Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева

Скачать книгу

Уолбут эмтэнэн баран, харахтан сыыһы ылбыттыы чэпчээтим, иһим кураанахсыйан хаалбыт курдук диэбитэ. Ол түүн бары да куттанаммыт ким да дьиэтигэр барыан баҕарбатаҕа, сарсыарда 4 чаас ааһыыта бүтэн баран, «Бургер Хит» кафеҕа киирэн өр да өр туох буолбутун ырытыһа олорбуппут. Дьон саҥата-иҥэтэ диэн итинник ыарахан буолар эбит.

      Биирдэ эмиэ спортсмен уол кэлбитигэр: «Эн хара бүрүөһүн иһигэр сылдьаҕын, эйигин быһа эппиттэр», – диэн турардаах. «Киһи тыла – ох» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Киһи барахсан уйулҕата чараас, дьон тыла-өһө тэһэ кэйэр аһаҕас кэмнэрдээх буолар. Оннооҕор мунньуллан эІин араас үөдэІІэ кубулуйуон сөп…

      Саппаҕырбыт санааларгытын мунньумаҥ,

      Арахсыспат аргыс оҥостумаҥ.

      Тыйыс тыллары мээнэ ыһыктымаҥ,

      Куйаарга көтүтүмэҥ.

      Дьону сэнии да, ордугургуу да санаамаҥ!

      Чараас эйгэҕитин харыстааҥ, итэҕэллээх буолуҥ,

      Сиэрдээх буолуҥ!

      Инники Күннэйим аньыы-хара тоҕус үйэ тухары соһуллар диэбитин өйдөөн кэллим. Дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕаран, саныыр санаабытын ыраастаан, кэрэни кэрэһилээн сырыттахпытына, кырдьык, тулабыт сырдыаҕа, олохпут тупсуоҕа.

      Күннэйим Таҥара биир, ону араас омуктар бэйэлэрин тылларыгар, култуураларыгар олоҕуран араастык ааттыыллар диэччи. Сорох киһиэхэ Таҥара дьиэтигэр сырыт диэччи, сороххо олох атыны сүбэлээччи – ким туохха итэҕэйэринэн. Ханнык да религия таҥаратыгар сүгүрүйдүннэр, көрдөстүннэр, барыта биир Үрдүкү күүскэ тиийэр диэбиттээх.

      Биирдэ биир дьахтар, чугастык билэр киһибит нөҥүө көрдөһөн, Күннэйгэ кэлэргэ болдьосто. Оҕом кини кэлиэн иннинэ кыратык нуктаан ылла. Арай дьахтар кэлбитигэр уһугуннара киирбиппэр Күннэй тоҕо эрэ хоһуттан тахсыан баҕарбата… Уонна ол дьахтарга мин эйигин ылыа суохпун диэн аккаастаан кэбистэ, биричиинэтин эппэтэ. Мин наһаа соһуйдум, дьиҥэр, дьоҥҥо хаһан да аккаастааччыта суоҕа. Күннэйтэн ыйыппыппар: «Абааһылара төбөтүгэр ыйааста, атаҕар соһулла сылдьаллар. Туох аньыылааҕын-харалааҕын мин да этиитэ суох билэр. Аан бастаан таҥара дьиэтигэр баран, Үрдүк күүскэ үҥэн, көрдөһөн аньыытын-харатын бырастыы гыннардын. Киниэхэ бастаан оннук ордук буолуо», – диэтэ.

      Өссө биир түбэлтэни кэпсиим. Эдэр ыаллар болдьостулар. Кыыс улаатар сааһыттан ыарытыйар эбит. Быраастар туох да диэн түптээн быһаарбатахтар, кини даҕаны сири-дойдуну кэрийэ сатаабыт. Болдьохтоох күннэригэр эбиэт кэннэ кыыһым эттэ: «Дьонум ГАИ пуоһун аастылар, кэлиэхтэригэр диэри сытан ылыам». Дьоммут уһаабатылар, начаас тилигирэтэн тиийэн кэллилэр. Киирээттэрин кытта Күннэй, кыыс диэки көрөөт: «Туох ааттаах элбэх өлбүт киһини батыһыннаран аҕаллыҥ?» – диэтэ. Эмтиир кэмигэр Күннэй ол кыыстыын саалаҕа хааллылар, биһиги кэргэнин кытта куукунаҕа кэтэһэн олордубут. Күннэй көхсүн курдьугунуур тыаһа сүрдээх этэ, эмиэ да эр киһи куолаһа иһиллэрэ… Сотору буолаат ыҥырда. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ уп-улахан, саарык курдук. Ол кыыс диэки көрө-көрө күлэр: «Элбэх да өлбүт киһини

Скачать книгу