Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 8

Жанр:
Серия:
Издательство:
Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

буоллуҥ да, күн талбыта барыта баар курдук. Ол оннугар бултуур сир көстүбэтэ, кэлиитэ-барыыта барыта «хаһыытыыр» харчынан мээрэйдэнэр. Оттон тыа булчуттара барахсаттар миҥэлэрин мииннилэр да, хара тыаларыгар тахсар буоллахтара. Аҕыйах сылтан бэттэх тыа булчуттара сирдэрин уларсар, бэл, анаан көрдөөн, иччилээх арҕаҕы булан, куорат булчуттарыгар ботуччу сыанаҕа атыылыыр буолбуттара кистэл буолбатах. Бу үчүгэй олохтон буолбатаҕын бары да билэн эрдэхпит. Үлэ суоҕа, хамнас кырата, харчы кэлэн-баран испэтэ манныкка тиэртэҕэ. Оттон улахан булка холонон көрүөн баҕалаах куорат фанат булчуттара оннук түгэни мүччү туппаттар. Бүтэһик харчыларынан биитэр баантан харчы да уларсан туран, бултаһан тэйэллэр.

      Бу ырааттаҕа. Оччолорго иччилээх арҕах ботуччу сыанаҕа турара. Биһиэхэ да улахан булка боруобаланар түгэннэр тосхойбуттара. Олортон биирдэстэрэ – Алдан улууһун биир общинатыттан диэххэ дуу, ыҥырыы тигинээн кэлбитэ. Улахан сүбэлэһии кэнниттэн Босс, Капитан, Сэргэй уонна Ньукулай диэн табаарыспыт ыраах айаҥҥа туруммуттара. Сэргэй – биһиги хамаанда улахан доҕоро, Босс биир дойдулааҕа. Күүһэ-уоҕа, кыаҕа мээрэйдэммэтэх киһи. Булка, тиэхиникэҕэ сыһыанын этэ да барбаккын. Оттон Ньукулай сүрдээх балыксыт, булчут. Айылҕа оҕото буолан, кыһыннары-сайыннары бултуур көҥүллээх, айылҕаҕа туспа сыһыаннаах, көрүүлээх киһи.

      – Мантан хоҥнорбутугар халлаан тымныыта ама этэ, – диэн курумҥа (эһэни өлөрдөхтөрүнэ тэриллэр малааһын) мустубуппутугар Босс хайдах бултаабыттарын сэһэргээбитэ. – Анараа дойдуга тиийбиппит, 45 кыраадыс буолан соһуппута. Дойдулаах киһини көрсөн, хас буолан, тугунан тахсарбытын торумнастыбыт. Сирдээх киһи табаарыстара, нуучча икки уола, саата суох киинэҕэ уста тахсыахтаахтара, туохтара эрэ сатаммакка, табыллыбата. Онон алтыа буоллубут. Биир «Бураннара» ойуурга бааҕын маска хайа астаран турар үһү. Онон биир алдьаммыт «Бурантан» баах устан, биири сүүрдэн, дьэ, айаннаатыбыт. Дэриэбинэттэн ыраах сир.

      Улахан булка сананыы сиэрин-туомун бары да удумаҕалыыр буоллахпыт. Ол эрээри ыҥырбыт дьоммут барыы, бултааһын сиэрин-туомун оҥороллорун субу диэн көрбөтөхпүт. Баҕар, биһиги тиийиэхпит иннинэ бэйэлэрэ анаан тугу эмэ дьаһыммыттара буолуо…

      Босс кэпсээнин кыратык быһа түстэххэ, аҕыйах сыллааҕыта үлэбинэн Алдан улууһун уһаты-туора сылдьан араас дьону, оҕолору кытта көрсүбүтүм, сэһэргэспитим. Хатыыстыырга Степа Сидоров диэн ахсыс кылааска үөрэнэр уолу булчут быһыытынан билиһиннэрбиттэрэ. Чахчыта да, кини сылдьыбыт сырыытын, бултаабыт булдун истэн сөхпүтүм. Тыйыс дойду оҕото кыра эрдэҕиттэн булка-аска, тымныыга, үлэҕэ эриллэн, эр киһилии туттан-хаптан, маннык кэпсээбитэ:

      – Биһиги диэки тиэхиникэ мээнэ сылдьыбат. Онон булт син баар, ол эрээри ити сиргэ тиийиэххэ наада. Быһа холуйан, мантан 800 биэрэстэни айанныахха наада. Туох үчүгэй суола кэлиэй? Үксүн сатыы, табанан, кыһынын-сааһын «Буранынан» сылдьабыт. Атын сирдэртэн тымныыта сымнаҕас дииллэр эрээри, арааһата, сыыһаллар быһыылаах. Олус

Скачать книгу