Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 12
– Эҕэрдэ, Арыйаан, бастаабыккытынан! – диэн үөрэ-көтө эҕэрдэлии тоһуйабын.
– Нина Ивановна… – Осипов тугу эрэ этиэх курдук гынар эрээри эппэт. Таайтарыылаахтык мичээрдээн кэбиспитигэр, үрүҥ тиистэрэ кэчигирэһэн көһүннүлэр. Хап-хара харахтара дьиктитик чоҕулуҥнастылар. Эмиэ да оҕолуу ыраастык, эмиэ да улахан киһилии, дириҥник…
– Истэбин? – бу уол тугу этээри гына-гына толлон турар буоллаҕай диэн утары көрдүм.
– Мэ… бу эйиэхэ, – кэмниэ кэнэҕэс Арыйаан спортивнай көстүүмүн сиэбиттэн «Альпен голд» билииккэ сакалааты таһааран утары уунна. Мин көһүппэтэх буоламмын соһуйан, саҥата суох таалан турдум. Бу түгэҥҥэ хайдах быһыыланыахтаахпын, тугу хоруйдуохтаахпын билбэккэ:
– Б-баһыыба, – эрэ диэтим. Осипов миэстэтигэр тэпсэҥэлээн ылла уонна киэр хайыһаат тахсан баран хаалла. Онуоха туох эрэ улахан бөрүкүтэ суох кистэлэҥи таайбыттыы ытырыктата санаатым… Сотору Женя кэллэ. Иккиэн саалаҕа тахсан оҕолору көрдүбүт. Ол турдахпытына, алтыс кылаас кыргыттара «…биһиэхэ кып-кыралыыны биэрдилэр дии. Алта билииккэ сакалаат биэрбиттэрэ хайдах тиийбэтий…» дэһэр саҥалара иһиллэн ааста. Мин тымныы уунан саба ыстарбыттыы дьик гына түстүм. Үлтү кыбыһынным, сааттым. Арыйаан доҕотторун кытта саала биир муннугар хаадьылаһа тураллар.
– Осипов! – музыка холбоно илик буолан Арыйаан тута иһиттэ. – Кэл эрэ.
Тренердэр хосторун иһигэр уу чуумпу сатыылаата. Туохтан саҕалыахпын билбэккэ, уолу утары көрөн олордум.
– Арыйаан, хамаандаҥ оҕолоро сакалааттан матан хомойон тураллар ээ, – тургутардыы, сирэйин-хараҕын одуулуубун. Онуоха Осипов мух-мах тутунна.
– Кинилэр сиэхтээх сакалааттарын миэхэ биэрбиккин дии… Арыйаан, билэбин, эн миэхэ махтаныаххын баҕарбытыҥ буолуо. Ол эрэн… кинилэр бириистэрэ ээ. Итинник гыммат буол. Миэхэ эн махталыҥ – эн этэҥҥэ эрэ сылдьарыҥ. Этэҥҥэ үөрэнэриҥ, аһаан-сиэн, чэгиэн сылдьарыҥ…
– Тугуй ол, оччоҕуна, миигин уоруйах диэри гынаҕын дуо? Ол аата, оҕолорго биэрбиттэрин эйиэхэ аҕалан биэрбит диэн толкуйдуур буоллаҕыҥ. Мин ити сакалааты маарыын бэйэм харчыбынан маҕаһыынтан атыыласпытым. Манна биэрбит сакалааттарын оҕолого барыларыгар түҥэттим. Хайдах кыалларынан үллэрдим. Бэйэм биир тооромоһу сиэбэтим. Ама да мин куһаҕаным иһин, уоруйах буолбатахпын ээ, – уол хаастара түрдэстэн, харахтара уоттанан, сирэйэ бэл кырыыламмыкка дылы буолла уонна кэлэйбиттии көрөн ылаат тахсан баран хаалла…
Акаары… тугун-ханныгын быһаарсыбаккабын эрэ… оо, дьэ хайыахпын билбэппин. Дискотека саҕаламмыта да, Арыйаан биирдэ да көстүбэтэҕэ. Женя биһикки улахан кылаас уолаттара табахтаабыттарын тутан мөҕөн-этэн ыллыбыт. Ол кэмҥэ улахан, оскуоланы бүтэрбитэ ырааппыт көрүҥнээх уол киирэн кэллэ. Хайалара оскуола оҕотун үҥкүүтүгэр кэллэҕэй диэммин көрө турдахпына, мин Сайыынам утары сүүрэн тиийдэ. Ол уолу кытары ыга куустустулар, уурастылар да быһыылаах. Дьон баар диэн толлубатылар…