Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 5
Сааскы куска, төһө даҕаны эрдэттэн бэлэмнэннэргин, барар күҥҥэр син биир туох эрэ умнуллан, төттөрү-таары мэскэйдэнии бөҕө буолааччы. Дьэ, биирдэ Капитан, Потап уонна мин буолан, тардыллыбыт болдьох эмискэ көҥүллэнэн, үөрүү-көтүү буолла. Ким өрөбүл күн ылаары сүүрэр, ким бултуур билиэтин уһаттарар, ол быыһыгар эрдэ оҥоһуллубут испииһэгинэн мончуук, кырааска, ас-үөл ылыытыгар ылсар. Биһиги эмиэ бүтэһик күҥҥэ диэри урукку мончууктарбытынан барыах буола сылдьыбыппыт. Онтубут баара, сирбит уларыйар буолан, эбии мончуук атыылаһарга күһэлиннибит. Хас даҕаны маҕаһыынтан мэлийэн, арай ырыынакка тиийбиппит, кытайдар барахсаттар муус маҥан пенопласт мончуугу босхону эрэ үрдүнэн атыылаан ньамалаһа тураллар эбит! Биһиги, үөрүүнү кытта, уонтан тахсаны атыыластыбыт. Муус маҥаттар. Эҥин араас кэрэ дьүһүнүнэн кырааскалаатахха, бэртээхэй буолсулар. Эчи, илдьэ сылдьарга чэпчэкилэрэ да бэрт. Аны түргэнник куурар, ууга суураллыбат, кылабачыйбат кырааска көрдөөн, араас маҕаһыыннары кэрийдибит. Барыта ыксал. Дьиктиргиэхпит иһин, ханна даҕаны биһиги наадыйар кырааскабыт ордубатах. Бэл, маслянай кырааска көстүбэтэ. Арааһа, булчуттар бары маҥан мончуугу ылынан, кыраасканы бүтэрбиттэр быһыылаах. Олох ыксаатыбыт, субу барыахтаахпыт. Хайыахпытый? Кумааҕы килиэйин кытта ууга суураллар гуашь кыраасканы хото атыыластыбыт уонна айанната турдубут.
Кустуохтаах сирбитигэр этэҥҥэ тиийэн, дурда туттан, эргэ мончууктарбытын ууга анньыталаан, бэлэм буоллубут. Көҥүл бастакы түүнүгэр Байанайбыт барахсан маанылаан, уонча куһу бултатта. Кус барыта кэлбит. Эбэбитигэр сис уута хас даҕаны сиринэн халдьыгыраччы киирэр буолан, уута түргэнник кэҥээн барда. Чахчыта даҕаны, киэҥ Эбэҕэ эргэ мончууктарбыт көстүүтэ суох буолан бардылар. Кустар биһиги эрэ мончууктарбытыгар наадыйбакка, онон-манан көтүүлэрэ элбээтэ. Дьэ, саҥа мончууктарбытын хостотолоон, бултаабыт кустарбытыгар маарыннатан, кырааскалаан дьэрэлиттибит. Бары даҕаны уруһуйга сыстаҕас соҕус буоламмыт, тулуппатыбыт. Бэрт сотору бэртээхэй мончууктар күн уотугар хатарылла уурулуннулар.
Киэһэ саҥа мончууктарбытын эргэлэрбитин кытта анньан барылаттыбыт. «Эбэҕэ киирбит кус биһиэнэ» диэн күлүкпүтүгэр имнэнсэн кэбистибит. Уу нуурал буолан, мончууктарбыт олус үчүгэйдик көстөллөр. Кырдьык, ол түүн Эбэҕэ киирбит кус биһигини быһа ааспатаҕа. Бэркэ ыттарбыта. Сарсыарда кус көтүүтүн аҕырымныырын баттаһа кыратык тыалыран, быстах былыт ыга анньан кэлбитигэр, отуубутугар тахсан чэйдээн баран, утуйан хааллыбыт.
Дьон саҥатыттан уһуктан кэлбитим, сылгыһыттар кэлэн чэйдии олороллор. Ардах ааспыт, күн да күн буолбут. Сылгыһыттар биһиги куурда тэлгэппит кустарбытын көрөн сөҕүү бөҕө. «Дьикти эбит. Ити маҥан мончууктаргытыгар тартараҕыт дуо? Оттон ыраахтан маҥхаһан, куһу даҕаны чугаһатыа суох курдуктар дии». Биһиги, төһө да өйдөөбөтөрбүт,