Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 3

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский

Скачать книгу

гиипсэ корсеппын көрдөрдүм. Ити күн ийэлээх аҕабыт кэлиэхтэригэр диэри, убайдарым-бырааттарым санаан кэлэ-кэлэ кырдьык ыалдьыбат дуо дэһэ-дэһэ гиипсэбин тоҥсуйа оонньообуттара.

      Убайым Кеша нууччалыы кыратык билэр буолан, бу сахалар диэн дьону, Чакыр олохтоохторун кини тылбааһын нөҥүө билэн-көрөн барбытым. Сотору кэминэн, эмиэ убайым Кеша үтүөтүнэн, сахалыы быһыта-орута өйдүүр буолбутум.

      Түөрт уонча дьиэлээх Амма өрүс уҥа кытылыгар турар Чакырга Дьоскуоскай Дьуона оҕонньордооххо куораттан нууччалыы эрэ тыынар босхоҥ оҕо кэлбит сураҕа бэрт түргэнник тарҕаммыта. Киэһэ аайы онон-манан сылтаҕыран Дьуоналаахха киирээччи-тахсааччы элбээбитэ. Мин саамай дьиктиргээбитим диэн, ол дьон бары киксибит курдук кэпсэтиилэрэ маннык саҕаланара:

      – Ыаллар, кэпсээҥҥит?

      – Суох. Оттон эн туох сонуннааххын?

      – Сонун суох.

      Ити кэнниттэн ийэм чэй кутан остуолга ыҥырар. Дьэ, уонна сонуна суох дьон уһун киэһэни быһа сонуннара, кэпсээннэрэ бүппэт. Уруккуну-хойуккуну ырыталлар, ол быыһыгар мин да туспунан кэпсэтэн ылаллар. Итинник кэпсэтиилэртэн биһиги урут, алта сыллааҕыта Абаҕа почтатын дьиэтигэр Дорофеев Ылдьаалаах диэн ыалы кытта дьукаах олоро сылдьыбыппытын, кинилэр биэс саастаах Айаар диэн уолларын кытта мин – балтараалаах оҕо оонньуу сылдьаммыт быраҕыллыбыт бырааба дьиэтин умуһаҕар дэлби түһэн эчэйбиппитин, мин сиһим тоноҕоһун тоһутан, куоракка балыыһаҕа киирэн, алта сыл гиипсэҕэ сытан тахсыбыппын билбитим.

      Биир күн, дьоммут суохтарына, икки эмээхсин миигин көрө кэлэ сылдьыбыттара. Дьоммун кэтэһэрдии, балачча өр кэпсэтэ- кэпсэтэ олорбуттара:

      – Бу оҕо – Нуучча Уйбаан олох Татыйаас Татыйааһынан эбит буолбат дуо? Ийэтигэр майгынныыр бу уолаттартан кини эрэ эбит. Уоннааҕылар аҕаларын курдуктар.

      – Кыыс эбитэ буоллар, уолаттары эккирэппэккэ, онно-манна тарбачыспакка, сүгүн сылдьан, манныкка тиийиэ суоҕа этэ. Куорат быраастара кыайан эмтээбэтэх буоллахтара дуу?

      – Эмтии сатаан баран, аккаастаан ыыппыттар үһү.

      – Оо, ол аата киһи буолаахтаабат эбит. Эрэйдээх, бу сордоно сытыан кэриэтин, акаары сааһыгар били үлтү түһэригэр ситэри өлөн хаалбыта буоллар.

      – Этимэ даҕаны! Бэйэтэ да эрэйдэнэр, дьонун да эрэйдиир.

      – Ээ, чэ уһуннук эрэйдээбэт-муҥнаабат ини. Сотору моруу да буолан өлөөхтүүрэ буолуо.

      – Чэ, дьиэлиэххэ, бу дьон кэлимээри гыннылар.

      Ити эмээхситтэр кэлэн барбыттарын кэннэ, соҕотохсуйдум да, кинилэр тугу саҥарбыттарын санаан кэлэрим уонна хаһан өлөрбүн кэтэһэрим. Курус санаалартан миигин убайдарым-бырааттарым быыһыыллара. Кинилэр доҕотторун-атастарын субурутан аҕалан, мин туспунан киэн тутта кэпсииллэрэ:

      – Көрүҥ, бу биһиги бырааппыт Тоҥ Нуучча Уйбаан! Кинини куораттан аҕалбыттара. Сахалыы «чэт» да диэни билбэт. Нууччалыы ити Москуба учууталын курдук наһаа үчүгэйдик саҥарар.

      – Кини туран хаамар дуу, наар сытар дуу?

Скачать книгу