Сүлүһүннээх таптал. Сардана Сивцева
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Сүлүһүннээх таптал - Сардана Сивцева страница 20
– Оҕо даа? – ити тухары саҥата суох таҥас сууйа турбут Маайа, соһуйан, саҥа аллайар.
– Оттон кэм ханыыланыа этэ дии? Убайдара киниттэн быдан аҕалар. Мин көрдөхпүнэ, бэйэтэ бэйэтигэр сылдьаахтыыр.
– Ээ, айыка, саас да ыраатта, түөрт оҕо сөп оҥоруо, – Маайа быһа-бааччы этэр.
– Оннук. Итилэри да иитиэххэ-аһатыахха, таҥыннарыахха диэтэххэ…
– Чэ, үксүн мин көмөлөһөбүн быһыылаах. Хамнаһым супту эһиги оҕолоргутугар бара турар, – Өкүлүүнэ кинилэр диэки «Саҥарымаҥ!» диэбиттии, сапсыйан кэбиһэр.
– Эдьиийбит барахсан, көмөҥ, кырдьык, баһаам. Эйигинэ суох, эрэйдэниэ эбиппит.
– Уолаттаргыт таах, ускул-тэскил сылдьыбакка, хайаан да туох эрэ идэни ылыахтарын наада. Ити эдьиийдэрин Моттоко курдук. Маладьыаһыҥ, хата айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун тобулан, бэртээхэй үөрэххэ киирдэ дии?
– Дьол хараҕа суох дииллэрэ ити буоллаҕа, – Маайа, улахан кыыһын санаан, сирэйэ-хараҕа сырдыы түһэр.
– Аҕыйах хонугунан Моттокобут кэлиэ, дьэ, оччоҕуна, олохпут быдан сэргэхсийиэ… – Өкүлүүнэ сүргэтэ көтөҕүллүбүттүү этэр.
– Оннук ээ! Оҕом сыыһа, кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн, күн тэҥэ киһи! – Ньукулай кыыһын ахтыбыт быһыылаах.
– Этэҥҥэ сырыттаҕына, бэйэтин ааттатыа! – Өкүлүүнэ Моттокотун киэн туттара өтө биллэр.
Оппоолоох Лөглөө дьиэлэриттэн быгаллар.
– Биһиги сөтүөлүү бардыбыт! – Оппоо, күн тыгара күүһэ бэрдиттэн, хараҕын симириктии-симириктии этэр.
– Барыҥ, ааһа… – Маайа көҥүллүүр.
– Сэрэнэн сөтүөлээриҥ, аһары дириҥҥэ киирээйэххитий! – Өкүлүүнэ кэм да сэрэтэр.
– Сөп, сөп! – Лөглөө аат харата сөбүлэһэр.
Уолаттар иккиэн күөл диэки бараллар.
Дьөгүөр тыа устун хааман иһэр. Кини сирэйиттэн-хараҕыттан, тутта-хапта сылдьарыттан тыаны биэс тарбаҕын курдук билэрэ өтө көстөр. Кини манна алҕаска кэлбит киһи курдук буолбакка, хаһаайын курдук эрэллээхтик туттар. Хас биирдии мас, үүнээйи киниэхэ тугу эрэ кэпсииргэ, сибигинэйэргэ дылы. Эмискэ кини эргэ тиит таһыгар тохтуур. Баараҕай мас хатырыктара алдьанан, онон-манан тоороттон түспүттэрин бэлиэтии көрдө. Сэрэйбит сэрэх, өрө хантайаат, көтөр уйата урусхалламмытын биллэ. Дьөгүөр сирэйэ тута кытаата, дьиппинийэ түстэ. Бэл, хабырынан ылла.
– Бу ыт боруодата немецкай овчарка, оттон бу – сенбернар, бу – колли… – Любуска хаһан да көрбөтөх ыттарын тустарынан кинигэни арыйталаан кэпсии олорор.
– Хантан ону эн барытын билэҕиний? Сымыйалыыгын быһыылаах, – Баанньыска итэҕэйбэтэхтии ыйытар.
– Үөрэттэҕим дии? Улааттахпына, баҕар, кинолог буолуом.
– Ол аата тугуй? – Лидыкка муодарҕаабыттыы ыйытар.
– Кинолог диэн ыттары үөрэтэр идэ, – Любуска дьоһуннаахтык хоруйдуур.
– Любуска, ыттары үөрэтэр туохха да наадата суох. Нуучча тылын учуутала буолаар, – ийэлэрэ Мотуруона, таҥас абырахтыы олорон, санаатын