Күтүөккэ хомолто. Сардаана
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Күтүөккэ хомолто - Сардаана страница 8
Санаабар наһаа уһуннук көппүппүт. Сөмөлүөттэн тахса охсон оҕом сытар чымадаанын ыла охсубут киһи диэн өйбүнэн-санаабынан ыксаабыппын ким билиэ баарай? Көтөр аалбыт тохтоотун кытта, ыксаабыт санаабар сүрэҕим битиргэччи тэбэн кэбиспитэ. Ыгыллыбытым. Ытыах да туруктаммытым. Дьокуускайы булбуппуттан арыый аҕай чэпчээбит курдугум да, салгыы дойдубун быһар уустук суолум аартыга аһаҕаһа биллибэт этэ буоллаҕа. Онон санааларбар мунаммын, сүрэхпин эмэр саарбахтаталыыр ыарыыларым адьас кумуччу туппуттара… Икки кыыспын сиэппитинэн дьон быыһынан үтүрүһэ-үтүрүһэ, таһырдьаны былдьаспытым. Ол сырыттахпына иннибэр турар бэрт суон дьахтар, барахсан киниэхэ табыгаһа суох быһыыны таһаардаҕым ини, эргиллэн да көрбөккө туран быһа-хото саҥаран барбыта:
– Ханна бачча айылаах ыксыыгыт?! Ийэҕитигэр дуо? Күүтүө буоллаҕа, ханна барыай. Оҕолоруҥ аттыгар бааллар, бары тыыннааххыт, этэҥҥэ көтөн түстүгүт уонна туох нааданый? – диэн сөҥ куолаһынан лоп бааччы ууран, үөрэтэрдии, дьарыйардыы миэхэ туһаайан саҥарбыта.
Барахсан хантан тугу билээхтиэй, ыар кыһалҕалаах эдэр киһи таптыыр кэргэнигэр ыксыыр кыаҕа суоҕун… Ийэбит диэн тылы умна быһыытыйа улаатан эрэр чыычаахтарым, маамалара хаһан да биһигини көрсүбэтигэр үөрэммит бэйэккэлэрэ эбээт. Оттон биир оҕом муҥнаах, тыыннаах хаалаары ыраах сиргэ тиийэ сатаан кыаммакка, аара, буолаары буолан мэҥэ халлаан оройун анныгар аһаҕас сиргэ өлөн баран… аҕатын уоппускатын түөрт мөһөөгөр атыыласпыт хара чымадааныгар таҥаска сууланан сытарын…
Мин утары аахсан туох да диэбэккэ, икки кыыспын сиэппитинэн, саҥата суох тахсар ааҥҥа дьулуруйбутум. Сүрэҕим сорҕото хатанан сытар хара чымадааммын булан, илиибэр тутан, бэйэбэр ыксары кууспутум уонна дьэ уоскуйбут курдук буолбутум. Кыргыттарым ону көрөн:
– Аҕаа, Сайыына, уһуктуо, сибигинэйэн кэпсэтиэх, – дэспиттэрэ.
Оннук бары саҥата суох, сиэттиспитинэн Өлүөнэ өрүс нөҥүө баар дойдубар Чурапчыга айаннаары кытылга тиэрдэр массыынаҕа олорсубуппут. Куйаас да күн этэ. Чымадаантан аҥкылыйар олох атын, ап-аһыы сыт олорсубут массыынабыт иһин тунуйбута. Боруом сылдьар биэрэгэр тиийээппитин, чымадааммын туппутунан таһырдьаны былдьаспытым. Сай ортотун өҥүрүк куйааһа сүрдээҕэ. Ыксаан хайыахпын да булбакка талбааран турбутум. Тулам тохтор кумах, кыймаҥнас элбэх киһи, массыына арааһа, арай боруом эрэ суоҕа.
Сотору кэминэн кыргыттарым утатаннар уу көрдөөбүттэригэр, хата биир айанньыт эмээхсин уу бэрсэн абыраабыта. Онтон эрдийэммин, оҕолорбун киниэхэ хааллара түһэн баран, талахтар диэки сүүрбүтүм. Онно тиийэн чымадааны арыйа баттаабытым –