Күтүөккэ хомолто. Сардаана

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Күтүөккэ хомолто - Сардаана страница 7

Автор:
Жанр:
Серия:
Издательство:
Күтүөккэ хомолто - Сардаана

Скачать книгу

ити курдук сирим икки, халлааным икки ардыгар ыйанан хаалбыта сүрүкэтэ.

      Аллара диэки өҥөйөр да буоллар, Сир көстүө биллибэт үрдүгүнэн көтөн иһэбит, илиибэр субу өлбүт оҕом аны хаһан да бу кэрэни көрбөт, аны хаһан да «аҕаа» диэн чуопчаарбат. Тугун ынырыгай, саныахха ыарахан, төбөм иһигэр баппат алдьархайа. Улахан кыргыттарым сарын-сарынтан өйөнсөн, төбөлөрүнэн бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан баран, тугу да билбэккэ, утуйа олордохторо.

      – Оо, аптааҕым буоллар… Оҕом оннугар анараа дойдуга бэйэм барыам этэ… Тоҕо?! Туох буруйугар? – диэн санаа сүрэхпин аспыта, тыыным хаайтаран ылбыта. Былыр үйэҕэ «баран» хаалбыт барахсаммын быыкайкаан ытыһыттан сыллаан ылбытым, сүүһүгэр түспүт баттаҕын сыыһын көннөрөн, ыксары кууспутум. Хайдах гыныах муҥмунуй? Бу ким да билбэт сүүнэ куоратыгар миигин оҕолорбун кытта ким да күүппэт. Үүт-хайаҕас көрдүүрбэр хайалара тылбай-өспөй көмөлөһүө баарай? Турбутунан эр соҕотох диэн маны этэн эрдэхтэрэ дуу? Арай илиибэр көтөҕөн олорор көмүс чыычааҕым быыһанар суолга тиийбэккэ тыына быһыннаҕа. Аны кинини кытта икки кырбас кыргыттарым… Аана суох аймалҕан мин мэйиибин оргуппута, харахтарым уута икки иэдэспинэн тохтоло суох сүүрбүттэрэ…

      Тиийбит куораппыт, мин эрэйбин-муҥмун эрдэттэн сэрэйбит курдук, хараҕым уутун кистэһээри, бөдөҥ таммахтарын ыспахтаан, ардыы тоһуйбута. Аэропорт иһигэр ыскамыайка булан, оҕолорбун олордубутум. Бэйэм төттөрү Дьокуускайдыыр билиэт атыылаһаары хаассаҕа сүүрбүтүм. Кыра оҕобун илиибиттэн арааран, сатаан ыскамыайкаҕа сытыаран хаалларбатаҕым, санаабар сайыһан ытыах курдуга. Ол иһин көтөхпүтүнэн барбытым…

      – Здравствуйте! Пожалуйста, подскажите, когда самый ближайший рейс в Якутск?

      – Только через два дня, – хатыҥыр нуучча кыыһа, тугу эрэ бэчээттии-бэчээттии, мин эрэ диэки хайыспакка, туора көрөн олорон хардарбыта.

      Хайыахпыный, оҕолорбун туппутунан куорат устун хонор дьиэ көрдүү барбыппыт. Хата, биһиги дьолбутугар, аэропортан чугас икки этээстээх мас дьиэҕэ биир хостоох кыбартыыраны икки хонукка диэн болдьоһон, онно тохтообуппут. Нөҥүө күн улахан кыыһым Маайыс:

      – Аҕаа, Сайыына тоҕо уһуктубатый? Киэһэ буолан эрэр дии, – диэн ыйыппыта.

      Алталаах кыыс буолан син мэйиитэ хойуннаҕа, оҕобут туругун, эмискэ чуумпуран хаалбытын өйдөөн көрөр эбит этэ. Татыйаас тугу да сэрэйбэккэ, бэйэтэ бэйэтигэр оонньуу, ыллыы-туойа сылдьыбыта.

      – Мин сотору кэлиэм. Балтыгыт сытар хоһугар киирээйэҕит, утуйдун, тыытымаҥ, айдаарымаҥ. Сөп дуо? – диэн баран улахан чымадаан атыылаһар баҕалаах онтубун көрдүү сүүрбүтүм.

      Санаам барыта оҕобор этэ. Муҥнааҕым сыыһа, аҕата хайыыр да кыаҕа суоҕуттан буорайаахтыырга тиийдэҕэ… Бу куйааска онто суох этэ-сиинэ онон-манан көҕөрөн эрэрэ. Сарсын Дьокуускайга көтүөхтээхпит. Хоруоп оҥорторор дуу, атыылаһар дуу, өлбүт оҕону куруус быһыытынан оҥорторон, докумуоннатан ыытарга харчым да суох буолан, судургутук быыкаа барахсаммын

Скачать книгу