Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн. Иван Дьячковский
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Кыталык Уйбаан. Кустугу ситтэрбиэн - Иван Дьячковский страница 5
Өр кэтэспит сайыҥҥыт үтүө-мааны буолуо диэбиттии, күнэ чаҕылыйан, сырдыга-сылааһа сүрдээх этэ. Ыам ыйын маҥнайгы күнүгэр, хаһан да парааттаабат Чакыр олохтоохторо бука бары кытылга бааллара. Миигин, суорҕаҥҥа сууламмыт оҕону, убайдарым икки өттүбүттэн өйөөн, ыскаамыйаҕа олордубуттара. Аттыбытыгар, саҥа быган эрэр окко олорон эрэ, дьахталлар ийэбиттэн истибит ырыаларбын ыллыыллара. Ону истэ-истэ, мин ийэбин көрүөхпүн баҕарарым өссө күүһүрбүтэ. Ахтыбыт да эбиппин, ийэм нарын куолаһын! Суохтаабыт да эбиппин, ийэм кэрэ мичээрин! Көрбөтөҕүм ырааппыт даҕаны, ийэм оһоххо ас астыырын, амсайбатаҕым өр да буолбут, ийэм барахсан минньигэс аһын-үөлүн! Ийэбин кытта тэҥҥэ үөрсэрим, хас биирдии сибэкки тылыннаҕын аайы. Ийэбиниин тэҥҥэ ыллаһарым, нууччалыы ыллаабыт ырыаларын!.. Арба даҕаны, ийэм нууччалыы билбэт эрээри, хайдах нууччалыы ыллыыра буолуой? Москуба учуутала үөрэппитэ буолуо дуо? Ийэм кэллэҕинэ ыйытыаҕым. Ийэм кэлэ охсоро буоллар!
– Балбаараа! Маа-йаа! Өрүүнэ-ээ! Мин Башканы көрүстүм, – диэн хаһыытаабытынан ийэм дьүөгэтэ дьахталларга сүүрэн кэллэ.
– Башка оҕонньор ындыылаах атынан Амматтан почта аҕалбыт. Өрүһү муус хоҥнуон эрэ иннинэ, мүччү-хаччы туораабыт. Миигинэн Дьуона оҕонньорго илдьит ыытта. Татыйаас уолламмыт үһү. Ону өрүс ырааһырдаҕына Дьуона киирэн ылыа үһү.
Дьахталлар убайдарбар-бырааттарбар:
– Иһиттигит дуо? Ийэҕит өссө биир уолу атыыласпыт. Саллааттар эбиллибиккит. Дьэ, мантан ыла мээнэ мэниктииргит, сүүрэргит-көтөргүт тохтуура буолуо. Оҕоҕутун көрөр буоллаххыт дии, – диэтилэр.
– Бу суорҕаҥҥа сууламмыт хайаларын оҕотой? Тоойуом, аатыҥ кимий?
– Хайа, билбэккин дуо? Оттон ити Дьуона оҕонньор босхоҥ оҕото дии. Итинтикэҥ сахалыы билбэт. Аата Тоҥ Нуучча Уйбаан.
– Татыйаас, дьүөгэм Татыйаас барахсан! Бэйэтин олох харыстаммат. Сыл аайы оҕолонор. Ыарахан үлэҕэ үлэлиир да, олох сынньаммат. Былырыын «трудодень аахсабын» диэн ааттаан, үлэлии сылдьан, бурдук ыскылаатыгар оҕолоно сыспыта. Сүрэҕэ мөлтөх ээ, хата этэҥҥэ быыһаммыт дии. Ааранан мин ыксыыр этим, кыайан быыһамматаҕына, бачча кыра оҕолору аҕалара Дьуона соҕотоҕун хайдах атахтарыгар туруортуур диэн. Сааһа да ыраатта.
– Ол сааһа ыраатта диэн төһөтө буолла?
– Татыйаас миигин кытта саастыы, отут аҕыстаах. Оҕонньоро Дьуона киниттэн уон тоҕус сыл аҕа, ол аата биэс уон сэттэтэ буоллаҕа.
Өрүс ырааһырбыт күнүгэр ийэбитин уонна кыракый бырааппытын аҕала аҕабыт Аммалаабыта. Сарсыныгар сарсыарда баата суорҕаҥҥа сууламмыт кып-кыра оҕону көтөҕөн киллэрэн, мин аттыбынааҕы оҕо оронугар сытыарда. Ол кэнниттэн, чочумча буолаат, дьон бөҕө кутуллан киирдэ. Дьиэ ортотугар икки олоппоско кыһыл дьааһыгы киллэрэн уурдулар. Миигин икки убайым хонноҕум анныттан ылан, өйөөн кыһыл дьааһыкка аҕалбыттара. Көрбүтүм, биһиги ийэбит тоҕо эрэ онно сытара.
– Ийээ, ийээ! Тоҕо бу кыһыл дьааһыкка киирэн сыттыҥ?