Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 12
Инньэ гынан, миигин олоппоско ситиинэн кэлгийдилэр, чэпчээбиттии өрө тыынаат, оонньуу сырсан хааллылар. Сотору соҕус: «Аҕабыт иһэ-эр, аҕабыт иһэр!» – дэһэ-дэһэ сүүрэн киирдилэр.
– Түргэнник сүөрэ охсуҥ, быатын!
– Чэ, чэ, түргэтээ!
– Аҕабыт кэллэ дии, кэллэ!
– Бар, туораа эрэ, ыл эн, мэһэйдээмэ!
– Ити баар дии, барыта эйигиттэн! Быатын ыйылыннары тарпыккын! Кыайан сүөрбэтим! Чэ, чэ, көтөх! – аймалаһыы бөҕө буоллулар.
Аҕабыт киирэн кэллэ. Мин ороҥҥо олоппостоох сытабын.
– Бу куру тоҕо аан аттыгар ыйаабытым буолуой? Этэ охсуҥ эрэ! – диэтэ аҕабыт.
– Ыларга чугас буоллун диэн! – «чап» гыннарда кырабыт.
– Бачча кыра дьиэҕэ түннүк да чугас! Таһырдьа тахсалларыгар, дьиэҕэ киирэллэригэр ити курдаах чыпчаххайы көрдүннэр, буруйу оҥорботуннар диэн ыйаабытым! Ыстааҥҥытын сулбурутуҥ, ороҥҥо сытыҥ, – диэт, аҕам барыларын кэрийэ сылдьан, курунан сымнаҕас сиргэ биирдиитэ охсуталаата. Үс саастаах Ион: «Айыка!» – диэн хаһыытаата. Онуоха: «Эр киһи эрээри тоҕо хаһыытыыгын, тулуурдаах буола үөрэн! Сэбиэскэй Сойууска «айыка» диэн суох! – диэт, оҕону кур төбөтүнэн үстэ охсубута буолла.
Почта таһааччы Шестаков оҕонньор киирбитин ким да өйдөөн көрбөтө.
– Хайа, Дьуона, оҕолоргун тоҕо таһыйталаатыҥ? Туох буруйу оҥордулар?
– Буруйу оҥорбуттарын кэннэ таһыйан туох туһа? Буруйу оҥорботуннар диэн таһыйабын. Пырапылаактыка дэнэр.
– Баттаҕым бачча маҥхайыар диэри олордум да, пырапылаактыка диэн оҕону иитэр ньыманы истэ иликпин.
– Былыргы оҕонньор ону хантан истиэххиний?! Көрбөккүн дуо, бу Уйбааннарын ыт оҥоро сыспыттар. Дьэ, сордоох оҕолор. Татыйааһым эрдэ баран хаалаахтаан, бу уолаттар кыайтаралларыттан аастылар. Хата, кэлбиччэ көмөлөс, Уйбааны сүөрүөххэ. Хайдах-хайдах баайбыттарый? Нохолоор! Бырааккытын хаамтара сатыыргыт хайҕаллаах дьыала. Ол эрээри, сэрэнэн тутуҥ-хабыҥ. Олоппостоох быраҕаттаамаҥ!
Ити түбэлтэ кэнниттэн, убайдарым күн аайы кэриэтэ миигин олорорго үөрэтэр буолбуттара.
Бүгүҥҥү күн дьиибэтик саҕаланна. Сарсыарда эрдэттэн дьиэҕэ араас улахан, кыра, хортуон, фанера, хаппахтаах диэн, аһаҕас диэн дьааһыктар «киирэн кэллилэр». Уолаттар бокуойа суох ити дьааһыктарга оонньуурдарын тамнааттаатылар. Сорох дьааһыкка «рядовойтан» саҕалаан «маршалга» тиийэ званиелардаах араас кыыл, сүөһү сүһүөхтэрин уҥуохтарын уурдулар. Ити сүһүөхтэр хас биирдиилэрэ бары ааттаах-суоллаах, чыыннаах-хааннаах «дьоннор». Саамай улахан тайах, оҕус сүһүөхтэрэ маршал Жуков, маршал Рокоссовскай, генерал Доватор, генерал Панфилов «ааттарын сүгэллэрэ». Бэл кыра туртас, сибиинньэ сүһүөхтэрин уҥуохтара «биллиилээх дьон» этилэрэ: рядовой Александр Матросов, эдэр гвардеец Олег Кошевой, лётчик Алексей Маресьев, снайпер Фёдор Охлопков уонна да атын Советскай Союз геройдара. Ол сэрии кэннинээҕи сыллар оҕолоро куруук сэриилэһэ оонньууллара. Сэрии туһунан кинилэргэ аҕалара, убайдара –