Күтүөккэ хомолто. Сардаана
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Күтүөккэ хомолто - Сардаана страница 5
– Чээн, оҕом туһалаабыта үчүгэйин, – эрэ диирим.
Онуоха хардарсар кэргэним суоҕа ыарахана оччо этэ. Тулам барыта курус, кэри-куру. Кыракый, эргэ дьиэбит түннүктэрэ сууйуллубут таҥас сиигиттэн, харах уутун тохпуттуу, таммахтарынан ытыыллара. Оҕолорум дьагдьайыахтара диэн күүскэ оттубут оһоҕум сойоро да түргэнэ. Амтаннаахтык астанартан тэйэн, чыычаахтарым хааһыларын, торуойдарын тобоҕун холбоон үссэнэр идэлэммитим. Ардыгар, аһынан буолуо, эмээхситтэр чэйгэ ыҥырдахтарына, «оҕолорбуттан ордон онно ойдомуй» диэн сөбүлээбэт, барбат этим. Арай барыбытын тэҥҥэ ыҥыраллара буоллар, хайыам эбитэй эрээри, биирдэ да, ким да оннук гымматаҕа. Түүҥҥү киэһэ уу чуумпу дьиэм иһэ курустук миигин кууһара. Соҕотохсуйуу хаһыыта куолайбар хаайтарбыта. Хараҥа сарсыарданан кырачааммар үүт сылытан иһэрдэрбэр наһаа да хараастарым:
– Оо, бу таас бытыылка оннугар барахсаным сыыһа ийэтин көмүскэ тэҥнээх иҥэмтэлээх үүтүн эмэн, соппойо олороро буоллаар… – диирим.
Ким да билбэт, көрбөт этэ, мин аһыы амтаннаах хараҕым уутун.
Саҥа дьыл чугаһаатаҕын аайы кыргыттарым Тымныы оҕонньортон кэһии ылаары ырыа-тойук бэлэмнээн чаҕаарыһаллара. Биир киэһэ дьыссааппытыттан дьиэлээн истэхпитинэ, билигин да көтөххө сылдьар кырачааным:
– Аҕаа, тохтоо эрэ, мин бу хаар устун хаамыахпын баҕарабын, – диэн чуопчаарбыта.
Богдоччу таҥныбыт оҕом барахсан, түөрэ-маары бадьаалаан хаампыт кып-кыракый хаатыҥкатын суола харахпар бу баардыы көстөр. Оччугуйкаан бэйэтэ үрүҥ туллук курдук сырдык хааннааҕа, чорбойбут уоһа куруутун кус-хаас саҥалааҕа. Көрбүт эрэ дьон үксэ:
– Улааттаҕына үчүгэй, кэпсээннээх кыыс буолсу. Ийэтигэр олус да маарынныыр, – дэһэллэрэ, харахтарынан таптаан ымманыйаллара.
Ол киэһэ тоҥуу хаар устун иһэн, халыҥ сонун курдаан кэбиспитим иннигэр мунньуллан, киһи күлүөх курдук ынайбыт истээх:
– Аҕаа, көр, мин чыычаах курдукпун, сотору көтүөҕүм… оол ыраах-ыраах сулуска… – дии-дии, субу көтүөхчэ курдук туттан, кып-кыра илиитин даллаппыта уонна:
– Аҕаа, көтө-өх… сылайды-ым… – диэбитэ.
Оччолорго ийэ, аҕа тапталын икки бүк сүкпүт эдэр киһи үс оҕобор баардара-суохтара мин эрэ этим. Эбэлээх эһэбитин, саастаах дьон диэн харыстааммыт, кинилэри түбүгүрдүбэт буола сатыырбыт. Биирдэ эмит охсуллан, ахтылҕаннарын таһааран, ыалдьыттаан ааһарбыт.
Кэргэним бараахтаабыта син хас эмэ сыл ааспыта. Үс чыычаах кыргыттарым чубугураһар күйгүөрдэригэр аһыыбын мүлүрүтэ, умна быһыытыйарым, хараастыбыт сирэйбин-харахпын киэр үтэрим. Кинилэр ньуу-ньаа саҥаларынан, оокколорум киэһэ-сарсыарда күлэ-оонньуу туллуктанар олохторунан олорорум. Биирдэ да онно-манна аралдьыйан, кэлбэт-барбат киһини соччо-бачча хаайсыбаттар