Сүлүһүннээх таптал. Сардана Сивцева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сүлүһүннээх таптал - Сардана Сивцева страница 18
Оҕолор атахтарын сууна, таһырдьа тахсаллар. Дьиэҕэ Уйбааннаах Мотуруона иккиэйэҕин хаалаллар.
– Уйбаан, туох ааттаах харчытын сүүйтэрбит киһи курдук буоллуҥ?
– Ээ, бэйэм да билбэппин ээ тоҕотун… Хайдах эрэ ис испиттэн ыһыллан хаалбыт курдукпун.
– Кэбис, инньэ диэмэ. Сотору оттуу барыаҥ дии?
– Оннугун оннук, – сотору оттуу барарын санаан эбитэ дуу, Уйбаан кэргэнин самыытыттан имэрийэн ылар. – Оҕолорбут утуйбуттарын кэннэ хайыахпыт дии? – диэт, туох эрэ үчүгэйи эппит курдук мичээрдиир.
– Уу, хата хайаан мичээрдээтэххиний? Оттон ити оҕолор өссө кинигэ ааҕыахпыт дииллэр дии?
– Эрдэ соҕус хаптатыахха наада.
Мотуруона тэбэнэттээх харахтарынан оҕонньорун диэки көрөн ылар.
Маайалаах Ньукулай дьиэлэрин таһыгар иккиэн табахтыы олороллор.
– Бириэмэ түргэнник ааһара эчи хомолтолооҕун… – Маайа тоҕо эрэ курус. Эбэтэр кини айылҕаттан итинник майгылаах төрөөбүтэ эбитэ дуу?
– Оннук… – Ньукулай сөбүлэһэр. Ама ким сөбүлэһиэ суоҕай? Бириэмэ түргэнник ааһара, от-мас хагдарыйара, оҕо-уруу улаатара, киһи кырдьара – хомолтолоох.
– Мин урут, кыра эрдэхпинэ, ийэм хантан эбитэ буолла, кумах чаһыытын булан аҕалбыта уонна таҥнары тутан баран: «Көрөҕүн, эн кумаҕыҥ саҥа саккыраан эрэр. Ол аата эн олоҕун өссө да иннигэр, өссө да наһаа элбэх күннэр, сыллар эйигин күүтэллэр…» – диэбитэ. – Ол кэнниттэн мин кумах чаһыыны таҥнары тута-тута көрөр идэлэммитим. Онтон биирдэ, алҕаска, мүлчү ыһыктан, алдьатан баран, «Өлөн эрэбин, олоҕум бүттэ», – дии-диибин ытаа да ытаа буолбутум.
– Уйан да эбиккин…
– Даа, хаһан эрэ уйан этим…
– Билигин да уйаҥҥын, Маайа… – Ньукулай кэргэнин кууһан ылар.
– Суох, Ньукулай, алҕаһыыгын. Сүрэҕим-быарым халыҥаан турар.
– Эс! – Ньукулай итэҕэйбэт.
– Кырдьык, кырдьык! Ньукулай, мин эйигиттэн биир ыйытардаахпын.
– Тугу ыйытыаххын баҕараҕыный?
– Ол эрээри кырдьыккынан хоруйдаа, сөп?
– Сөп, сөп…
– Ити Мотуруонаны көрөн төһө долгуйдуҥ?
– Эс, хайдах буоллаххыный? – итини эрэ көһүппэтэх буолан, Ньукулай тыбыыра түһэр.
– Һы, дьикти эбит! Оттон хаһан эрэ кинини таптааҥҥын, бара сыспытыҥ дии? Ама онтукайгын умнубатыҥ ини!
– Умнумуна. Былыр үйэтээҕини санатыма даҕаны.
Маайа тугу эрэ этиэн баҕарар да, туттунар. Ити курдук кэккэлэһэ эрээри, хас биирдиилэрэ бэйэлэрин санааларыгар уйдаран олордохторуна, арай халлааҥҥа улахан да улахан көтөр тыастаахтык көтөн ааһар.
– Ити тугуй? – Маайа куттаммыттыы ыйытар.
– Хотой быһыылаах… түүҥҥү булдугар таҕыстаҕа.
– Мин саныахпар, биһигини кэтиир курдук.
– Эс, ама хайаан?! Куттаныма, Маайа.
Ньукулай,