Күтүөккэ хомолто. Сардаана

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күтүөккэ хомолто - Сардаана страница 3

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Күтүөккэ хомолто - Сардаана

Скачать книгу

туолбута. Ыал ыалтан истиһэн, учууталлыы кэлбит уол күтүөттүү хаалар туруктаммытын туһунан киэһэ аайы кэпсэтиигэ сүрүн сонун буолбут быһыылааҕа. Оттон мин олус таптыыр киһибин олбуорун айаҕар диэри атаарарбар, кини сылаас илиитин ыыппакка, ыга кууһан турарым. Обуйукаан уостарыттан уохтаахтык ууран ыларым, сарсыҥҥы күнү күүтэрим туһунан сибигинэйэрим.

      Сыһыаммытын уһата-кэҥэтэ барбакка, сыһа-соһо сылдьыбакка, сотору кэминэн олохпут суолун устун өрүү бииргэ хардыылыыр инниттэн сүрэхпитин холбоон ыал буолбуппут. Уобарастаабакка да эттэххэ, икки өттүттэн сөбүлэҥинэн итини быһаарыммыт буоламмыт, биһиги саҕа дьоллоох дьон аан дойду үрдүнэн суоҕун кэриэтэ этэ. Оччотооҕу үгэһинэн, саамай маанытык ыытыллар уруу киэбинэн, толору кымыстаах чороону көтөҕөн, бэйэ-бэйэбитин хаһан да түһэн биэрбэт, таҥнарбат туһунан мэктиэ тылы эппиппит, кыһыл көмүс биһилэхтэммиппит.

      Ол күнтэн ыла биһиги туспа ыал аатырбыппыт. Хайа-хайабытыгар бу маҥнайгы ыраас иэйиибит наһаа да чараас, уйан этэ. Кыраттан да үөрэ түһэрбит, аспыт да аҕыйах буоллаҕына, сылаас сыһыаммытынан тотор курдук буоларбыт. Оннооҕор кыра да харчылаах олорон, ону тиийиммэт-түгэммэт кэм үүннэ диэн хос санааҕа уурбат этибит.

      Кэргэммин наһаа таптыыр буоламмын, Даайыс диэнтэн атыннык ааттаабат буоларым. «Даша, Дашенька» диир олуона, оҥоһуу баҕайы курдуга. Ол иһин били билсэр киэһэбитигэр бэйэтэ этэн кэбиспитинии, тапталлааҕым аата миэхэ сааһым тухары «Даайыс» диэн буолбута. Итинник уу сахалыы саҥа аллайар олус күндүтэ уонна чахчы чугас эрэ киһи итинник эйэргиирэ биллэр буоллаҕа эбээт. Сурукка киирэринэн Егорова буолбута миэхэ наһаа астык этэ, онон Дария Михайловна бэйэтэ да дойду сир араспаанньаламмытын истиҥник ылыммыта.

      Инньэ гынан тапталбыт аатыгар сотору кыраланар турукка киирбиппит. Ыарахан буолбутун истэн, иккиэн олус да үөрбүппүт. Барыта дьикти курдуга: субу иккибит, оттон сотору, төһө эрэ кэм буолуута, кыып-кырачаан уол дуу, кыыс дуу биһигини ийэ-аҕа оҥоруохтааҕа төбөбүтүгэр баппат да курдуга. Ыал буолуохха диэри оҕолонор туһунан билбэт этибит дэттэримэҥ, билиминэ, урууга да кэлбиттэр эҕэрдэлиир тылларын аайы «элбэх оҕону баҕарбыттара» ол саҕана кыбыстыылаах курдуга эрээри, олох сокуонун эппиттэрэ баа буолуо дуо. Ол да үрдүнэн аан бастакы оҕо кэлээри, «ыарахан» буолуу диэн киһи мэйиитин биир сиргэ мунньар курдук ураты турук этэ. Даайыһым барахсан имэ тэтэрэн, үөрэн сэгэйэн иннибэр субу баарга дылы. Мин, эппэт кэлэҕэй буолан, тэпсэҥнии турбутум. Онтон иккиэн даҕаны дьэ үөрүүбүтүн холбоон, саҥа таһааран, кэпсэтэн, устунан ыраланан барбыппыт, өөр да өр куустуһан олорбуппут.

      Оҕолоноору гыммыппытын дьонтон кистээбиппит, хойут этиэх буолбуппут. Онтубутун тутуспуппут. Болдьоммут кэмигэр уһаабакка кыыс оҕоҕо күн сирин көрдөрбүппүт. Тапталбыт оҕото Маайыспыт сыттыын дыргыйан биһиги быыкаа дьиэбитин үөрүүнэн толорбута, тула дьол кыымын ыспахтаабыта. Кыһыл оҕо бэбээрдэр эрэ иккиэн тэбис-тэҥҥэ ойон турарбыт. Даайыс суулуурун

Скачать книгу