Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 10
– Здравствуйте! – Марина тоҥуй куолаһынан хардараат, дьиэттэн тахсан барбыта.
– Киир, Арыйаан. Маринаа, аһаарыый, – кыыһым кэнниттэн ыҥыран көрдүм да кэлбэтэ.
– Хайа, кинигэҕин аахтыҥ дуу? – аһыы олорон ыйытабын.
– Ээ, арба, аҕаллым ээ. Бөлүүнү быһа аахпытым. Кинигэтэ быдан интэриэһинэй эбит дуу дии санаатым. Инньэ гынан, хойут утуйбут буолан эбиэт саҕана биирдэ турбутум, – уол аһаан мотуйа-мотуйа сэһэргиир. – Урут кинигэни ааҕыы эрэй буолааччы, билигин утуйар уубун умнан туран ааҕан, бэйэм-бэйэбиттэн соһуйа сылдьабын.
– Маладьыас, сэҥээрэр, таттаран олорон ааҕар ис хоһоонноох айымньыны түбэһэн ааҕар диэн дьол буоллаҕа дии. Кинигэ киһини олоххо үөрэтэр.
– Нина Ивановна, биири этэбин? – Арыйаан эмискэ аһыырын тохтотон уун-утары хап-харанан көрөн кэбистэ.
– Эт.
– «Саҥа кэлбит учуутал Нина Ивановна оскуолаҕа баппат бандьыыт Арыйааны күн ахсын дьиэтигэр аҕалар буолбут. Ол Уоһукап күнү супту учуутал кыргыттар дьиэлэригэр кэлэн хорҕойон олорор үһү» диэн сурах-садьык дэриэбинэ устун кынаттаах көтөр буолан көтө сылдьар. Сурах буолан баран киэргэтиитэ суох буолуо дуо, мин манна кэлэн хоно-өрүү сытарбын кытта көрбүттэр үһү.
Мин соһумар сураҕы истэн, сии олорбут гречкабын сыыһа ыйыһыннаҕым дуу, харахпыттан уу-хаар бычалыйан тахсыар диэри ыбылы сөтөлүннүм. Арыйаан ыксаан ойон туран көхсүгэ тоҥсуйда. Мин тоҕо эрэ күлэн тоҕо бардым. Уол мин күлэрбиттэн маҥнай муодарҕаата быһыылаах, онтон тэҥҥэ күлсэн барда. Ол курдук күлсэ олорон өйдөөн көрбүтүм, Егор киирэн турар эбит.
– Ээ, Егор, киириий, чэйдиигин дуо? – күлэрбин тохтото сатыы-сатыы иһит ылан гречка кутан биэрдим. – Марина?
– Ээ, биһиэхэ бааллар, – илиитин сууна охсон баран остуолга кэлэн Арыйаанныын илии тутуста уонна сэргэстэһэ олордо. – Хайа, үөрэх хайдаҕый?
– Этэҥҥэ.
– Эн курдук Нина Ивановна үөрэнээччитэ буолбут киһи баар ини, – Егор үөннээхтик көрө-көрө күлэн кэбистэ уонна салгыы туох да буолбатаҕын курдук аһыы олордо. Оттон Арыйаан, сибилигин аҕай үөрэ-көтө олорбут бэйэтэ дьэбин уоһуйа түстэ, туран кэллэ.
– Баһыыба, Нина Ивановна, кинигэни долбуурга ууруом.
– Тоттуҥ дуо ити аата? Аһаа ыл, – диибин.
– Ээ, суох, тоттум ээ. Баһыыба, – уол кинигэлэрдээх долбуурга «Мааппатын» ууран кэбистэ.
– Итиннэ Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаана сытар. Аны итини ылаҥҥын аах, – итии чэйбэр саахар кутан булкуйа олорон саҥа аллайдым. Арыйаан кэмниэ кэнэҕэс «аата халыҥын!» диэн соһуйбут саҥата иһилиннэ. Мин күллүм.
– Хайаан да сэҥээриэҥ, ылан аах. Оруобуна бу биһиги олохпутугар буола турар кэккэ кыһалҕалар итиннэ дьэнкэтик көстөллөр. Сорох-сорох персонажтарга билэр дьоҥҥун да булан көрүөҥ», – диибин.
– Ыллым бу. Чэ, мин бардым, баһыыба. Көрсүөххэ диэри.
– Сарсыҥҥа диэри, Арыйаан!
Осипов