Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 4

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

үгэскэ кубулуйбут айылҕаҕа тахсыы туомун кэннэ кылаастар бэйэ-бэйэлэрин кытары араас куонкурустарга курэхтэстилэр. Кылаастар хамаандаҕыт аатын толкуйданыҥ диэбиттэригэр мин оҕолорум тута «Дьолуо» диэн ааттаммыттара. Валялаах Сашаны отунан, бэс, харыйа эриэхэтинэн, сэбирдэҕинэн наһаа үчүгэйдик симээн кэбиспиппит. Спорт күрэхтэһиитигэр наар үксүн Арыйаан уонна Вова кыттыбыттара. Сүүрүү, тустуу, тутум эргиир уонна мас тардыһыыта курдук көрүҥнэрдээх многоборьеҕа Арыйаан кыайыылаах тахсыбыта. Ырыа күрэҕэр Сайыына норуот ырыатын ыллаан эйээрбитэ. Киниэхэ Арыйаан гитараҕа доҕуһуоллаабыта. Күрэхтэр түмүктэммиттэрин кэннэ, уопсай түмүгү таһааралларын кэтэһэ олорон сиргэ ас тардынан аһаабыппыт. Оҕолор олох бастаатыбыт диэн бүк эрэллээхтэр этэ. Ол эрэн, үһүс миэстэ буолбуппут. Кырдьыгынан эттэххэ, элбэх күрэххэ кыайбыт кылаас үһүс миэстэ буолбутун мин эмиэ өйдөөбөтөҕүм. Оҕолорум түмүгү истээт айдаара, кыыһыра түспүттэрэ. «Эс, хайдах итинник буолуоҕай? Итинтэн атыннык дьүүллүөхтэрэ дуо? Син биир хотторорбут биллэр этэ! Куруук баттыыллар!» диэн араас быдьар тыллаах-өстөөх сөбүлээбэтэхтэрин биллэрбиттэрэ. Кыыһыран кыынньа сылдьар оҕолорбун нэһиилэ уоскуталаабытым. Оҕолор санаалара наһаа да түспүт этэ. «Наар итинник сэнииллэр. Өрүү биһигиттэн иҥнэн тахсаллар. Бу оскуолаттан хаһан эрэ бара охсобун!» – дэһэллэр.

      – Оҕолоор, мин эмиэ ити дьүүллээбиттэрин сөбүлээбэтим. Эһиги саамай бастыҥнар этигит. Ол эрэн, хаһан да, ханнык да түгэҥҥэ бэйэ бодоҕутун тардынан сылдьар буолуҥ. Итинник үөхсүбэт, быдьар тылынан этиспэт баҕайыта. Ама хайаан соруйан сэнээтэхтэрэй. Хаһан баҕарар, ханнык баҕарар күрэххэ дьүүллүүр сүбэ этиитэ бүтэһиктээх буолар, – диибин. – Киэҥ көҕүстээх буолуҥ. Син биир эһиги бастыҥнар этигит, бэйэҕит да ону билэҕит. Атын кылаас оҕолорун харахтарын көрбүккүт? Саамай сөхпүт-махтайбыт кинилэр этэ дии! Хата, мин бүгүн эһиги тускутунан элбэҕи да биллим. Наташа дизайнер буолуоххун сөп эбит. Түһүлгэни эн ыйаҥҥын-кэрдэҥҥин олус үчүгэйдик киэргэттибит. Аны Валялаах Сашаны хайдах курдук авангарднайдык таҥыннардыҥ? Оттон Сайыына куолаһа кэрэтиин. Киһи эрэ истэ олоруох курдук куоластааххын. Арыйааннаах Вова эчи сымсаларын, түргэннэрин. Олох олоҥхоҕо кэпсэнэр бухатыырдар курдуктар. Оттон, Леня, эн оскуолаҕа буолар тэрээһиннэри ыытааччыгын дуу?

      – Суох, – уол тоҕо ыйытарбын өйдөөбөккө да хаалла быһыылаах.

      – Мин эйигин хайаан да сыанаҕа таһааран хоһоон аахтарыаҕым. Улахан тэрээһиннэр диктордарын курдук үчүгэй куоластааххын дии… – үөрэнээччилэрбин хас биирдиилэрин эр-биир хайҕаатым, санааларын көтөхтүм. Ол хайгыы олорон оҕолорбун кэриччи көрдүм уонна түөһүм иһэ үөрүүнэн туолла. Кинилэр миигин истэ олорон бэйэ-бэйэлэрин саҥа, сонун харахтарынан көрсүбүттэрэ, истиҥ мичээр бэлэхтэспиттэрэ, түмсүүлээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Бу буоллаҕа учуутал дьоло диэн…

      …

      – Нина Ивановна, үтэһэлээх эт сиигин? – кэннибин хайыһан көрбүтүм Арыйаан икки үтэһэлээх эт тутан турар эбит. Биирин миэхэ биэрдэ уонна

Скачать книгу