Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 6
– Тоҕо уруучуканан оройго охсуохтааҕый?! Тиийиммэт что ли, хата, бэйэтэ?! – Любалыын биир паартаҕа олорор Иванова Наташа одуулаан турбут буруйбар миигин уун-утары өстүйбүт хараҕынан көрөөт хаһыытаан бытарытта.
– Кэпсээҥ, оҕолор, туох буоллай? – мин ити хаһыыны истибэтэх курдук учуутал остуолун иннигэр баран турдум.
Бүгүн тугу эбии билбиттэрин чиҥэтээри, уруогу быһа утуктуу олорбут Любаҕа учуутал ыйытык биэрбит. Кыыс сатаан хоруйдаабакка олордоҕуна, учуутала кыйаханан турбут да, уруучука тумсунан кыыһы оройго охсубут уонна: «Тиийиммэккин дуо эн, уопсайынан?!»– диэн хаһыы былаастаах мөҕөн барбыт. Маны көрө-истэ олорбут оҕолор өрө көбдьүөрэ түспүттэр. Кыыстарын көмүскэһэн: «Хата, бэйэҥ тиийиммэккин! Ити дьыалаҕар эппиэттиэҥ! Психопатка!» – дии-дии айдаарбыттар.
Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин быһа түһэ-түһэ кэпсээн бүтэллэрин кытта, дириэктэр уонна завуч киирэн кэллилэр. Онуоха үөрэнээччилэр биир киһи курдук бары олбохторуттан турдулар.
– Онус кылаастар, дорооболоруҥ, – дириэктэр Михаил Семенович кылаас ортотугар киирэн турда. Оҕолор ити эҕэрдэҕэ аат эрэ харата хардарбыта буоллулар. – Бүгүн саҥа үөрэх дьылын маҥнайгы күнэ. Быһайын оскуола аанын хайдах сабан барбыккытын өйдүүр инигит? Дьэ, мин өйдүүбүн. Үөрэх дьылын хайдах түмүктээбиккит да, соннук саҕалаан эрэҕит. Бу эһиги сааскытыгар оҕо син өйүн-төйүн тутар, улаатар, оттомурар кэмэ дии! Аҕыйах сылынан бэйэҕитин итинник оскуола оҕото үөхтэҕинэ сээн диэбэккит буолуо! Туох ааттаах бу таҥнары кырыыламмыт оҕолор эбиккит буоллар?! Ааспыкка айылҕаҕа тахсан баран эмиэ учууталлары үлтү үөхпүт этигит дии! Эһиги ханна бааргыт да онно айдаан! Анастасия Федоровна эһигини үөрэтэртэн аккаастанар! Дьэ, хайдах буолабыт?!
– Анастасия Федоровна бэйэтэ сыыһалаах. Кини үөрэнээччини уруучуканан оройго охсоро, соччото суох тылынан үөҕэрэ сөп үһү дуо? – үрдүк уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх Арыйаан Уоһукап туран кэлбитигэр, дириэктэр хайдах эрэ кыччаан, мэктиэтигэр кумуччу туттарга дылы гынна, соһуйбуттуу кыл түгэнэ тылыттан матан ылла. Ол кэннэ күөмэйин көннөрүннэ, көстүүмүн тимэхтэннэ, хаастарын түрдэһиннэрдэ уонна:
– Анастасия Федоровна үйэтин тухары учууталлаата. Кини учууталлар учууталлара! Үтүөлээх учууталы хобулуур, эбэн кэпсиир бу туох аатай ээ?!! – дириэктэр үллэ кыыһырбыт куолаһа кылааһы биирдэ сабардаан кэбистэ. – Уоһукап, Тамара Андреевнаны ууратан баран, аны Анастасия Федоровнаҕа көстүҥ дуо?!! Мин эн дьылҕаҕын быһаарыам. Быйыл баҕас тохтууруҥ буолуо!
Үллэ кыыһырбыт дириэктэр аҕыйахта хардыылаан кылаастан тахсан барда. Кэнниттэн Вячеслав Николаевич тилэх баттаһан иһэн: «Нина Ивановна, дириэктэргэ киирээр эрэ», – диэтэ. Саҥата суох оҕолорбун кэриччи көрөн кэбистим. Бу түгэҥҥэ мин туох да диэхпин булбатым. Оттон оҕолорум харахтара биһигини көмүскээ диэбиттии чоҕулуҥнастылар. Турбахтыы