Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 9
Кинилэр тохсус халлааҥҥа Үрүҥ Аар Тойоҥҥо тиийэннэр уҥа кынаттарынан чиэс биэрээт: «Үрдүк сололоох Үрүҥ Аар Тойон! Эн бирикээскин толордубут. Биһиги, уон биир дьол көтөрдөрө, кыталыктар, ыарыһах оҕоҕо – Ваня Дьячковскайга үс дьолу тосхойдубут!» – диэбит буолуохтаахтар.
Үс төгүл дьолломмут оҕону аҕам сиргэ туруоруохтааҕа. Онуоха мин тута ийэбин көрдүү сүүрүөхтээҕим. Ону баара, тоҕо эрэ кини миигин илиититтэн ыһыктыбатаҕа.
Көрбүппүн сөҕөн-махтайан, аҕам дьиэбэр аҕалан, ороммор сытыарбытын билбэккэ да хааллым. «Оҕом дьоллоох киһи буолсу», – диэт, үлэтигэр барда. Ити кэмҥэ убайдарым-бырааттарым күннэрэ саҥа саҕаланан, туран таҥна сылдьаллара.
– Ваня, ити аҕабыт эйигин ханна илдьэ сырытта? – диэбитинэн убайым Кеша миэхэ сүүрэн кэлбитигэр, мин хап-сабар утары ыйыттым:
– Отец сказал: «Дьоллоох киһи буолсу». Что это такое?
– Оо дьэ, хайдах понимай суох?! Аҕам твоя жизнь будет «во!» диэтэ, – тылбаасчыт Кеша быһаарда уонна тойон эрбэҕин өрө хантаппытынан сирэйбэр сыҕайда.
– «Во!» диэн тугу ааттыыгыт? – диэбиппэр, убайдарым-бырааттарым бары тойон эрбэхтэрин миэхэ утары ууннулар:
– «Во!» аата «во!» буоллаҕа дии. Бачча боростуойу хайдах өйдөөбөккүн? – дэстилэр.
Итиччэ боростуойу, итиччэ өйдөнөрү бэйэм тобуларбар тиийдим. «Во!» диэн арааһа улахан суолталаах, мээнэ кэлбэт туох эрэ буоллаҕа. Арай биһиги палаатабытыгар улахан суолталаах комиссия кэлиитэ буолара. Комиссия кэлиэхтээҕин этэ да иликтэринэ, эрдэттэн сэрэйэрбит. Сиэстэрэлэр палаатабыт иһигэр уларыйар кыахтааҕы барытын уларыталлара, сууллар кыахтааҕы барытын хос-хос сууйаллара. Биһиги сыттыкпытын уонна суорҕаммытын биир да мырчыстаҕаһа суох гына көннөртөрөллөрө. Күҥҥэ хаста да сиэстэрэлэр комиссия хайдах киирэн кэлэрин үтүктэн көрдөрөн «репетиция» ыыталлара. Биһигини сөпкө мичээрдииргэ үөрэтэллэрэ. Ити күннэргэ «комиссияҕа» дьоллоох оҕо сааспытын сөпкө мичээрдээн көрдөрбүппүт иһин, киэһэ аайы бүтүн дьаабылыка манньаҕа тиксэрбит.
Ити түгэни санаан кэлэн, улахан суолталаах «во!»-ну сөпкө көрсөргө бэлэмнэммитинэн бардым: сыттыктаах суорҕаммын көннөрүннүм, баттахпын имэринним, дьоллоох оҕо саас мичээрэ хайдах буолуохтааҕын өйдүү сатаатым да, табыллыбата. Репетициялыыр