Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева страница 9
Ити курдук улам арыллан, көрдөрөрө элбээн, дириҥээн барбыта…
Арай биирдэ миигин хаһыытаан ыҥыран ылла. Хоско киирээт, оҕобун көрбүтүм: илиилэрэ кэдэрчи баран, көхсүгэр сыстан, төбөтө, атахтара кэннигэр эргийэн хаалбыттар. Күннэйим: «Ийээ, хайдах буоллум?» – диэн хаһыытыыр. Мин уолуйаммын, сүүрэн тиийэн, төбөтүн аны төттөрү өттүгэр эргитэ сатаатым. Ол курдук, киһи иннин-кэннин араарбат буолуор диэри балаһыанньаҕа сытар этэ.
Өссө биир итинниккэ майгынныыр түбэлтэни ахтан ааһыым… Саас этэ. Тууйа биһикки кыыспытын дьиэбит иһиттэн сүтэрэн кэбистибит, Күннэйбит ханна да суох. Ыксаатыбыт… Күннэй оронун анныгар тардыллар дьааһыктаах этэ. Арай ол иһиттэн «мамаа» диир саҥа иһилиннэ. Кыыспыт орон дьааһыгар киирэн кумуллан баран сытар эбит. Хайдах онно кини баппытын да, киирбитин да Тууйа биһикки күн бүгүҥҥэ диэри өйбүтүгэр батарбаппыт.
Мин ол саҕана онтон-мантан көмө көрдүү сатаабытым: дьонтон ыйыталаһан, сүбэлэтэн да көрбүтүм, айдарыылаахтарга да тахса сырыппытым. Барыта кистэлэҥ… Халыҥ эркиҥҥэ кэлэн иҥнибит курдук этим. Аны оҕобун төбөтүнэн ыалдьар диэхтэрэ диэн эмиэ биир куттал.
Оҕом барахсан бу күн сириттэн күрэммитэ түөрт сыла буолбутун кэннэ кини дьоҥҥо биллибэтэх олоҕун киэҥ эйгэҕэ тахсан Талбан биэриитигэр кэпсээбитим. Өр кэмҥэ сүгэ сылдьыбыт сүгэһэрим, санаам баттыга, туохха да тэҥнэммэт ыар сүтүгүм, хаһан да ааспат аһыым… Бу биэрии, баҕар, кимиэхэ эмэ инникитин көмөлөөх буолуо диэн санааттан интервьюга сөбүлэспитим. Кырдьык, мин Күнүм курдук эрэйдэнэ, санаалара тууйулла сылдьар дьон баар буолуохтара, кинилэргэ кыратык да буоллар туһалаатым ини диэн эрэнэбин. Ол эрээри бу биэрии кэнниттэн сорох дьон Интернет ситимигэр суруйбут суруктарын ааҕан олус хомойбутум. Оҕобун, миигин, сыана быһан, удьуордаан туран төбөлөрүнэн ыалдьаллар эбит диэн…
Хаһан эрэ Күннэй биһикки «Манньыаттаах» ырыынагын оройуонугар сырыттахпытына, кыыһым эмискэ тохтуу биэрэн, Котенко уулуссатыгар турар психоневрологическай диспансер дьиэтин диэки ыйан баран: «Мин курдук элбэх да киһини аҕалан бу дьиэҕэ хаайбыттар эбит…» – диэбитэ. Кини бу – балыыһа дьиэтэ буоларын билээхтээбэт даҕаны буоллаҕа…
Күннэйим барахсан дьоҥҥо ис сүрэҕиттэн көмөлөһөөччү. Аатыраары да, төлөбүр да ылаары буолбатах. Миэхэ бу кистэлэҥ күүһү кыһалҕалаах дьоҥҥо харчыга көмөлөстүн диэн биэрбэтэхтэрэ. Мин кылгас кэмҥэ кэлбит киһибин, элбэх киһиэхэ көмөлөһөн хаалыахтаахпын диэхтиирэ…
2013 сыл кыһынын этэҥҥэ туораатыбыт. Күннэй 16 сааһын туолла. Оҕом барахсан дьонтон туох да уратыта суох, бэйэтин саастыылаахтарын курдук буолуон олус баҕарар этэ. Ити сайын Муусука колледжыгар эстрадно-джазовай салааҕа үөрэнэ киирдэ.