Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница
Бииргэ олоруохтаах кыыһым кэлимээри гынна дии. Хайыы-үйэ хараҥаран эрэр. Иккис түүммүн соҕотоҕун хонорбун санаатахпына этим тардар. Дьиҥэр, наһаа эргэтэ суох дьиэ ээ. Түөрт кыбартыыралаах уопсай дьиэттэн биирэ. Ол эрээри, биир эрэ эркин нөҥүө дьон саҥата иһиллэр, оҕо ытыыр. Атын дьиэлэргэ ким да суох быһыылаах – уу чуумпу. Дьиэбит, киирээти кытта тута куукуна. Онно төгүрүк остуол турар. Арба, ол остуолбар ыскаатар ылыам этэ. Манна дэриэбинэҕэ атыылаабаттар эбит. Түөрэҥэлэспит да буоллар, үс олоппос, былыргы ыскаап. Хата, гаас билиитэтэ баар. Маны таһынан утуйар икки хостоох. Биирэ син кэҥэс, атына кыараҕас соҕус. Маҥнайгынан кэлбит киһи сиэринэн, улахан хоско киирэн олоробун. Ити долбуур үрдүнэн ыйаммыт былыргы сиэркилэни ханна эрэ гыныыһыкпын. Бу кыыс сүттэ. Тоҕо кэлбэт буоллаҕай?
…
Сарсын балаҕан ыйын 1 күнэ. Дириэктэр сарсыарда тоҕус ааһыыта кэлээр диэбитэ. Чугаһаатаҕын ахсын долгуйарым күүһүрэн иһэргэ дылы. Миигин онус кылаас салайааччыта буолаҕын диэбиттэрэ. Хайыы-үйэ улаатан, сиппит оҕолор. Саллабын. Хайдах эрэ биир тылы була сатаабыт киһи. Оо, ким эрэ кэллэ!
…
Утуйаары сытабын. Дьукаах кыыһым, хата, кэллэ. Дириэктэр били Романы кытта сирдээн аҕаллылар.
… Хата, үчүгэйкээн кыыс быһыылаах. Орто уҥуохтаах, бэйэтигэр сөрү-сөп эттээх-сииннээх, сып-сырдык ис-киирбэх дьүһүннээх. Марина Романовна диэн. Нуучча тылын уонна литературатын учууталынан ананан кэлбит.
Чэ, утуйарга уолдьаста. Сарсын ураты күн. Бу түүн этэҥҥэ утуйар инибин…
Балаҕан ыйын 1 күнэ, өрөбүл
Билии күнүнэн! Бүгүн олус үчүгэй күн ааста!
Бастатан туран, этэҥҥэ хоммутум. Били сиэркилэни эргэ сыттык хаатыгар суулаан күүлэҕэ таһааран уурбутум. Баҕар, ол иһин буолуо, баҕар, аттыбар киһи баарын иһин эрэх-турах сананан буолуо, баттаппакка утуйбутум. Ол эрээри, долгуйбут омуммар, сарсыарда эрдэ уһуктан хаалан баран салгыы сатаан утуйбаккабын туран кэлбитим.
Тоҕус чааска Марина биһикки аргыстаһан оскуолаҕа тиийбиппит. Дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Вячеслав Николаевич: «Дьэ, маладьыастар», – диэн хайгыы көрсүбүтэ. Быйыл бу оскуолаҕа саҥа үлэлии кэлбит учууталлар элбэх эбиппит. Мин саха тылын уонна литературатын учууталынабын, Марина нуучча тылын уонна литературатын, Евгения Егоровна омук тылын, Ванесса Ивановна алын кылаас, оттон Андрей Ильич физкультура учууталлара. Ванесса аймахтарыгар олорор. Евгения кэргэниниин бэйэлэрэ дьиэлээхтэр эбит. Оттон Андрей Ильич саҥа кэлиэхтээх учаскыабайы кытта биһиги уопсайбыт биир кыбартыыратыгар олорор буолаллар үһү. Арба, били эркин нөҥүө дьон олорор диэбитим, история учуутала Октябрь Александрович кэргэниниин, оҕотунуун икки кыбартыыраны холбоон, дьиэ оҥостон олороллор эбит.
Дьэ, оруобуна уон чааска үөрүүлээх линейкабыт саҕаланна. Дириэктэр, завуч тыл эттилэр. Оскуолаҕа саҥа киирбит оҕолор учууталларын кэнниттэн субуруһан киирэн турдулар, хоһоон аахтылар.
Линейка кэнниттэн Вячеслав Николаевич онустарбын кытта билиһиннэрээри кылааска батыһыннаран киллэрбитэ. Сорох оҕолор сонурҕаабыттыы, сорохтор бу эмиэ киммит тиийэн кэллэ диэбиттии көрдүлэр. Кэнники эрээккэ олорор икки кыыс тугу эрэ ботугураһан ылаат, улаханнык күлэн тоҕо бардылар. Кыбыстыбыт, толлубут санаабар таҥаһым дуу, сирэйим, баттаҕым дуу туох эрэ буоллаҕа диэн көннөрүнэн ыллым.
– Чэ эрэ, сүгүн олоруҥ! – Вячеслав Николаевич тоҕо эрэ киирдэ-киирээт бардьыгынаан кэбистэ. – Бу эһиги саҥа салайааччыгыт Нина Ивановна диэн.
– Оттон Тамара? – киэптээбиттии устуулугар тиэрэ түһэн олорор, хара көстүүмнээх, маҥан кроссовкалаах уол ыйытааччы буолла.
– Осипов, Тамара Андреевна тоҕо мантан барбытын бэйэҥ бэркэ билэриҥ буолуо, – завуч уол диэки хайыһан да көрбөккө, хатыылаахтык хардарда уонна туох да буолбатаҕыныы салгыы саҥарда. – Нина Ивановна саха тылын уонна литературатын үөрэтиэ. Быйыл сайын син өйгүтүн-төйгүтүн тутан кэллигит ини диэн эрэнэбин.
Вячеслав Николаевич мин диэки тоҕо эрэ аһыммыттыы көрөн ылла уонна тахсан барда.
– Үтүө күнүнэн, оҕолоор!
– Драасьте! – били уол аат эрэ харата дорооболосто. Онтон атыттар ууну омурдубуттуу саҥата суох мин сирэйбин-харахпын кэтэһэ-манаһа олордулар.
– Вячеслав Николаевич эппитин курдук…
– Оо дьэ, иһиттибит ээ, туох ааттаах хатылаан хааллыгыт, – били кэнники эрээккэ олорор кыргыттартан биирдэстэрэ сэнээбиттии хантаччы туттан олорон саҥа аллайда.
Мин оскуолаҕа саамай баппат кылааска киирэн турарбын бүтэйдии сэрэйдим. Били Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамааныгар кэпсэнэр онус кылаастары