Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч.. Татьяна Поскачина
Чтение книги онлайн.
Читать онлайн книгу Табыллыбат/табыллыбыт таптал. Учуутал күннүгэ. 1 ч. - Татьяна Поскачина страница 11
Маҥнайгы оонньууга хоттум, үөрдүм аҕай.
– Миэхэ итии үүттээх чэйдэ кут эрэ, – кыайбыт киһи буолан дьаһайабын.
– Нет проблем, – туран чэй кутаары гыммыта, итии уу суох буолан, билиитэҕэ чэй өрө уурда. Салгыы оонньоотубут, эмиэ хоттум.
– Пахай, олох да сатаан оонньообот эбиккин дии, – киһибин барбах эрэ хантайан көрөбүн. – Били, күн тахсыытын түһэрбит хаартыскаҕын миэхэ бэлэхтээ.
– Сөп, ылаар, – Егор хаартыны буккуйа олорон хардара охсор уонна бэрт дьиктитик, туохтан эрэ тиэхэлэммиттии көрүтэлиир. Дьэ, саҕаланна ээ. Мантан салгыы оонньууларга субуруччу хотторо эрэ олордум.
– Чэйгин бэйэҥ кутун – маҥнайгы баҕата бу буолла. Ол кэннэ устуул үөһэ тахсан хоһоонно аах диэтэ. Хайыахпыный, Өксөкүлээх Өлөксөй «Ойуун түүлүттэн» быһа тардыыны ааҕан иһитиннэрдэҕим дии. Тиһэх оонньууга хотторбуппар, саҥата суох туран кэллэ уонна илиибин батарыайаҕа ылан наручниктаан кэбистэ. Мин тугу да өйдөөбөтүм, туохтан эрэ куттанан, уолуйан хааллым.
– Чэ, бээ. Эн сарсыҥҥа диэри маннык олор. Мин дьиэбэр таҕыстым, – сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх. Чахчы, баран эрэр киһилии сонун ылан кэтээри гыммытыгар, мин өлө куттаммыт санаабар хатанан олорор тимирбинэн батарыайаны лаһыгыратан, хаста да күүскэ тардыалаан ыллым. Эмискэ бычалыйан тахсыбыт хараҕым уутун симириктээн аһара сатаатым. Онуоха Егор күлэ-күлэ: «Куттаныма ээ», – диэтэ.
– Мин баарбын дии, чыычаах. Куттаныма, оонньоон этэбин, – Егор кэһиэҕирэн хаалбыт куолаһынан сибигинэйэ быластаан саҥарда. Сып-сырдык күөх харахтара уратытык чоҕулуҥнаһан ыллылар. – Өйдүүгүн, аан бастаан көрсүбүт күммүтүн? Мин онно… көрдө-көрөөт эйигин сөбүлээбитим.
Мин истибиппэр итэҕэйбэккэ, эмиэ да соһуйан, эмиэ да куттанан кумуйуохпунан-кумуйан баран саҥата суох олордум.
– Нинаа… – Егор мин тимирдээх илиибин бэйэтин илиитигэр кистии тутта.
– Кэбис, Егор. Биһиги бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билбэппит. Ыыт миигин, – салгыы туох диэҕин истимээри, кытаанахтык саба саҥаран кэбистим. Онуоха кини сирэйгэ бэрдэрбиттии чинэрис гына түстэ. Бука, маннык харданы күүппэтэх быһыылаах, саҥата суох умса көрөн олордо.
– Чэ… бырастыы гыныҥ, Нина Ивановна, – Егор уларыйбыт тоҥуй куолаһынан алҕаһын билиннэ. Илиибин босхолоот, таһырдьа тахсан баран хаалла.
Балаҕан ыйын 22 күнэ, чэппиэр
Утуйаары сытабын. Урут күннүкпүн күн көтө-көтө син толорор буоларым. Билигин бириэмэ да тиийбэт курдук. Дьэ, оҕолорум дьиэлэрин кэрийэн бүттүм. Үгүстэрэ ийэлээх-аҕалаах оҕолор эбит. Аҕыйах оҕом аҥардас ийэлээх уонна Арыйаан аҕалаах эрэ эбит. Аҕата суох чороҥ соҕотох диэхпин тылым барбат. Ийэтэ уол түөрт эрэ саастааҕар атын киһини батыһан оҕотун, кэргэнин, дьиэтин-уотун хаалларан барбыта үһү. Аҕата суос-соҕотоҕун иитээхтээбит. Кэлин улаханнык ыалдьан, хаста да балыыһаҕа киирэн сыппыт. Көрөр-харайар киһитэ суох буолан, кырдьаҕастар дьиэлэригэр ыыппыттара үһү. Убайын ааҕы ыйдаран бара сылдьыбытым да, ааннара дьиэ харбыыр