Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 12
Уубут син тулуктаһа сатаата эрээри, түүн үөһүн ааһыыта лыҥкыначчы тоҥно. Хараҥараммыт, отуубутугар тахсан чэйдээн, сылаас массыынаҕа олорон нухарыйан ыллыбыт. Халлаан сырдыыта эмиэ киирэн дурдаларбытыгар олордубут эрээри, кус көппөтө.
Сарсыарда тахсан ойуур саҕатын кэрийдибит, дьэ олохтоохтук тохтуур сирбитин булунан, балаакка эҥин туруоруннубут. Кыратык сынньанан ылаат, алааспыт тулатынан кэрийдибит. Бастаан саҥа сирбит олус чуҥкук. Киһи кута-сүрэ улаханнык тохтуо суоҕун курдук. Онно эбии халлааммыт былытыран, кыратык хаардаан барда. Ол эрээри айылҕа барахсан уһуктар кэмин билэн эрдэҕэ. Чаастан чаас диэххэ дуу, иһийэн турбут алаас барахсан сыыйа араас чыычаах ырыатынан туолан, халдьыгырыы сүүрэр үрүйэ тыаһыгар холбоһон, дьикти, кэрэ муусуканан туолла. Эбиэт саҕана түүн лыҥкыначчы тоҥмут эбэлэрбит эмиэ ыраас уунан дьалкыйа оонньоон, сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Бу күн барыта кэрэ буолуоҕун, Потап тымныйан ыалдьан хаалла. «Киэһэ кус манааһыныгар диэри сытан ыллахпына, ааһар ини», – диэт, киһибит сууланан баран, сытынан кэбистэ.
Киэһэ сөпкө соҕус тэринэн, дурдаларбытыгар киирдибит. Потап биһиэхэ көх-нэм буолан кииристэ эрээри, сэниэтэ суох. Олорбохтуу түһээт: «Доо, улаханнатаары гынным быһыылаах. Эмтээх-томтоох сири буллахха сатаныыһы», – диэтэ. Мин рациянан уолаттарга биллэрдим. Сотору буолаат, Капитан массыынанан элээрдэн кэллэ. «Мантан киэһэ тоҥорор ини. Потабы куоракка тиэрдээт, төттөрү айанныам. Сарсыардааҥҥы ытыыны баттыы кэлэр инибин?» – диэт, Капитан Потабы олордон айанната турда. Массыына барахсан иҥнэл-таҥнал түһэн, алаастан тахсан барда. Хайдах эрэ олус курус буола түстэ. Борук-сорук сатыылаата, күөллэрбит эмиэ килэгир муус буола түстүлэр. Таах олоруохтааҕар, Сааһыты кытта рациянан ону-маны буолары-буолбаты сэлэһэбит. Эмискэ биир түгэҥҥэ: «Моонньоҕоттор, моонньоҕоттор кэллилэр… саҥарсаллар…» – диэт, киһим рациятын арааран кэбистэ. Арай иһиттэхпинэ, кырдьык, моонньоҕон куруктуур. Кулгаах-харах иччитэ буола түстүм. Аны чыккымай чурустаан турда. Сотору буолаат, икки кус сирилээн кэллэ да, мончууктар быыстарыгар түһүнэн кэбистилэр. Түһүнэн диэн, ити түспүттэрин эрэ иһин эттим. Көр диэн манна буолла. Биир кус уруттаан түһэн баран, килэгир мууска сатаан тирэммэккэ халтарыйан сырылаан иһэн, умса барда. Атаҕар тура сатыыр эрээри, атахтара тиэрэ бара тураллар. Ыксаан, кынаттарынан тирэнэ сатаата. Көтөр да кыаҕа суох курдук