэс консилиум тухары…
Балыыһаттан тахсар күммүт тирээн кэллэ. Түмүкпүтүн ылаат, дьоммутугар диэри такси ыҥырдыбыт. Ол баран иһэн Матронушка храмыгар сырыттыбыт. Онтон салгыы таксибытынан айаннаан истэхпитинэ арай оҕом, түөһүн туттаат, биирдэ намылыс гынан хаалла. Дьэ онно ыксал буолла. Суоппарбыт, массыынатын тохтотоот, суол ортотугар сүүрэн таҕыста. Хата, биһиги дьолбутугар, оруобуна суһал көмө массыыната баран иһэрин көрөн, далбаатаан, хаһыытаан ыҥыран ылла. Оҕом ол икки ардыгар өйдөнөн кэлээт, үөһэ-аллара мөхсөн киирэн барда уонна ыксаабыт куолаһынан: «Ийээ, илиибин-атахпын тутуҥҥутууй!!! Туох миигин быраҕаттыырый?» – диэхтиир. Мин сыппыт балыыһабытыгар төттөрү эрийбиппэр: «Манна аҕалымаҥ, ханна суһал көмө илдьэринэн барыҥ. Баҕар, онно тугу эмит быһаарыахтара», – диэтилэр. Ол оннук мучумааннанан 79-с клиническэй балыыһаҕа барар буоллубут. Оҕом балыыһаҕа айаннаан