Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина

Чтение книги онлайн.

Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 9

Жанр:
Серия:
Издательство:
Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина

Скачать книгу

ааҕы кытта кэпсэтэ сырыттым. Дьонум диэн Галина Петровналыын бииргэ олорбут дьиэбит таһыгар ыаллыы олорор кырдьаҕас оҕонньордоох эмээхсин. Төһө да хаан-уруу аймахтарым буолбатахтарын иһин, миигин тэҥҥэ көрсүбүт-харайсыбыт кырдьаҕас дьону эбэлээх эһэм диэн ааттыыбын. Хата, барахсаттар баччаҕа тиийдилэр. Эһэм оҕонньор сотору-сотору күөлүгэр киирэн балыктыыра. Онтон туппутун хайаан да биһиэхэ өлүүлээччи. Билигин мин төһө да атын улууска көспүтүм иһин, хайаан да хатырыктаан, арыыга ыһаарылаан баран бэлэми суулаан кэлэр-барар дьонунан булгу биэрэн ыытаахтыыллар. Сотору-сотору төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит. Бүгүн аны «Хайа, хаһан эргэ тахсыах курдуккун?» – диэн соһуттулар. Арай кыыстара ол эрэ туһунан долоҕойугар тохтоппот.

      …

      Бу ааспыт бээтинсэҕэ төрөппүт мунньаҕын ыыппытым. Төһө да аҕыйах төрөппүт кэллэр, билсибиппит. Кылааспытыгар туох наадатын испиэһэктээн, сыанатын торумнаан, харчы кыттыһан хомуйарга сүбэлэспиппит. Арба, Уоһукап убайа суоҕа. Хаһан эрэ бэйэм бара сылдьарым дуу?

      Бэҕэһээ Михаил Семеновиһы кытта Арыйаан туһунан кэпсэппитим.

      – Осипов балаһыанньатын бары билэбит, өйдүүбүт. Араас миэрэни бары ылына сатаабыппыт. Социальнай харалта эмиэ үлэлээбэт буолбатах. Арыйаан манна убайдаах, Аскалон Дмитриевич диэн. Туох да куһаҕана суох үчүгэй ыаллар. Бу Аскалон Дмитриевич уолга опекун. Онон, көрөр-истэр киһилээҕин иһин, кинини ханна да атын сиргэ ыытар кыах суох.

      – Оттон ол убайын аахха олорбот дии.

      – Ол уол бэйэтин быһаарыныыта оннук, – дириэктэр идэтинэн илиитин даллах гынан кэбистэ. – Көрөҕүн дии, кини хайдаҕын… ээ… ураты майгылаах оҕо. Осиповтар бырааттарын олордо сатыыллар. Уол бэйэтэ буолуммат. Оннооҕор ахсыс кылааска тахсыбыт күһүнүгэр, дьиэтиттэн күүстэринэн таһааран, убайын аахха олохтообуттара. Суох, уһаабатаҕа. Дьиэтигэр булан киирбит этэ. Төһө да убайын аахха олордор, дьиэтигэр син биир кэлэ-бара сылдьара киниэхэ наһаа наада быһыылаах эбит этэ.

      – Арай туох эрэ буолан хааллын? – мин тылбыттан бэйэм куттаммыттыы остуол аннын үстэ тоҥсуйан тобугураттым. Дириэктэр сылайбыт киһилии сирэйин-хараҕын уҥа илиитинэн соттумахтаан ылла.

      – Эппиэтинэстээх убайа аах бааллар. Ол эрэн кинилэр тылларын истибэт. Оскуола туох баарынан көмөлөһөр. Уол баҕатын хоту, үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри интэринээккэ олорорун көҥүллүүбүт. Сайынын убайын аахха атаарыахтаах.

      Дьэ, дьикти быһыы-майгы. Убайын көрсөн кэпсэппит киһи дуу.

      …

      Мариналаах Андрей сыһыаннара олус тэтимнээхтик сайдан иһэр курдук. Бэҕэһээ киэһэ гречка ыраастыы олордохпуна, кыыһым аттыбар кэлэн тугу эрэ этиэх курдук кылап-халап көрө-көрө элиэтии сылдьыбыта. Мин тугу кэпсэтээри гынарын сэмээр кэтэһэн көрөн баран, тулуйбаккабын «Тугуй?» диэбитим. Кыыһым хардарбатаҕа, кыбыстыбыттыы сирэйин ытыстарынан саба тутта-тутта күлэн бычыгыраабыта.

      – Нинкаа, кыыһырыма сөөп, – кэмниэ кэнэҕэс атаахтаабыт куолаһынан унаарытан кэбиспитэ. – Баһаалыста бүгүн… Егордаах дьиэлэригэр хоноҕуун?

      Мин

Скачать книгу