Сүлүһүннээх таптал. Сардана Сивцева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сүлүһүннээх таптал - Сардана Сивцева страница 19
– Алаастыраптары кытта да? – кыыс тоҕо эрэ соһуйар.
– Ааһа, онно туох баарый?
Кыыс саҥарбат, ол эрээри тугу эрэ кистиирэ өтө көстөр.
– Тугу-уй, Августа?
– Ээ, суох.
– М-мм… – Ыстапаан Ыстапаанабыс кыыһы ис-иһиттэн хайгыы, ымсыыра көрөрө өтө көстөр. Эх! Үлэҕэ баттатан, хаарыан кыыһы куоттардаҕа!
– Ыстапаан Ыстапаанабыс, биһиги хайаан да эдьиийим аахха бара сылдьыахпытын наада. Курусобуой массыынаны көҥүллүөҥ дуо?
– Пахай, онтубут алдьанан, өрөмүөҥҥэ барбыта ээ.
– Оо…
– Оттон сатыы барыаххытын?
– Оннугун оннук эрээри, хаамыах диэтэххэ, ыраах баҕайы дии!
– Эс, эдэр дьон таах дайбаан тиийэр инигит?
– Куйааһа бэрт.
– Оччоҕуна массыына хаһан өрөмүөннэнэн бүтэрин кэтэһэргитигэр тиийэҕит.
– Күүтэр кыахпыт суох: түргэнник төттөрү куораттыахпытын наада.
Биригэдьиир толкуйга түһэр.
– Оччоҕуна Аркаадьыйтан баран матассыыкылын уларсыҥ. Киһиҥ сатаан ыытар ини?
– Ыытарын ыытар эрээри, Аркаадьый биһиги аайы матассыыкылын мээнэ уларсыбата буолуо ээ.
– Бээрэ, мин эрийэ сылдьыым.
Ыстапаан Ыстапаанабыс төлөпүөнүн үрдүгэр түһэр.
– Аркаадьый, дорообо… Ээ, барыта этэҥҥэ… Эһиги?… Чэ, бэрт эбит. Иһит эрэ, доҕор! Куораттан Августа кэлбит…ээ, кини, кини… Кэргэннэммит… Эдьиийдэригэр Өллөөххө барыахтарын баҕараллар эбит. Матассыыкылгын эдэр дьоҥҥо уларыс эрэ!… Чэ, бэрт эбит, сотору тиийиэхтэрэ.
Биригэдьиир Ыстапаан төлөпүөнү уурар.
– Чэ, Аркаадьыйга бара охсуҥ. Уол матассыыкылын уларсыах буолла. Оттон кэргэниҥ матассыыкылы сатаан ыытар ини?
– Биллэн турар, ыытар. Ыстапаан Ыстапаанабыс, улахан да улахан махтал! – Августа үөрүүтүттэн хайыан да билбэт.
– Миэхэ буолбакка, Аркаадьыйга махтанаар!
– Биллэн турар, киниэхэ эмиэ махтаныахпыт.
– Тиийэҥҥит, дьоҥҥут настырыанньатын үчүгэйдик өрө көтөҕөөрүҥ эрэ, хата! – биригэдьиир чочумча саҥата суох олорон баран этэр.
– Биһигинэ да суох, үчүгэй настырыанньалаахтар ини!
– Хайдахтара буолла, дьэ?… Өллөөххө барыахтарын туох да иһин баҕарбатахтара. Чиэһинэ эттэххэ, күһэйэн туран ыыппыппыт.
– Хайдах ол аата күһэйэн туран? – Августа соһуйбуттуу ыйытар.
– Оттон ким эрэ онно үлэлиэхтээх буоллаҕа дии?!
– Ээ, ол иһин да, урукку сайылыктарыгар тоҕо барбатахтарай диэн испэр муодарҕаабытым ээ.
– Киһи барыта баҕатын хоту сырыттаҕына, табыллыбат инибит.
– Оннугун оннук эрээри, үөрэммит сирдэриттэн ырааппыттара соччото суох.
– Чэ, чэ, Августа, ити баҕас эн ырыппат боппуруоһуҥ ини. Хата, тиийэҥҥит, дьоҥҥутун хайдах сэргэхситэргитин толкуйдааҥ. Ээ, уонна, арба, почтальон Бааһаттан хаһыатта