Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 11
– Чэ, чэ түргэнник ууга сайҕыы түһэн бараҥҥыт, таһаараҥҥыт ыйыы охсуҥ!
– Арба даҕаны, бырааппыт бүгүн икки ыйын туолбут эбит. Чэ, суута кууруор диэри мин оҕону бэйэм ырбаахыбар суулаатым.
Ити курдук, төһө да элбэх ньээҥкэ көрдөр, төрөөбүт күннээх оҕобут ытыыра тохтообото. Истэ сатаан баран, ийэм ырыаларын ыллаатым. Онуоха оҕобут дьэ уоскуйда.
– Ваня, ити эн хантан билэҕиний, ырыа ыллаатахха оҕо утуйарын?
– Эһиги таһырдьа оонньуу сырсан хааллаххытына ытааччы аҕай. Мин хайдах да гыныахпын билбэккэ, аралдьытаары ырыа ыллааччыбын да, син биир тохтообот этэ. Билэр ырыаларым бүтэннэр, ийэм ырыаларын ыллаан барбыппар, тута уоскуйан хаалбыта. Онтон ыла билэбин. Кеша, биһиги ийэбит нууччалыы өйдөөбөт, саҥарбат эрээри, ити хайдах нууччалыы ырыа бөҕөнү билэрэ буолуой? Уонна тоҕо наар байыаннай эрэ ырыалары ыллыыра буолуой?
– Ээ, ону мин билэбин-билэбин, – диэт, Кеша ийэбит оронун анныттан туох эрэ дьааһыгын таһаарда.
– Бу – патефон. Билигин истээр эрэ, – убайым «Песни красных конармейцев» диэн соҕотох пластинка баарын ылан холбоон кэбистэ.
Ол күн орой мэник уолаттар уонна мин, кыра уолбут утуйа сытар диэн чуумпурбакка, сонуммут ааһыар диэри, пластинканы хос-хос холбуу-холбуу, кыһыл конармеецтары кытта «ийэбит ырыаларын» тэҥҥэ ылласпыппыт.
Биир күн убайдарым-бырааттарым таһырдьа оонньуу тахсан баран наһаа өр буоллулар. Күн-дьыл ааһан иһэр да, баччааҥҥа диэри ороммуттан тура иликпин. Маннык сыттахпына хаһан хаама үөрэниэхпиний? Ити убайдарым-бырааттарым оронтон бэрт чэпчэкитик ойон туралларын күн аайы көрөбүн. Оттон мин да кинилэр курдук турар инибин. Атахпын муостаҕа түһэриэхпин эрэ наада. Орон кырыытыттан тутуһаммын, атахпын илиибинэн сыҕарытан, кытыыга чугаһаатым. Эмискэ «тимир куйаҕым» муостаҕа охсуллар тыаһа иһилиннэ.
– Убайда-ар, киирэ охсуҥ! Манна Нуучча Уйбаан оронуттан сууллубут! – диэн хаһыытаабытынан, үс саастаах быраатым Ион, сибэкки тутуурдаах миэхэ чугаһаата.
– Ваня, көр бу – сардаана диэн сибэкки. Биһиги ыраах да ыраах бара сырыттыбыт. Онно маннык сибэкки элбэх, атыттар эмиэ бааллар.
– Ыраах да ыраах даа? Онно ийэбитин көрдүгүт дуу?
– Суох.
– Оттон ийэбит «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ барбыта буолбат дуо? Сибэккини кини үүннэрдэҕэ дии! Көр бу, дьиэҕэ да үүннэрбит сибэккилэрэ тыллыбыттар, эмиэ олус кыраһыабайдар. Оттон онно ийэбит ырыата иһиллибэт дуо? Кыталыктар үҥкүүлэрин көрбөтүгүт дуо? Аҕам кыталыктары «Ыраах да ыраах» көрбүппүт диэбитэ.
– Суох, онно биир да ырыа иһиллибэт. Кыталыктары да көрбөтүбүт.
– Оччоҕо эһиги тугу гынныгыт, онно?
– Биһиги сэриилэһэ оонньоотубут ээ.
– Оо, кэм буолуо! Аҕам эһигини «бэйэлэрэ эрэ хааллахтарына, оройдорунан көрөллөр» диэн сөпкө мөҕөр эбит. Мин эһиги курдук сатаан хаамарым эбитэ буоллар, ол «Ыраах да ыраах» диэн сиргэ тиийэн сэриилэһэ оонньообокко