Муора арыытыгар олох. Сэмэн Тумат
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Муора арыытыгар олох - Сэмэн Тумат страница 5
– Доҕоор, Өндөрөй, ким ыал-куус буолбутуй, бөһүөлэккэ туох үчүгэй сонун баарый?
– Били Хаасчыт уола кэргэн ылбыт диэн иһиттим, түгэн булан кийиити көрбөккө хааллым. Caҥa балык тутааччы кыыһы ылбыт үhү. Быйыл бу биһиги арыыбытыгар Улахан Абылахаан биригэдьиирдээх сүүрбэччэ киһилээх морж ытааччылар киириэхтэрэ үhү, күһүөрү. Хата, онно кыттыһар киһи абырал буолуо этэ. Кырсам харчытын ааҕыстым. Иэстээх харчыбын төлөөтүм, ордугар ас-үөл буллум. Уолбар саа атыыластым. Оттон атыны сыыйа-баайа кэпсиэм буоллаҕа дии. Көстөкүүннээххэ түһэ сырыттым, олоруулара үчүгэй. Эйиэхэ эҕэрдэ тиэрт диэбитэ ийэлэрэ эмээхсин.
– Оҕом манна киһи-сүөһү суох сиригэр сааланарга үөрэнэн хаалыа этэ. Саамай сөп. Ол Хаасчыт хахай уолун көрүөҥ этэ. Бэрт соторутааҕыта остуол аннынан сүүрэр уол баара дии. Дьыл – хонук. Оҕо улаатара дөбөҥүн көрүөҥ этэ. – Ийэм бу дойду олохтоохторун бэрт үчүгэйдик билэр, истиҥник саныыр дьонун «ыт уола», «хахай уола» диэн эйэргээн туттар тылларыттан ити аата «хахайын» эрэ тутуннаҕа.
Биһиги остуолтан туруубутугар муус түннүк нөҥүө дьүкээбил уотун оонньооһуна өссө күүһүрбүт этэ. Ыйдаҥа муора куйаарын туналҕан сырдыгынан кууһан олус кэрэтик сырдаппыта, халлааҥҥа сулустар үөрбүт харахтарынан чыпчылыһа күлэллэрэ Гриша биһиккини олус дьоллообута.
Тунал хаар үөрүүтэ
Сүр минньигэс сыт таныыбынан дьырылаан киирбитигэр уһукта биэрдим. Дьонум туран-олорон ырааппыттар, тигинэччи оттуллубут тимир ohox аана кыһыл сукуна буола кытарбыт. Соркуойдаммыт эт холумтаҥҥа ууруллубутунан буоллаҕына, биһиги турарбытын кэтэспиттэрэ быданнаабыт бадахтаах.
Сааскы күн сытыы сардаҥалара муус түннүк иэдэһиттэн тэйэн, кырса анньыллар чиэс маһыгар эйэҥнээн, дьирибинээн көстөллөр. Гриша эмиэ уһугунна. Бэҕэһээҥҥи айантан көһүйэ быһыытыйбыт киһи аҕыйахтык тыылламмахтаан ылла, ол кэннэ тура эккирээтэ. Аан чанчыгар ыйанан турар соннортон түбэһиэх санныбытыгар быраҕынаат, бокуойа суох таһырдьаны былдьастыбыт. Муора кылбаа маҥан иэнэ: «Сэмэнчик, тиийэн кэлбиккинэн!» – диэн мичээрдииргэ дылы.
Tүөhү сайа охсон киирэр сааскы салгын санааҕа балык, ньиэрпэ, туустаах уу сытынан салгыйарга дылы. Ити, дьиҥэ, санааҕа эрэ. Санааҕа эрэ. Хайыы-үйэ өлүү аһылыктарын сиэн бөҕөхсүйбүт ыттар сорохторо муора диэкиттэн сыт-сымар ылан олоотоһоллор, сорохторо кэлин атахтарыгар олорон эрэ «быттаннаҕа» буолан илин атахтара биир кэм эйэҥэлэһэллэр, бууттарын хабыаланаллар, сорохторо буоллаҕына, көп түүлээх көҕүстэринэн тиэрэ түһэ сытан, сүр имигэстик имиллэҥнээн, хаар устун ыраахха диэри сурулаан тиийэллэр, ол кэннэ бокуойа суох тура эккирээн, күрдьүккэ күүстээх күөннэринэн сигэнэн, охторо сыһаллар. Оччоҕо хаар күдэҥэ кырса көп түүтүнүү үрэллэҥниир, сирэйи-хараҕы саба тибэр. Доҕорбунаан ыраас хаарга мочоохтоһобут. Гриша күүс-күдэх муҥутаан умса садьыйталыыр. Аҕылаабытым күүһүттэн сүрэҕим көбөн, кулгааҕым тыаһа кус кынатыныы куһугуруур,