Муора арыытыгар олох. Сэмэн Тумат

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Муора арыытыгар олох - Сэмэн Тумат страница 4

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Муора арыытыгар олох - Сэмэн Тумат

Скачать книгу

чугаһаабытын билэннэр ыттар айаннарын тэтимэ эбилиннэ, сорохтор үрэн ньаҕырҕастылар.

      Кэмниэ-кэнэҕэс сыыр анныгар ыкса тиийэн кэлбиппит кэннэ «дьиэ манабыла» үрэн ньаҕырҕаабыта буолла, ити аата «ээ, эһиги кэллигит дуо» диэн үөрэн эҕэрдэлээбит быһыыта буоллаҕа. Сыыры өрө тахсыыга аҕам биһигини түһэртээтэ, бэйэтэ буоллаҕына таһаҕастаах сыарҕатын анньыһан дабайыста.

      – Хайа, доҕоор, уолгун аҕалбатаххын дуу? – ийэм чуор саҥата киэһээҥҥи дьыбарга улаатан иһилиннэ.

      – Кэлэн, кэлэн! Барбах эрэ дьонуҥ иккиэлэр.

      – Бай, ол биирдэрэ кимий, доҕоор? – ийэм ыйыппыт саҥатын дорҕооно сүтэ илигинэ, сыыры таҥнары сүүрэн киирдэ уонна сукуйбутун устуһан булумахтаһа сырыттахпытына, иккиэммитин кууһан ылла.

      – Бу оокколорбун көрөр күннээх эбиппин ээ! Чэ, тахса oxcyҥ! Дьиэҕэ киирэн биирдэ устаарыҥ. Чэ, чэ! – ийэм тиэтэттэ, көлөттүгэс дьоҥҥо сыыры дабайарбытыгар көмөлөстө.

      Хаар күүлэ иһигэр киирдибит. Ийэм үөрүйэх илиитэ аан тутааҕын таба харбаан аспытыгар сылаас салгын «ил» гына саба биэрдэ, «чэ, чэ киирэ oxcyҥ» диэбиттии ыһыырынньык уота эйэҥэлии түстэ.

      – Хайа, доҕоор, чүмэчиҥ бүппүтэ быданнаабыт дуу?

      – Бүтэн. Ыһыырынньык уотунан туһаммыппыт бүгүн үhүc күнэ. Хайа, хайдах-туох олордугут? Туох сонун-нуомас баар буолла? – ийэм үрүт үөһэ ыйыта турда.

      Ыһыырынньык уота сүрэҕэлдьээбиттии эйэҥэлиир сырдыгыттан дьиэ иһэ өссө кыараабыкка дылы буолла, ийэм биһиги аҕалбыт кыраһыыммытын таас олохтоох лаампатыгар кута охсон, киһи хараҕа чаҕылыйар сырдыгын уматан сандаарта. Ол кэннэ тимир буочука аҥаардаммытынан оҥоһуллубут ohoxxo быраҕыллыбыт уккунньаҕа аатыгар эрэ сыыгыныы умайарын күөдьүттэ, эбии мас укта, кур морж сыатын лаҕыран хаалбыт биэдэрэттэн хомуоһунан сомсон ылан, уокка кутан биэрбитигэр ohoҕo барахсан, ону эрэ кэтэһэн турбут курдук, өрө тигинии түстэ.

      Бу кэмҥэ айан дьоно кэлбитин билэн, уйгууран орто быраатым Өндөрүүскэ-Тоотук туох да бокуойа суох ытаан тоҕо барда. Быраатым барахсан күкээрбит төбөтүн кэтэҕиттэн сыллаан ыллым, уоскутаары хомуһуолум тас сиэбигэр укта сылдьыбыт кэмпиэппин туттара охсон кэбистим. Арай бу долгутуулаах түгэн тиийбэт киһитэ – быйыл кыһын төрөөбүт Өлөксөөндүр диэн кыракый быраатчааным, саха тэҥэ суох, утуйан буккуруу сытар. Бэйэм буоллаҕына алаһа дьиэ ахтылҕана таайан буоллаҕа буолуо, ытыах санаам ыган кэллэ. Ону аралдьыта сатаан, дьиэ иһин эргиччи көрөбүн. Ohox xaҥac өттүгэр чэҥ буолбут муннукка сүгэнэн мастаммыт хардаҕастар кыстаммыттар. Үөһэ аналлаах кэрээдэҕэ икки тоҥ кырса анньыллан тураллар. Ohox холумтанын уҥа өртүгэр эриэн түөс хаас ириэриллэ ууруллубут. Мин бу хаас тумустаах сылдьарыттан, хайдах урут быспатах бэйэбиний диэн, муодаргыы санаатым. Үгэс курдук, кыһыҥҥы хаһааска ууруллубут хаастары өрүү тумустарын быһан ылан, бөһүөлэккэ барарбар илдьэ барааччы этим. Күһүн эрэ буоллар бөһүөлэк оҕолоро ким элбэх тумуһу муспутунан, киммит аҕата элбэх куһу-хааһы сууһарбытынан куоталаһыы буолааччы. Apaaha, ийэм, хаһаасчыт муҥутаан,

Скачать книгу