Куорат булчуттара. Иван Андросов-Айанньыт

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт страница 10

Жанр:
Серия:
Издательство:
Куорат булчуттара - Иван Андросов-Айанньыт

Скачать книгу

кэпсээн. Биирдэ билэр дьоммут нөҥүө Томпо улууһугар арҕах атыылаһан, уолаттар бултаһан кэлбиттэрэ. Үөрүү-көтүү, кэпсээн-ипсээн бөҕөлөр. Дьэ туран, Халыма аатырбыт айан суолунан куугунатан иһэн туораан, син барбахтаһа түһэн баран тохтообуттар. Тула барыта хайа үһү. Бултата ыҥырбыт саас ортолоох нуучча дьоно ыксаллара, тиэтэллэрэ сүрдээх эбит. Тыын биэрбэтэхтэр: «Сааларгытын, үрүсээктэргитин ылыҥ. Мантан чугас», – диэт, бэйэлэрэ массыынаттан ыстаҥалаһан түһээт, бара турбуттар. Хата, уолаттар аара кылгас тохтобулга таҥастарын уларыттан абыраммыттар. Ити күн сытайан туран, халлаан олус тымныйан, өрүү илдьэ сылдьар тэриллэригэр 58 кыраадыһы көрдөрбүт.

      Арай хайаҕа ыттан, үөһэ дабайан барбыттар. Хаара чараас соҕус эрээри, чигдитийэн, хаатыҥкалаах, унтуулаах дьон халтарыйан сору көрбүттэр. «Мантан чугас» диэбит сирдэрэ кэлэн биэрбэтэх. Хоту дьон барахсан бэйэлэрин мээрэйдэринэн этэн эрдэхтэрэ. Итинник үс-түөрт чаас устата дабайан, тиритэн-хорутан, аҕылаан иһэн, биир сиргэ тохтообуттар. Сынньана таарыйа, бүө маһа диэн ааттаан, синньигэс талахтары быстаталаабыттар. Сотору «кэллибит» диэн буолбут. Уолаттар көрдөхтөрүнэ, туруору хайа сирэйэ үһү. Ханан даҕаны хайаҕас суох, барыта хаарынан бүрүллэн турарын дьиктиргээбиттэр. Дьоно олус боростуой саа прикладынан хайа эркинин анньыалаан, саайталаан киирэн барбыттар. Син өр соҕус итинник хаары тоҕута саайталыы сылдьан, биир сиргэ дьөлө аспыттар. Сирдээх, арҕахтаах дьон буоллаҕа, уолаттары хамаандалаан, арҕах үрдүгэр үөһэттэн таҥнары ытардыы туруортаабыттар. Табыгаһа да суох буоллар, таҥнары өҥөйөн, хаар дьапталҕатын тоҕута үктээн, бэлэм турбуттар. Сирдьиттэрэ арҕах айаҕынан маһы уган булкуйбут. Кыыллара өр булкуйтарбатах, көхсө тыаһаан, түргэн баҕайытык былтаҥнаан ылбыт. Үчүгэйдик көстүбэт, хаар эрэ бурҕаҥныыр үһү. Кыһыҥҥы күн киирэн барбыт. Ыксал буолбут. Тэйиччи сиртэн, дьэ, биир суон сиэрдийэ курдук маһы кэрдэн аҕалан, айаҕынан батары биэрбиттэр. Ити тухары хаста да быгыалаан ылбыт эрээри, ыттарар бокуойу биэрбэтэх. Итинник манаһа турдахтарына, арай биир киһилэрэ мүччү үктээн, арҕах айаҕын үрдүнэн аллара куугунаабыт. 10-ча миэтэрэ курдугу «көтөн» тиийэн түспүт. Хаарга булумахтанан туран иһэн, аны халтарыйан, 50-ча миэтэрэни аллара сырылаабыт. Хата, бэрдин бэрт, саатын прикладын хаарга батары анньан, онон туормастаан тохтообут. Бу кэпсээтэххэ бытаан курдук эрээри, кыл түгэнэ үһү. Дьолго, уоллара тугун даҕаны өлөрбөтөх, хадьы соҕуһунан хааман, аҕылаан-мэҕилээн тахсыбыт. Халлаан хараҥараары ыксатан, тыатааҕыны бултаспакка хааллардахтарына тахсан барарын бары билэр буолан, толкуй бөҕөҕө түспүттэр. Сирдьиттэрэ, уҥуоҕунан кыра киһи: «Ортобуттан быалаан, арҕах айаҕар аллара түһэриҥ. Сатаннаҕына, ытан көрүөм», – диэт, 16-лаах икки уостаах саатын көрүнэн, быаны ылан эриммит. Хас да буолан, тирэхтэрин үчүгэйдик булунан, аа-дьуо быаларын ыытан, киһилэрин аллара түһэрбиттэр. Киһилэрэ спецназ курдук төбөтүнэн таҥнары хойуостанан, арҕах айаҕар тиийээт, иккитэ ыппыт. Төттөрү тардан таһааран, маһынан булкуйан көрбүттэрэ,

Скачать книгу