Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 14
Саас барахсан тиийэн кэлбитэ. Кус-хаас булда үмү- рүйэн, андыга барыы тэрээһинэ саҕаламмыта. Гашпай, чубуку, тайах булдугар сылдьыспатах буолан, Халымаҕа барсарга эрэллээх сылдьара.
Дьэ туран, Халымаҕа барыыны, ыҥырыылаах дьон кэлэринэн, эмиэ сэрэбиэй тардыыта, тарбах талаана быһаарар буолла. Бары муһуннубут. Потап, үбүлүөйдээх сыла үүммүтүнэн, быһа «билиэттэннэ». Атыттар сэрэбиэйдэһэн турдубут. Хайдах да гыммыт иһин, биир киһи миэстэҕэ тиксибэккэ хаалыахтаах. Ол суос-соҕотох билиэти Гашпай харбаан ылбыта. Күлүү-салыы, кыһыы диэн онно баара.
Гашпай дьолугар диэххэ дуу, Капитан үлэтинэн табыллыбакка, миэстэтин туран биэрбитэ. Инньэ гынан, Гашпай Халымаҕа баран андылаан, кустаан, олус астынан кэлбитэ. Хайа да сыллааҕар табыллан бултааннар, урукку рекортарбытын аһара түһэн, үөрүүлэрэ баһаам этэ.
Гашпай «билиэннэйэ»
Гашпай тыҥырахтаах көтөрү иитиэн, булка туһаныан олус баҕарар. Ити кини кыра оҕо эрдэҕиттэн баҕа санаата. Кини тугу иитэ сылдьыбатаҕа баарай? Араас чыычаах бииһин, моҕотойу, турааҕы, хайаахтыыры, куһу, куобаҕы, куруолугу, бэл диэтэххэ, араанньы буолбут андыны! Билигин, төһө даҕаны куоракка олордор, түс-бас ыал буоллар, ити оҕо сааһын дьарыгын быраҕа илик. Оннооҕор уопсай дьиэ биир хоһугар оҕотунуун, кэргэниниин олорон, куобах, куруолук, бэл диэтэххэ, курупааскыны, кыһыннары куһу иитэрэ. Ол быыһыгар эмиэ да чарапаахылаах буолара. Олох кып-кыра куобах оҕотун кыра оҕолуу суосканан эминньэхтээн, бороохтуйбутун кэннэ даачаҕа таһааран, биир күһүн бэртээхэй идэһэлэммитэ. Оҕуруот аһын талбытынан, онно эбии подсолнух отунан аһаабыт куобах уойбутун илэ харахпытынан көрөн сөхпүппүт.
Булт кэнники быраабылатыгар олоҕуран, подсадной куһу иитэн боруобалаан турардаах. Биир саас кустуу сылдьан атыыр моонньоҕону хойобуллаан, «билиэн» тутан ылбыта. Моонньоҕоммут даҕаны улаханнык бааһырбатах буолан, аһыыра-сиирэ. £ссө үөрэнэн, дьонтон, саа тыаһыттан улаханнык куттаммат курдуга. Киһибит куһун атаҕыттан быалаан, дурдатыттан аҕыйах хаамыылаах сиргэ хаптаһын ууран олохтообута. Куһа ууга устан киирэн аһыыр, суунан чомполонор. Быатын тардыалаатаҕына, тахсан хаптаһыныгар олороро уонна түүтүн-өҥүн ыраастанан барара. «Олох бартыһаан курдук, биир тылы саҥарбат. Ытыллара буолуо», – диэн күллэртиирэ. Биир сарсыарда куһун туппутунан тиийэн кэллэ: «Дьэ, уолаттар. Мааһын таптым. Бөлүүн «билиэннэйим» бэркэ бултатта», – диэн үөрэ-көтө кэпсээннээх буолла. Куһун хайдах маанылыан, таптыан билбэт буола үөрбүт. «Лаппа киэһэриитэ куһум ууттан тахсан, хаптаһыныгар олорунан кэбистэ. Дурдаттан тахсыбакка олорон, ууга киллэрээри араастаан үүрэ сатаатым, олох киирбэт. Ыксаан, билиэннэйи билиэннэй курдук, расстрелынан эҥин куттаан көрдүм. Нуул. Куһум олох кыһаллыбат. Итинник саатыы олордохпутуна, икки кус дурда кэннинээҕи кыра ууга халаачыктаабыттарыгар, эргийээри куһум быатын атахпынан күүскэ соҕус тардан, тоҕус айдааны таһаарда ээ. Хата, бэйэм