Сүлүһүннээх таптал. Сардана Сивцева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сүлүһүннээх таптал - Сардана Сивцева страница 14
– Эн да, соҕотох уолум диэн, ыччаккын сиэри таһынан атаахтатыма! – Өкүлүүнэ тыла-өһө өһүллэн барар.
– Баанньыска тарбыйаҕы аһатан барбыта эмиэ буруй буоллаҕай? – Мотуруона да хаалсар, бэйэтин атаҕастатар санаата суох.
– Айыка, бу дьахталлар кэллэ кэлээт, этиһэн ньамалаһан эрэллэр! Бүтүҥ! Оҕолор эһигинэ да суох бэйэлэрэ быһаарсан сылдьыахтара, – Уйбаан тохтото сатыыр.
Баанньыска Куокаҕа, ким да көрбөтүнэ, тылын көрдөрөн баран, биирдэ тэйэр. Ол эрээри Куока кыайыылаах курдук сананар: Эриэнчикэйи кини аһата турдаҕа. Ити мучумааҥҥа ньирэй үүтүн түргэн баҕайытык иһэн кэбиһэр.
– Эдьиий, Эриэнчикэйгэ өссө үүт биэрэбин? – Куока Өкүлүүнэҕэ кураанах бытыылкатын көрдөрөр.
– Бүтэрбит буоллаҕына, сөп буолуо. Түксү!
– Оттон топпотох быһыылаах дии?
– Куока, көрөҕүн, атын ньирэйдэр хам аччык тураахтыыллар дии? Олору эмиэ аһатыахха наада. Үүппүт тиийиэ суоҕа.
Куока өрө тыынаат, Эриэнчикэйигэр тиийэн, моонньуттан кууһан ылар уонна кэпсэтэн барар.
– Эриэнчикэй, миэхэ кыыһырыма сөп? Эдьиий үүт биэрбэтэ. «Атыттары эмиэ аһатыахха наада» диир. Эн миигин өйдүүгүн?
Куока ньирэй таас курдук хап-хара харахтарын одуулуур. Кини ити курдук төһө баҕарар туруох көрүҥнээх да, Өкүлүүнэ саҥата иһиллэр.
– Куока, аһатан бүппүт буоллаххына, эн биһикки кыратык хаамса түһүөххэ..
– Сөп, эдьиий.
Ньирэйдэрин аһатан бүтэрээт, Өкүлүүнэ Куокалыын күөл кытылыгар хааман кэлэллэр.
– Эдьиий Өкүлүүнэ, бу күөлгэ балык баара буолуо дуо?
– Сураҕа, буолунай үһү, – Өкүлүүнэ, били биригэдьиир эппитин саныы биэрэр.
– Оттон оонньууллара көстүбэт дии? – күөл ньуура, кырдьык да, остуол ньуурун курдук көнө, төрүт хамсаабат.
– Баҕар, түгэххэ уста сылдьаллара буолуо, ким билиэ баарай?
– Оттон андаатар? – уолчаан билиэн баҕарара эчи элбэҕин!
– Ээ дьэ, ону билбэтим. Һычы, хата иһит эрэ кэҕэ этэрин?
Иккиэн кэҕэ «кук-куук» диэн этэрин истэн олороллор.
– Кэҕэ, кэҕэ, хас сыл олоруохпунуй? – диир эмискэ Өкүлүүнэ.
Кэҕэ, хаста да этээт, бөтөн хаалар. Өкүлүүнэ тоҕо эрэ курутуйар.
– Эдьиий, ама, итиччэ кылгастык олороҕун дуо? – диир Куока, хайдах эрэ хомойбуттуу.
– Ээ, ити диэн сымыйа буоллаҕа. Эдьиий уһунну-ук да уһуннук олоруо, оҕото хайдах улаатарын, дьээдьэ буоларын көрүөн наада дии?
– Ааһа…
Өкүлүүнэ Куокатын диэки тапталлаахтык көрөр. Өтөр уолчаан кини тобугар утуйан хаалар.
– Чыкырыгым барахсан… Наһаа да үчүгэйгин, наһаа да минньигэскин…
Өкүлүүнэ күөл долгуна суох чуумпу ньуурун одуулуу олорор. Арааһа, маннык, бэйэтин кытта бэйэтэ хаалар түгэннэригэр эрэ, кини уруккутун саныыр-ахтар,