Муора арыытыгар олох. Сэмэн Тумат

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Муора арыытыгар олох - Сэмэн Тумат страница 3

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Муора арыытыгар олох - Сэмэн Тумат

Скачать книгу

киирэр кэмэ кэлбититтэн, оттон үрүҥ эһэлэр материктан икки бэйэлэрэ үс буолан улааппыт оҕолорунуун Хотугу байҕалга мууһу баттаһан тиийэ охсор кыах көстүбүтүттэн балыктаан, бултаан сиир күннэрэ үүммүтүттэн үөрэн-көтөн эрдэхтэрэ дии. Үөрүмүнэ – кыһыны быһа улугурбут бэйэлэрэ чэмэличчи суунуохтара уонна материктыын, аны кыһыҥҥа диэри туундаралыын бырастыылаһан эрэрдии, моойдорун уһата-уһата, олоотоспутунан, мууска турбутунан айанныахтара. Бу кэмҥэ кинилэр санааларын көтөҕөрдүү арыыларга кус-хаас саҥата күйгүөрэ олоруоҕа».

      – Оҕолоор, ити Өлөксөөйкө арыыта диэн сир. Уонча сыллааҕыта, Гриша, эн aҕaҥ биһикки ол көстөр хара сыыр анныттан кырдьаҕahы – эһэкээни бултаан турардаахпыт. Ол дьыл бэйэтэ даҕаны булдугар табыгастаах дьыл этэ. Хор, онно эн aҕaҥ бэргэнник ытара, куттаҕаһа суоҕа миигин сөхтөрбүтэ, онтон ыла күн бүгүнүгэр диэри доҕордуубут.

      Үчүгэй хатан доҕордоох эрэ киһи биһиги дойдубутугар кыайа-хото сылдьар. Аныгы үйэ үөрэхтээх оҕолоро ол биһиги курдук буурҕаны кытта тустан, кырсалаан, ойбон алларан, муус аннынан илимнээн айаххытын ииттибэтэххит да иһин, саатар дьон эрэйин өйдүүр дьон буола улаатаргыт буоллар, биһиги эрэйбит тиллибит курдук сананан, үөрэ-көтө буору булуо этибит буоллаҕа дии, – аҕам кырыа буолбут кыламаннара ибирдэһэн, харахтара эйэҕэстик чаҕылыһа күллүлэр.

      Күн уота хаар үрдүн халты көрөрүттэн буолуо, били биһигини батыһан испит күөх күлүктэр уһаан бардылар, ыттар өр айаннааннар тылларын түөстэригэр түһэрэн аҕыласпыттар, дөрүн-дөрүн сүр сымсатык нөрүс гынан суол ойоҕоһунааҕы хаартан уобаллар. Ол эрээри айаннаабыт тэтимнэрин ыһыктыбаттар. Бэйэтэ да биллибэтинэн көстө-сүтэ күрэнэн туундара өҥө уларыйан киэһэрэн барда, мин атаҕым төбөлөрүн хардарыта охсуна истим. Гриша эмиэ миигин үтүгүннэ.

      Ону билэн аҕам ыттарын тохтотон, биһигини өл хаптарда, чэй иһэртэ уонна сырса оонньооҥ диэн соруйда. Бэйэтэ сири-дойдуну көрүөм диэн ааттаан, сыарҕатын илин атаҕын олуйа тарыыр маһын хаарга дириҥник батары анньаат, көҕөрөн көстөр үрдүк хомурах диэки аа-дьуо сүөдэҥнии турда. Биһиги доҕорбунуун сүүрбүтэ, тустубута буолан мочоохтостубут, дэлби тириттибит. Өр-өтөр буолбата, аҕам тиийэн кэллэ:

      – Хайа, оҕолоор, тоҥмуккут ааста дуо? Чэ, оччоҕо айаннаан көрүөххэйиҥ. Хата эһиги дьолгутугар күн-дьыл туруга билиҥҥитэ үчүгэй, ыйдаҥалаах киэһэ буолсу.

      Ыттарын биир-биир ааттарынан ыҥыртаан туруортаата, аалыктарын көннөртөөтө. Биһигини олорто. Хоҥуннубут. Сынньаммыт ыттар күлүмэх айаннарыттан хаар өрүкүйэ түстэ. Киэһэрдэ.

      – Тадах-тадах! Ток-ток!!! – аҕам ыттарын киксэрэр, мууһурбут кыламаннарын уонна тор курдук хара бытыгын таба тыһа үтүлүгүн көхсүнэн ньухханар, туох эмэ туһунан киэҥник эргитэ санаатаҕына буоларыныы, сүр үлүгэрдик көхсүн этитэн сөтөллөн ылар. Үтүлүктэрин тобугар кыбыйа тутан, биһиги диэки ойоҕоһунан эргиллэр, айан салгыныттан куоттаран, модьу-таҕа ытыһын иһигэр испиискэ уота сандаарда, удьурхай хамсатыгар симиммит

Скачать книгу