Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева страница 14

Жанр:
Серия:
Издательство:
Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева

Скачать книгу

Хата онно үлэлиир санитарка, аһынан, халаат уонна тапочка биэрдэ. Оҕобун реанимацияҕа ыллылар. Быраас тахсан миигиттэн эмиэ диагноһын ыйыта сатаата. Уруккуттан этэллэрин курдук: «Глубокий сопор, коматозное состояние», – диэтэ. Мин биир сыллааҕыта итинник хаста да балыыһаҕа киирэ сылдьыбыппытын быһааран эппитим. Бырааһым дьикти буолар эбит диэн олус сөхтө. Оҕом аттыгар хайаан да баар буолуохтаахпын диэн көрдөстүм. Бырааһым хата уопсай реанимация балаататыттан изолятор хоһугар көһөртөрдө уонна мин онно киирэрбин көҥүллээтэ. Бу сырыыга оҕом, сэттэ чаас буолан баран, өйүгэр кэллэ. Уһуктаат: «Наһаа аччыктаатым дии, туох эмэ аһылык баар дуо?» – диэн, быраастары соһутта. Онуоха биир быраас, «арба миэхэ сосиски в тесте баар» диэт, хап-сабар аҕалан биэрдэ. Оҕом барахсан ону үөрэ-көтө сиэн кэбистэ (кэлин наһаа да минньигэс этэ диэн санааччы). Ити кэмІэ дьуһуурустубалыы сылдьар быраастар бары олус дьиктиргээбиттэр этэ. Ити эрэ иннинэ ИВЛ-га холбуур туһунан быһаарыыны ылыммыттарыгар кыыспыт туох да буолбатаҕын курдук уһуктан кэллэҕэ… Икки чаас курдук кэтээн көрбүттэрин кэннэ, махтанан баран, үөрэ-көтө дьиэлээбиппит. Тахсарбытыгар эмиэ госпитализацияттан аккаастанабыт диэн сурук суруйбуппут.

      Ол киэһэ, уоскуйан баран, комаҕа тугу көрбүтүн кэпсээбитэ: «Эмиэ урукку сирбэр тиийэ сырыттым. Иннибэр эмиэ көмүс дуйдаах аарка турар. Били плащтаах киһибин көрөн олус куттанным. Ааспыкка мөхпүтүн, аныгыскыга кэллэххинэ, төттөрү ыытыам суоҕа диэбитин санаан кэллим. Сирим халлаан дии саныыбын, мин туох да бокуойа суох илиибинэн хаһан бардым. Уочаратым тиийиэн иннинэ хайаан даҕаны хайаҕас хаһаммын аллара түһүөхтээхпин диибин. Аттыбар киһи бөҕө турар. Көмөлөөн бары бииргэ хаһыаххайыҥ, оччоҕо Сиргэ төттөрү түһүөхпүт дии сатыыбын даҕаны, миэхэ ким да итэҕэйбэт курдук. «Оо, барахсаны, мантан ханна даҕаны барар кыаҕыҥ суох», – диэбиттии, сонньуйбуттуу көрөллөр. Мин тохтоло суох хастым. Иһиттэхпинэ, аттыбар турар дьонум «кырдьык, мин өллүм дуо», «хата, өлөн сынньаннахпын» дэһэллэр. Ол да буоллар, хайаҕаспын хаспытынан төттөрү түстүм… Соҕотоҕун эрэ түстүм».

      Сиинэҕэ айан туһунан…

      Сиинэҕэ кырачаан оҕолор сүтэннэр улахан аймалҕан буолбутун бары да харааста өйдүүбүт. Киһи өйүгэр-санаатыгар баппат суол…

      Мин ити кэмҥэ кыргыттарбынаан Сочиттан Москваҕа кэлбиппит. Оҕолор сүппүттэрин истэн улаханнык долгуйбуппут. Аан бастаан полицияҕа үлэлиир доҕорбут, Күннэй ураты дьоҕурдааҕын билэр буолан, оҕолор хаартыскаларын бассаабынан ыытан көрдөрбүтэ. Күннэй көрөөт: «Атын хайысхаҕа үлэлии сылдьаллар, кыргыттар мумматахтар, киһи илиитин көрөбүн, чуолкай манна киһи кыттыгастаах», – диэн соһуппута…

      Онтон дойдубутугар тиийбиппитин кэннэ, Күннэйим турукка киирдэҕин аайы кыргыттары көрөр буолан барбыта. «Мама, что означает в переводе «көмөлөс» и «ыксаарыый»? Девочки все время это твердят», – диэн ыйыппытын өйдүүбүн. Аны биирдэ куукунаҕа аһыы олорон, эмискэ турукка киирээт, түннүк аттыгар турар холодильник диэки

Скачать книгу