Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

булкуйа-булкуйа эрийэн тардыалаата. Хатырыктаах маска түү үчүгэйдик сыстан эриллэр буоллаҕа. Кыылбыт иһирдьэ кулдьугуруур эрээри, олох быгыалаабат. Ыксаан бардыбыт. Иккис бүө маһы уган, кириэс-мараас анньыталаан, быган турар өттүлэрин маска баайталаан кэбистибит. Ити аата – кыылбыт маһы ньылбырыта тыыппатын, төттөрү аспатын диэн.

      Тымныыбыт өссө сэтэрээбит курдук. £р букунастахпыт, таҥаспыт чарааһа даҕаны бэрт. Тоҥон бардыбыт. Үөһээҥҥи хайаҕаспытын уһун синньигэс гына кэҥэттибит. Киһибит маһынан анньыалаан бигээн, ханан ытыллыан сөбүн билгэлиир. Мээнэ ыттарбат. Биир түгэҥҥэ тохтоон, маһын хамсаппакка эрэ: «Манан ыт», – диэтэ. Титириги батыһыннара ытан саайдым. Иһирдьэ «ук» диир курдук гынна, иккистээн ыттым, «һуу» гынна, паар таҕыста. «Үчүгэй» диэн буолла. Киһибит өссө чуолкайдаары маһын уган, эмиэ анньыалаата. Арай туран, көҕүс ньирилиирэ иһилиннэ. «Оок, иккиэлэр эбит», – диэн, атын сиринэн эмиэ хайаҕас тэстэрэн, бигээн-бигээн баран, биир сиринэн ыттарда. «Сөп буолла. Чэ, бэрт», – диэн эрдэҕинэ, атын хайаҕаһынан тыатааҕы мунна быган ылла. Соһуйуу буолла. Киһибит эмиэ хайаҕастарынан булкуйбахтаата. «Манан» диэтин кытта, уолаттар ытан саайдылар. Уу чуумпу бүрүүкээтэ. «Бултуйдубут» диирин кытта, бары уһуутаһа түстүбүт. Үгэс быһыытынан, саамай эдэр киһибит киирэн быалыахтаах. Эдэрдэр иккиэлэр. Сэргэй быаны туппутунан киирэн иһэн: «Кыылбыт тыыннаах!» – диэт, төттөрү таҕыста. Дьэ, булкуллуу буолла. Киһибит эмиэ маһын ылан, онон-манан анньыалаата. Хайаҕаһы кэҥэттибит. Бириэмэбит олох ыраатан барда. Биир түгэҥҥэ бигии сылдьан, «манан» диэн буолла да, саа тыаһа өрө хабылла түстэ. Бу сырыыга бары да, саллан дуу, хайаан дуу, айаҕынан киирбэккэ, үрдүн хайаҕаһын кэҥэттибит, ыстыбыт. Биир бэттэх сытарын сыҥааҕыттан быалаан, соһон таһаардыбыт. Онтон иккиһи, үсүһү хостоотубут. Сөҕүөхпүт иһин, өссө биир тыатааҕы сытарын быалаан баран, соһон таһааран истэхпитинэ, быабыт быһа ыстанан хаалла. Бэрт нэһиилэ хостоотубут. Түөрт тыатааҕы! Дьэ, сөҕүмэр. Маннык баай-талым булт олох дэҥҥэ түбэһэрин иһиттэххит буолуо. Биир арҕахха түөрт, бэл диэтэххэ, биэс кырдьаҕас бииргэ кыстыыллара, чахчы да, дьикти. Ийэлэрэ уонна икки былырыыҥҥы оҕолор, ону таһынан биир кур оҕо эбит диэн хаһаайыммыт быһаарда. Кур оҕо ийэтин ситэ сыспыт, улахан этэ.

      Үөрүү балысхана. Ити икки ардыгар халлаан хараҥарыахча буолла. Уолаттар арҕах иһин ыраастаан, туспа чөмөхтөөн кэбистилэр. Иһэ киэҥ баҕайы, быыс эҥин диэн суох. Сыарҕалаах биир «Бураны» сүүрдэн аҕалан, бултарбытын тиэйэн, тохтообут сирбитигэр илтибит. Икки «Бураммытыгар» үллэрэн тиэйэн, массыынабыт хаалбыт үрэҕэр айаннаатыбыт. Олох хабыс-хараҥаҕа массыынабытыгар тиийдибит. «Массыына фаратын уотугар астыыр буоллахпыт» дии санаабытым. «Тымныыта бэрт. Мантыкпыт астыырга ымпыга-чымпыга элбэх. Онон бөһүөлэккэ баран, мин баанньыкпар астыахпыт», – диэн хаһаайыммыт дьаһайан кэбистэ. Төттөрү айаннаан куугунатан иһэн, массыынабыт кардаана алдьанан, оҥостон ыллыбыт. Инньэ гынан, киһибит дьиэтигэр

Скачать книгу