Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 7

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский

Скачать книгу

диэн ааттааччылар.

      – Оччоҕо мин билэбин! Уруһуйдуохпун сөп.

      – Ваня, бүгүн муостаны ким сууйбутай? Шмайцерым ханна да көстүбэт!

      …Света атаҕын таҥаһа уларыйарын, араас өҥнөнөрүн өйдүү биэрэммин, ыйыттым:

      – Кыталык атаҕын хайдах өҥнүүр ордук буолуой?

      – Кыталык уһун, синньигэс атаҕын кыһыл дьүһүннүүгүн. Түөһэ, көхсө, кынаттара маҥан.

      – Кыната диэн тугуй?

      – Илиитэ-илиитэ! Улахан, маҥан уонна маннык сапсынар. Кынатын төбөтө хара.

      – Ытыһа хара даа?

      – Ытыһа-ытыһа, хап-хара. Атаҕын саҕа уһун мап-маҥан моойдоох. Төбөтө маҥан, сирэйэ кып-кыһыл, помидор курдук. Уп-уһун, сып-сытыы, кыһыл тумустаах.

      – Ол тумса диэн тугуй?

      – Мунна буоллаҕа дии, мунна-а! Уһун, кыһыл, сытыы, моркуоп курдук! – диэн баран, илиитинэн муннун уһатан көрдөрдө.

      – Хайыы, бу баар-суох сабыс-саҥа шмайцербын оһох иннигэр хардаҕастарга ким бырахта? Уоттуу сыспыттар буолбаат?! Чэ, вперёд, в атаку! Биһиги этэрээппитин «ньиэмэстэр» кыайдахтарына, буруйдаах эн буолуоҥ! – диэт, «кутаа-уот сэрии үөһүгэр» ыстанна убайым Кеша.

      Мин кини кэпсээнигэр, ойуулааһыныгар олоҕуран, медсестра Светабын уруһуйдаабытынан бардым: сип-синньигэс, уп-уһун, кыһыл атахтаатым, кып-кылгас маҥан халааттаатым. Сараччы туттубут илиитин хап-хара тарбахтардаатым. Атаҕын саҕа уһуннаах маҥан моойдоотум. Маҥан колпактаах төбөтүн помидор курдук кыһыл сирэйдээтим уонна моркуоп курдук уп-уһун муннулаатым. Кыталык кыраһыабай дьүһүнүн киһи көрө-көрө дьоллонор диэбиттэрэ ээ. Оттон мин уруһуйбар тоҕо эрэ ол көстүбэт, бу хартыынаны көрө-көрө мин дьоллонуох санаам кэлбэт. Киһи кыраһыабай да диир кыаҕа суох. Дьэ, дьиибэ. Оо, «сэрииһиттэр» дьиэлэригэр киирдилэр! Арааһа, кыайбыттар-хоппуттар, сирэйдэрэ-харахтара сырдаабыт.

      – Көрүҥ эрэ бу, көрүҥ эрэ – мин кыталыгы уруһуйдаатым! – хартыынабын кинилэр диэки эргиттим.

      – Кыталыгы даа? – диэн саҥа аллайдылар. Тылларыттан матан, ах баран олордулар.

      – Ити кыталык буолбатах, ити – уродина! – диэн «чап» гыннарда кыра быраатым.

      – Сөпкө эттэ, чахчы уродина, киһи түүлүгэр киириэх! – дэстилэр атыттара.

      – Кеша, эн быһаарыыгынан биир да сыыһата суох уруһуйдаабытым ээ!

      – Мин кыталыгы хаһан да көрбөтөҕүм ээ!

      – Оччоҕо тоҕо быһаарбыккыный?

      – Оттон эн ыйыппытыҥ – мин эппиэттээтэҕим дии!

      – Ким көрбүтэй кыталыгы?

      – Кыталык диэн оннооҕор улахан дьоҥҥо мээнэ көстүбэт. Ити улахан абаҕабыт сүүс уон алта саастаах Уһун Ньукулай диэн оҕонньор баар дии? Кини былыыр-былыр көрбүт үһү, кыталыгы. Ол туһунан олоҥхо курдук уһун, иитэ-саҕата биллибэт кэпсээнигэр кэпсиир.

      – Ол оҕонньор туох диэн кэпсээбитэй, миэхэ кэпсээҥ эрэ!

      – Хайа, Ваня, хайдах буоллуҥ?! Атын абаҕабыт – сүүс уон биир саастаах Тураах Никиитэ оҕонньор кыра оҕо эрдэҕиттэн ол Уһун

Скачать книгу