Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 16
Биир күн уһун переменаҕа, түөһүм быатын сүөрэн баран, улахан подвиг оҥорорго соруннум: «Бүгүн хайаан да туруохтаахпын, турдахпына эрэ табыллар! Мин туруом, мин туран эрэбин, мин турдум!!! Мин олох охтуо суохтаахпын! Күүскэ тутуһуохха! Мин тулуйуохтаахпын! Мин улахан герой буолуохтаахпын!» Чуораан тыаһаата, учуутал күлүүһү аһан эрэр. Түргэнник быабын баана охсуум! Һуу! Улахан герой буоллум быһыылаах. Кыталык Кыыс сибилигин сүүрэн кэлиэҕэ, мин улахан герой буолбуппун хайаан да бэлиэтии көрүөҕэ уонна икки илиитин ууммутунан: «Ваня, мин эйигин кытта доҕордоһуохпун баҕарабын», – диэҕэ. Кыталык Кыыс киирдэ, мин диэки хайыһан да көрбөккө, оннугар баран олордо.
Онтон ыла күнтэн күн аайы мин подвигтарым бэйэбин кытта тэҥҥэ улаатан испиттэрэ: паартабыттан тахса үөрэммитим, аттынааҕы паартаҕа, онтон сыыйа учуутал остуолугар кытта, паарталартан тутуһан, тиийэ үөрэммитим. Кылаас иһигэр улаханнык эрэйдэммит, элбэхтик охтубут сирим – учуутал остуолуттан дуоскаҕа диэри этэ. Тоҕо диэтэххэ, тутуһар сир суоҕа. Мин улахан герой буола сатыырбын ким да сэрэйэн да көрбөт этэ.
Кэнникинэн, кылааһым уолаттара бары Кыталык Кыыһы сөбүлүүллэрин бэлиэтии көрөн, улаханнык соһуйбутум. Кинилэр уруокка олорон эрэ тэтэрээттэрин лииһиттэн ойо тардан ыла-ыла, тугу эрэ суруйан баран, кум-хам тутаат, Кыталык Кыыс паартатыгар быраҕаллара. Туйгун үөрэнээччи Кыталык Кыыс уруокка олох аралдьыйбат этэ. Тэтэрээтигэр кэлэн түспүт уолаттар кумааҕыларын илиитинэн илгэн кэбиһэрэ. Ол суругу атын оҕолор ааҕа-ааҕа суруйбут уолу күлүү гыналлара. Аҕыйах хонугунан били күлүү гыммыт уолаттар бэйэлэрэ соннук ис хоһоонноох суругу Кыталык Кыыска ыыппыттара биллэн, бэйэлэрэ күлүүгэ бараллара. Суруктарын тас быһыыта уонна ис хоһооно барыларын киэнэ биир буолара: «Я хочу с тобой дружить! Вася».
Кыталык Кыыс болҕомтотун итинник тардыахха наада эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Ол гынан баран, мин суругум тас көрүҥэ уолаттар киэннэринээҕэр ордук буолуохтаах. Хаһан уруок бүтэн, убайдарым дьиэбэр илдьэ бараллар!
Дьиэбэр, Кыталык Кыыс бэлэхтээбит «Весна» диэн араас өҥнөөх бытархай сибэккилэрдээх сакалаат кэмпиэтин суутун көрө олорон, сурукпун хайдах саҕалыырбын толкуйдаатым. Талан-талан баран, халыҥ маҕан ватмаҥҥа суруйарга быһаарынным. «Я хочу с тобой дружить. Ваня» диэн сурукпун «Весна» суутугар баар бытархай араас өҥнөөх сибэккилэринэн ойуулаан суруйдум. Сурукпун туора харах көрбөтүн диэн, бүк тутаат, оччотооҕуга саамай бөҕө «БФ-6» килиэйинэн кытыыларын сыһыартаан кэбистим. Килиэйим курдаттыы өтөн таҕыста. Ону кистээри, маслянай кыраасканан кытыытын бүтүннүү оһуор ойуулаатым. Бу кытыыта ойуулаах кэмбиэри Кыталык Кыыс кырыйан ааҕыахтааҕын сэрэйдин диэн, оһуорбун кыйа