Сүлүһүннээх таптал. Сардана Сивцева

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Сүлүһүннээх таптал - Сардана Сивцева страница 21

Жанр:
Серия:
Издательство:
Сүлүһүннээх таптал - Сардана Сивцева

Скачать книгу

style="font-size:15px;">      – Өйдөөтүгүт? – Куока тоһоҕолоон ыйытар. Ити туран эмискэ уолчаан сирэйэ уларыйан хаалар. Арай көрдөҕүнэ, ньирэйдэр ортолоругар түөһүгэр моойторуктаах кыһыл саһыл турар. Уол, көрбүтүн итэҕэйбэккэ, хараҕын ытыһынан соттон ылар да, саһыл сүппэт. Хата, чугаһаан биэрбиккэ дылы буолар. Дьиктитэ диэн, ньирэйдэр кинилэр ортолоругар саһыл баар буолбутун билбэккэ дылылар. Кутталыттан, харыс да хаамыыны оҥорор кыаҕа суох буолбут Куока, этин сааһа арыллан, саһылтан хараҕын араарбакка турар. Саһыл кини диэки эмиэ да күлүү гыммыттыы, эмиэ да кырыктаахтык көрөргө дылы. Ханнык эрэ ньирэй улахан баҕайытык маҕыраабытыгар биирдэ өйдөнө биэрээт, Куока олорор дьиэтин диэки буута быстарынан ыстанар.

* * *

      Маайа тиэстэ охсо турар. Кини хас хамсаныытыгар бу үлэни күннэтэ оҥороро өтө көстөр. Оттон Өкүлүүнэ оронугар «Кыым» хаһыаты ааҕа сытар.

      – Хайа бу, хаһан почтальон Бааһа кэлэрэ буолла? Ама да буоллар, эргэ үйэтээҕи «Кыымнары» нойосуус үөрэтиэхпэр диэри аахтым.

      – Оттон «Сааскы кэми» аах ээ. Баар дии? – Маайа тыл кыбытар.

      – Ээ, сонуннары ааҕарбын ордоробун. Аан дойдуга туох буола турарын, ким өлбүтүн, ханна сэрии саҕаламмытын, Брежневпит ханна тиийбитин билиэҕи баҕарыллар. Араадьыйабыт да суох, саатар хаһыаппыт да мэлигир. Олох түҥ былыргы үйэ курдукпут!

      Эмискэ ааны тэлэччи аһан, аҕылаабыт-мэҕилээбит Куока дьиэ иһигэр көтөн түһэр. Биир тылы этэр кыаҕа суох, нэһиилэ тыын ыла турар.

      – Хайа, Куока, бачча айылаах туох буоллуҥ? – ийэтэ соһуйбуттуу ыйытар.

      – Тукаам, хантан бачча айылаах сүүрэн кэллиҥ? Убайдарыҥ атаҕастаатылар дуо? – Өкүлүүнэ оронугар олоро биэрэр.

      – Анараатах… – Куока тарбаҕынан ыйар. – Анараатах… кыһыл саһыл сүүрэ сылдьар.

      Өкүлүүнэ, итини эрэ истиэм дии санаабатах буолан, итэҕэйбэтэхтии күлэн ылар.

      – Эс, ханнык саһыл манна кэллэҕэй? Ыт ини?!

      – Суох! Чахчы саһыл! Түөһүгэр күн курдук моойторуктаах!

      – Түөһүгэр моойторуктаах да-а? – Маайа хос ыйытар.

      Уолчаан, «оннук, оннук» диэбиттии, төбөтүн кэҕис гыннарар.

      – Оччотугар баран көрүөххэ буоллаҕа! – Өкүлүүнэ саҥа аллайар.

      Үһүөн дьиэттэн тахсан, ньирэйдэр диэки хаамаллар. Тиийэн баран, эргиччи көрүтэлииллэр да, саһыл сибикитэ суох.

      – Саһылыҥ ханнаный? Суох дии?! – Өкүлүүнэ, таах киһини туруораҥҥын диэбиттии, сэмэлиирдии этэр.

      – Суох, суох! Чахчы этэбин! Ньирэйдэр быыстарыгар олороро! – Куока абаккатыттан ытыахча буолар.

      – Саһыл эбитэ буоллар, ньирэйдэр, куттанан, куотан хаалыа этилэр. Нохоо, эн тугу эрэ айан кэпсиигин. Уонна бу дойдуга хантан саһыл кэлиэй?

      – Куока, ыты көрбүтүҥ буолаарай? – Маайа уолун диэки аһыммыттыы көрөр.

      – Ыт буолбатах, дьиҥнээх саһыл!

      – Ээ, оччоҕуна, састаҕа дуу? – Өкүлүүнэ үгэргээбиттии этэр.

      – Итэҕэйбэт буоллаххытына, итэҕэйимэҥ! – Куока хаһыытыы быластаан этэр.

      – Ээ, бу уол куйаастан туймаарбыт быһыылаах.

Скачать книгу