Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

куорат таһыгар хааман, үүрэн, алталыы-сэттэлии куобахтаах киирэрбит. Онно эбии ардаҕа суох дьыл буолан, массыына көлө ханна баҕарар тиэрдэрэ. Биирдэ эмиэ хомуллан, эрдэттэн бэлэмнэнэн, массыына төһө барарынан икки хоно куобахтыы айаннаатыбыт. Төһө даҕаны дьыл ырааттар, хаардыы илигэ. Бэл, улахан эбэлэр тоҥмокко уунан көрө сыталлара. Хас даҕаны итинник эбэлэргэ, үөр кустарга түбэһэммит, төгүрүйэн киирэн, көтүтэн ытыалаан баһаамы бултаан, үөрүү бөҕө.

      Бу сырыыбытыгар ол навигатор диэн тэрили боруобалаары илдьэ тахсыбыттара. Омуктуу суруктаах инструкциятын нууччалыыга уларытан, уолаттар начаас баһылаабыттара. Төһө да билиҥҥилэргэ холоотоххо кылааһынан намыһах буоллар, оччолорго сүрдээх тэрил этэ. Ити тэрили Потап бэрэлиир. Кини, итини таһынан, оччолорго саҥа атыыга тахсыбыт кольминаторы, оптикалары көрөр-истэр.

      Урукку сырыыларга былыргы каартанан уонна куомпаһынан сирдэтинэрбит. Онно улахан убайбыт Тыаһыт баһылыыра-көһүлүүрэ. Улаханнык мунаардаҕына эрэ куомпастанара. Сиргэ сылдьа үөрүйэх буолан, отунан-маһынан, оргулунан, күнүнэн, сулуһунан ыйдаран, тиийиэхтээх сирин чопчу булара. Бастаан саҥа тэрилбитигэр улаханнык итэҕэйбэппит, суолта уурбаппыт. Хайа, уонна кэм удумаҕалыыр сирбитигэр сылдьар буоллахпыт. Арай Потап үөһэ-аллара тутар, олох иилинэ сылдьар.

      Бастакы күммүтүгэр, аҕыйах да буолларбыт, тоһуйан, үүрэн, син бултаатыбыт. Сарсыныгар эрдэ туран, иккитэ аһыыр аспытын сүгэн, тоһуура суох тараахтаан хааман, сири-уоту үөрэтэ диэн ааттаан иннибит хоту түһэ турдубут. Күһүҥҥү чэбдик салгыҥҥа саа сүгэн хаамар үчүгэй да буоллаҕа. Онно эбии көмнөх түһэн, ойуур иһэ ырааһырбыт, сырдаабыт курдуга. Уҥа уонна хаҥас кырыыларбыт арыый уруттаан иһэллэр. Онон кинилэртэн үргүбүт куобахтар, мас да көтөрдөрө биһигини даҕаны табаллар. Биитэр биһигиттэн куоппуттар кинилэргэ тиийэллэр. Бары биир эфиргэ холбоно сылдьар рациялаах буоламмыт, кэпсэтэ иһэбит, күүтүһэбит. Сорох ардыгар, итинник иһэн, тумуска аҕыйахтыы куобаҕы ыган, бэркэ ылаттаатыбыт.

      Төннөрбүтүгэр оручуоттаан, биир сиргэ наҕылыччы чэйдээн баран, атын сиринэн эргийэн төннөргө сүбэлэстибит. Эмиэ ыта иһэбит. Бултаабыт куобахтарбытын сотору-сотору тэҥ гына үллэстэн сүгэбит. Биэс-алта куобах, ону таһынан мас көтөрө, бэйи, сөбүгэр таһаҕас. Сотору-сотору сынньанарбыт элбээн барда. Күһүҥҥү күн киирээтин кытта тымныйан, халлаан хараҥарыахча буолла. Олус эргиир оҥороммут, сыыйа тэйэн хаалбыппыт. Биир сынньалаҥҥа түмсэммит, мунньахтаан турдубут. Тыаһыт убайбыт аатырар куомпаһын таһааран, отуубут ханан баарын тускулаата эрээри, бу сырыыга навигаторы боруобалыырга биир санаанан кэллибит. Потап тэрилин көрөн баран, отууга диэри быһалыы бардахха төһө биэрэстэ баарын, өссө, сөҕүөхпүт иһин, маннык хаамыынан бардахпытына хас чааһынан тиийиэхтээхпитин эттэ.

      Саабытыттан ботуруоннарбытын хостоон, таһаҕаспытын тэҥ гына үллэстэн, Потаппытын «ыйар сулус» оҥостон, кэнниттэн субуруһан отуубут туһун диэки түһүнэн кэбистибит.

Скачать книгу