Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева

Скачать книгу

турукка киирбит дьону кытта хааллым. Куттаныах санаам киирэн биир доҕорбор эрийэн: «Кэлиэҥ дуо, баһаалыста? Биһиэхэ нестандартнай ситуация буолла», – диэн сэрэнэн быһаардым. Киһим өр-өтөр буолбакка тиийэн кэллэ. Дьонум, киһи кэллэ диэн наадыйбакка, үҥкүү-битии бөҕөтө. Күннэй бииргэ үөрэнэр уола ол доҕорбут аттынан кылыыҥкайдаан ааһан истэҕинэ биирэ ыйытааччы буолла: «Эн үҥкүүһүккүн дуо?» Онуоха уолбут үҥкүүтүн быыһыгар: «Суох. Утаттым, уу иһиэхпин баҕардым», – диэн хардарда. Сүүрүүнэн ыстакааҥҥа уу кутан аҕалан, иһэрдээри гыммыппар аны уолбут олох тохтообот, илиитэ-атаҕа бэйэтиттэн тутулуга суох хамсыыр. Онтон бэйэбит иһэрдэ сатаатыбыт, ол тухары уолбут шпагат түс да түс буолар, бу – хаһан да баччааҥҥа диэри шпагат олорботох оҕо.

      Ол курдук мучумааннана сырыттахпытына, били Покровскайга айаннаабыт ыалбыт аҕата кэллэ. Кэргэнэ кинини олох да билиммэтэ. Бары төрдүөн турукка сылдьаллар. Күннэй биһиэхэ тугу гыныахтаахпытын ыйан-кэрдэн биэрдэ. Бииргэ үөрэнэр кыыһыгар хомус аҕалтарда. Күннэйтэн төһө өр маннык буолуой диэн ыйыппыппытыгар, үс түүннээх күн, сэрэдэҕэ бүтүөхпүт диэтэ. Оннук үс түүннээх күн бары ускуруой кэриэтэ сырыттыбыт. Быыһыгар дьоммут кыратык утуйан ылаллар. Биирдэ утуйбуттарын кэннэ куукунаҕа олорон: «Арай бу маны туора киһи көрдүн, бу кэпсэтиибитин иһиттин, арааһа барыбытын да төбөлөрүнэн мөлтөөбүттэр диир буоллаҕа», – дэстибит. Ыалбыт аҕата кэргэнин диэки көрөн баран, санааҕа баттаппыт куолаһынан: «Арай туругуттан тахсыбатын… хайыыр баҕайыбыный? Аны, саатар, субуотаҕа дьоно күүлэйдии кэлиэхтээхтэр…» – диэбитин күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүбүн. Кырдьык, ыарахан күннэр-түүннэр ааспыттара…

      Бу түбэлтэ буолуон аҕыйах хонук иннинэ биир ыал ыалдьар 9-таах оҕолорун көрдөрө аҕалыах буолан болдьоспуттара. Иккис күммүт үүммүтүгэр Күннэй ол оҕону ыҥыртаран ылбыта. Онуоха мин бастакы улахан эмтээһинигэр көмөлөһөөччү гынар дьонун муспут эбит диэн сэрэйбитим. Кырдьык, эмтиир кэмигэр хас биирдии бэйэлэрэ тустаах оруолларын толорбуттара. Күннэй, оҕону эмтээт, эппит тылларын хаһан да умнуом суоҕа: «Бу оҕоҕо эрдэ кириэс туруорбуттар эбит. Эмтээһиним кэнниттэн дьикти баҕайы санаалар киирдилэр… Туохха барытыгар баланс баар буолуохтаах… Бу оҕо кини төрдүгэр-ууһугар сытар аньыыны-хараны сүгэ сылдьар эбит. Мин ону билигин киниттэн ылбытым да үрдүнэн, кэнники кини аҕа ууһун биир эмэ киһитигэр эргиллэн тиийэн түһүө, ол миигиттэн тутулуга суох. Дамоклов меч курдук ыйанан турар. Куһаҕаны оҥордоххуна, эйиэхэ эргиллэн кэлбэтэҕинэ, эн оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ эппиэттиэхтэрин сөп… Тоҕус үйэ тухары иэстэбиллээх буолар».

      Үһүс күннэригэр дьоммут эбиэт кэннэ аны тыаҕа тахсабыт диэн тэринэн бардылар. Биһиги, аанньа утуйбакка сылдьар буолан, бэйэбит да түҥ-таҥ бара сыстыбыт. Ол күн Күннэй миигин алаадьылатта. Олбох бэлэмнэттэрдилэр. Дьыбааным сабыытын быһа тардан ыллыбыт, эбии икки покрывало ыллым. Кыргыттар киэһэлик кырааскаланан киирэн бардылар, киһи хараҕар быраҕыллар чаҕылхай макияж оҥоһуннулар, үһүөн уот кыһыл уостаахтар.

Скачать книгу