Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

түбэспиппит, быһыыта. Онон ыраас, килэгир мууска даҕаны кустар түһэллэрин илэ көрөн, бултаан олус астыммыппыт. Кэлин да итинник түгэҥҥэ хаста даҕаны түбэһэн бултаан турардаахпыт. Арба даҕаны, кус ыҥырар тэрилим туһунан кэпсээн иһэн халыйан хаалбыппын. Сааһыт Капитанын атааран баран, халыҥ тас таҥаһын таҥна-таҥна миигин кытта рациянан кэпсэтэ олордоҕуна, эмискэ моонньоҕоттор саҥарсыбыттар. Сааһыт миэхэ этээт, хаптас гына түспүт. Моонньоҕоттор чуп-чугас айманаллар үһү. Сааһыт истэ сатаан баран, сэрэнэн дурдатыттан тахсан көрө сатаабыт даҕаны, тугу да көрбөтөх. Интэриэһиргээн турбут. Арай кустара ханна эрэ аллара саҥарсаллар. Төҥкөс гынан иһиллээбитэ, бэйэлээх бэйэтин сиэбин иһигэр моонньоҕоттор саҥалара айманан олорор үһү! Тас таҥаһын таҥна олорон, алҕаска баттаан кэбиспит. Дьэ, муут-маат буолан араарбыт. Ол эрээри аҥаардас саҥардан долгуппута даҕаны үчүгэйэ бэрдэ.

      Гашпай

      Быраат Гашпай аҥаардас булка мүччүргэннээх, көрдөөх сырыыларын туһунан сыалай сэһэн суруллуон сөп. Бастаан утаа, куоракка көһөн кэлэн баран, олорор дьиэтигэр табыллыбакка, эрэй бөҕөтүн көрсүбүтэ. Сылга биэстэ-алтата көһөрө. Көһүү уот турбутугар тэҥнээҕин бары да билэн эрдэхпит. Ол да буоллар «сынтарыйан» хаалбакка, иннин диэки дьулуруйан, билигин бас билэр дьиэлэнэн-уоттанан, даачаланан, куорат биир мааны ыала.

      Булка-алка кыра эрдэҕиттэн сыстаҕас. Ол эрээри, сиртэн сиргэ, дьиэттэн дьиэҕэ көһө сылдьар буолан, саа докумуонун хомуйсубакка, өр кэмҥэ саата суох эрэйдэммитэ. Бултуур баҕата бэрдиттэн, билэр дьонуттан саа, саппыкы уларсан, куска, куобахха барсара. Кини хайа даҕаны хампаанньаҕа биир тылы булар, ытарынан, булка көҕүнэн, барытыгар ылсан иһэринэн тута сөбүлэтэр.

      Бастаан утаа биир дойдулаахтарын, бииргэ үөрэммит уолаттарын кытта хампаанньа тэринэн, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, үлэҕэ, булка бэркэ ылсыбыттара. Сиргэ сылдьар анал массыына, уу мотуора атыылаһан, биир кыахтаах хамаанда этэ. Салайааччылара диэххэ дуу, Юрий Юрьевич Гоголев диэн эдэркээн бэйэлээх биир дойдулаахпыт баара. Юраны кытта хаста даҕаны булка бииргэ сылдьыбыппыт. Ытарынан, көтөр-кыыл майгытын билэринэн, сырыыта дохсунунан сөхтөрөрө. Күлэн-оонньоон, кэпсээн-ипсээн, хааман-сиимэн дьоруоланнаҕына, киниттэн бары астынарбыт. ¥лэҕэ, олоххо тардыһыыта муҥура суоҕа. Дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар, табаарыстарыгар, доҕотторугар олус бэриниилээх хаарыаннаах эдэркээн уол ыалдьан, күн сириттэн күрэммитэ. Онтон ылата ити хампаанньа сыыйа ыһыллан хаалбыта…

      Гашпай биһиэхэ кыра быраат буолан, анал ыҥырыынан бултаһа өрүү барсар. Кэпсээн-ипсээн, ыллаан-туойан, барытыгар «ээҕи» кытта сылдьарын уолаттар сөбүлээбиттэрэ. Хайа, уонна, кини курдук илбистээхтик диэххэ дуу, сири-уоту аһатааччы, алҕааччы аҕыйах буолуо. Сорох ардыгар, дьээбэлэнэн, «көрүүлэнэн» да ыллаҕына көҥүлэ. Аны муусукаҕа сыһымах, ырыа айар дьоҕурдаах буолан, көтөр саҥатын үтүктэн ыҥырар тэриллэри олус үчүгэйдик настройкалыыр.

Скачать книгу