Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 13

Жанр:
Серия:
Издательство:
Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский

Скачать книгу

дьэ, бэрт эбит! Сиэм да буоллаҕа, ол булочканы, чахчы минньигэс буоллаҕына!

      – Ээ, мин бэйэм дьааһыкпын манна син биир хаалларбаппын, – диэн тыҥкынаата кыра уолбут.

      – Аҕабыт туох диэбитин истибитиҥ дии! Тэлиэгэҕэ Ваняны кытта кыһыл оҕо эрэ бараллар. Эн ити дьааһыккын уон сэттэ биэрэстэ тухары өрүс итии таастарын уонна бааһына батыллар бадараанын устун сүгэн-көтөҕөн Аммаҕа тиэрдиэм диир буоллаххына, ыл! Оттон мин шмайцербын быалаан баран, сүгэн илдьэ барабын. Шмайцера суох онно, саҥа сиргэ – Аммаҕа хайдах да сатаммаппын, – диэтэ убайбыт.

      Улахан убайбыт Кеша Чакыр начаалынай оскуолатын бүтэрэн, үөрэҕин Аммаҕа салҕыахтааҕа. Оройуон киинигэр көһөн киириибит сүрүн төрүөтэ ити этэ.

      «Ыраах да Ыраах» диэн сиргэ айан, эбэтэр дууһа бэйэтэ сэрэйиэ

      Бүгүн наһаа дьиибэ киэһэ. Хаһан да туох-хайдах таҥаһы кэтэ сылдьалларыгар кыһаммат убайдарым түбүгүр да түбүгүр, суунар тааһы, өтүүгү былдьаһан айдаан-куйдаан бөҕөтүн түһэрдилэр:

      – Көр эрэ, көр эрэ, бу мин курбун килэбэчийиэр диэри ыраастаатым! Дембель Сааска киэнин курдук буолла!

      – Кургун кытта наһаа өр астастыҥ. Көр, мин курбун, фуражкам хакаардатын, гимнастёркам тимэҕин барытын, оннооҕор бачыыҥкабын кытта сиэркилэ курдук буолуор диэри ыраастаатым. Аҕал эрэ, бачыыҥкаҕын, мин эйиэхэ көмөлөһүүм.

      – Мин тэтэрээтим эйиэнинээҕэр аҕыйах дии!

      – Эһиги кыра кылаастар аҕыйах уруоктанаҕыт буолбат дуо? – диэн кэпсэтэн ньамаластылар убайдарым.

      Сарсыныгар, били киэһэни быһа оҥостубут таҥастарын кэппиттэригэр, убайдарбын олох билбэтим: ып-ыраас, килэбэчигэс бачыыҥкалаахтар, сытыы быһах биитинии өтүүктэммит бүрүүкэлээхтэр, кэтит курунан ыга туттарыллыбыт гимнастёркалаахтар, байыаннайдартан туох да уратыта суох фуражкалаахтар. Курдарын тимирэ, гимнастёркаларын тимэхтэрэ, фуражкаларын хакаардата кыһыл көмүстүү күлүмүрдүүр. Ити таҥаһы кэтэн, ранецтарын сүгэн, сирэйдэрэ-харахтара сырдаабыта сүрдээх.

      – Ханна бараары гынныгыт, бу? – ыйыттым мин.

      – Биһиги оскуолаҕа бардыбыт. Сатаан хаамарыҥ буоллар, биһигини кытта барсыаҥ этэ, эн сэттэ аҥаар саастааххын дии, – дэһэ-дэһэ боччумнаахтык туттан тахсан бардылар.

      Мин уруһуйдуохпун аттыбар кумааҕым да, киистэм, кырааскам да суох буолан, таах дьиэ үрдүн көрө сыттым. Мин эмиэ оскуолаҕа барыахтаах эбиппин дии. Оскуола диэн туохтара эбитэ буолла? Саатар убайдарбыттан ыйыппакка хааллым. Арааһа наһаа үчүгэй сир быһыылаах. Убайдарым киэргэнэн, маанымсыйан аҕай бардылар. Ол аата оскуола диэн киһи оройунан харахтаммат, буруйу оҥорбот, хаһыытаабат-ыһыытаабат, сэриилэһэ оонньообот сирэ буолуохтаах. Убайдарым онно тугу гына сылдьалларын көрбүт киһи-и! Мин сатаан хаампат буолан хаарыан оскуолаттан маттаҕым. Били Чакырга икки эмээхсин: «Бу оҕо киһи буолбат, сотору моруу буолан өлүөҕэ. Кини туран хаампатаҕына, хамсаабат этиттэн дууһата арахсыаҕа», – диэн сөпкө эппиттэр быһыылаах. Оо дьэ, бу кураанах дьиэҕэ соҕотоҕун сытан эрэ ону-маны куһаҕаны санаан моруу буолан эрдэхпин! Убайдарым хаһан

Скачать книгу