Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева страница 12
Арай биирдэ Күннэйгэ биир ааптар ырыатын биэрбитин иһитиннэрбиппэр эмискэ «дьоно» тахсан: «Бу аата ырыа үһү дуо?!» – диэн турардаахтар.
Күндү ааҕааччым, билигин мунааран олороруІ буолуо диэн сэрэйэбин. Ол эрээри бу барыта дьиҥнээхтик буолан ааспыт түбэлтэ. Илэ харахпытынан көрбүппүт, эт кулгаахпытынан истибиппит.
Күннэй эмтииригэр араас ньыманы туттааччы. Ол киһититтэн, туох кыһалҕалааҕыттан тутулуктаах буолара.
Биирдэ эмтии сылдьан сүтэн хаалла. Хабыс-хараҥа, аны уоту арыйыа суохтаахпыт. Чааһынай дьиэ этэ. Арай кыыһым орон анныттан биирдэ баар буола түстэ уонна: «Оһох үөлэһинэн тахсан, үөһээ халлааҥҥа сэттэ кыталыгы кытта үҥкүүлээтим», – диэтэ. Онтон илиис уонна уруучука аҕалтаран илиилэрин оннугар кынаттардаах кыыһы уруһуйдаата. Бэйэтин Кыталык Удаҕаммын дэнээччи…
Арыгыны эмтээһин саамай ыарахан диэн көрбүтүм. Чахчы, арыгы абааһыта диэн баар, кини киһиттэн олох арахсан биэрбэт эбит. Арыгы эмтэтэ кэлиэхтээх дьону оҕом биир хонук иннинэ биллэрээччи. Ол курдук дьахтар дуу, эр киһи дуу буоларын этэрэ, итирдэҕинэ хайдах быһыыланарын-майгыланарын көрдөрөөччү, бэл диэтэр тылын-өһүн саҥаран иһитиннэрээччи.
Биир дьахтары эмтээбитин бу баардыы өйдүүбүн. Балаҕаҥҥа этэ. Дьахтары олбоххо олор диэтэ уонна бэйэтэ аа-дьуо кини диэки чугаһаан истэ. Арай дьахтарбыт иһиттэн киһи куйахата күүрүөх алдьархай хаһыы иһилиннэ, онтон оҕобун туох эрэ көстүбэт күүс ыраах ылан илгэн кэбистэ. Ол дьахтар иһигэр олорор арыгы абааһыта чугаһаппат буола сатыыр быһыыта эбит. Кыыһым балаҕан үрдүгэр диэри уһаан унньулуйан таҕыста уонна дьахтар айаҕыттан тугу эрэ таһааран ыйыһынна. Көрбүппүт, Күннэйбит иһэ саарык курдук буолбут. Ол кэннэ кыыһым көмүлүөк оһоҕу отуннарда уонна ыйыстыбытын барытын таһаарда. Көмүлүөк уота ол аайы күөдьүйэ түһэр, балаҕан үрдүн салыах курдук сирэлийэн тахсар. Онно баар дьон итиччэлээҕи көрөн бары дьулайбыппыт.
Хаста даҕаны умайа сылдьар чоҕу сыгынньах илиитинэн ылан ыстыы оонньуурун көрөн турардаахпыт. Илиитигэр туох да суол хаалбатах буолааччы.
Эмтиир дьонун куруук түүн ыҥырара. Бастаан чаас курдук кэпсэтээччи, күллэртээн, ыгылыйбыт, тыҥаабыт быһыыны-майгыны сымнатара. Ол кэннэ дьэ: «Дьонум кэллилэр, саҕалыыбыт», – диэччи. Кини наар быһааран этэрэ: «Мин хара маҥнайгыттан турукка киирэн эмтээн бардахпына, ыарахан көстүү буолуо этэ. Ол иһин саҕалыам иннинэ дьоммун бэлэмнээн кэпсэтэбин, күлэн-үөрэн аралдьытабын, туох-хайдах буолуохтааҕын быһаарабын. Тоҕо диэтэххэ, бэлэмэ суох киһи манныгы көрөн тулуйуо суоҕун сөп». Күннэйим оҕо-оҕо курдук барытын